Хортуоппуйу хаһан хостуубут, хомуйабыт?

Share

Сыл ахсын хаһан да хортуоппуй хомуйбатах дьон курдук «хаһан хостуубут уонна хомуйабыт?» диэн ыйытыкка умса түһэн толкуйга түһэбит. Киин куоракка сибиэһэй хортуоппуйу атыылаабыттара ыраатта. Ким эрэ от ыйын бүтүүтэ-атырдьах ыйын саҕаланыыта хомуйбут аатырбыта, атыттар ыксаабакка балаҕан ыйын 10-15 күннэрин күүтэллэр.

Манна биири чуолкайдык этиэххэ сөп – эрдэ, болдьоҕун иннинэ, хостоммут хортуоппуйу хаһаанарга табыгаһа суох, тоҕо диэтэххэ, хаҕа олус чараас буолар. Инникитин кыра баастардаах эрдэ хомулубут хортуоппуй хаһаастаргытын барытын сутуйан, сытытыан сөп.

Үксүн оҕуруотчуттар хортуоппуй хомуйуута от-мас саһарар, хортуоппуй уга куурар, хатарар кэмигэр саҕаланар диэн быһаараллар. Ол гынан баран, хортуоппуй уга сорҕото өссө күөх турар, атына саһарбыт, сороҕо букатын да сытыйбыт буоллаҕына тугу гынабыт? Бу төрүөтэ биир — хортуоппуй олордуутугар билиҥҥи оҕуруотчуттар хортуоппуйу суортарынан уонна ханнык кэмҥэ хомуллубутунан наардаан араарбаттар, түмүгэр соччо тэҥэ суох үүнүүнү ылаллар. Хортуоппуй барыта биир кэмҥэ ыһыллан, быһа холоон 70-100 хонугунан хомуйуллуохтаах. Ол эрээри, хаппыт уктаах хортуоппуй хайдах үүнүүтүн кэрэһэлээбэт. Сорох кэмҥэ уга олус күүстээх буолар түгэнигэр, төрдүттэн силиһэ ситэ сиппэтэх, аһа кыра буолуон сөп. Онон балаҕан ыйын бүтүөр хортуоппуйу ыксаабакка ардаҕа суох күҥҥэ хомуйаргыт ордук.

Хаартыска: СИА

Арай син-биир саарбахтааһын баар буоллаҕына, биир-икки угу хостоон көрөн, аһа төһө үөскээбитинэн сөптөөх быһаарыы ылыныаххытын сөп. Маныаха хортуоппуй сиппит уонна хаҕа халыҥ буоллаҕына хомуйарга тиэтэйиҥ.

Уопуттаах оҕуруотчуттар биир кистэлэҥи сүбэлииллэр: хортуоппуйу хостооһун 10-14 хонук саҕаланыан иннинэ угун 10 см үрдүктээх хаалларан баран, охсон ылаҕыт. Бу олус туһалаах ньыма диэн кэпсииллэр. Бастатан туран, охсуллубут уктаах хортуоппуй түргэнник ситэр, ону кытта хаҕа халыҥыыр, тымныыга тулуйумтуо буолар. Иккиһинэн, хортуоппуй угар мунньуллубут куһаҕан эттиктэр аһыгар тарҕамматтар уонна үүнүүнү харайыы хаачыстыбатын үрдэтэр.

Саина Колодезникова, Тускуяна Игнатьева хаартыскаҕа түһэриилэрэ

Хортуоппуйу бүтүннүү хостоон баран, бааһынаҕа сыыс отун, уктарын хаалларымаҥ. Бааһынаҕа ыһыллан хаалларыллыбыт хортуоппуй уга, ону кытта сыыс от  араас ыарыылары, тэллэйи тарҕатар табыгастаах усулуобуйа үөскэтэр, оччотугар эһиилги сылга үүнээйигэ улахан хоромньуну таһаарары сабыдыаллыыр. Эһиилиги сылга сыыс ото өссө күүскэ тарҕанан, үлэни уустугурдан биэриэ.

Хортуоппуйу хомуйаат, бааһынаҕа быһаччы кураанах сиргэ куурдар табыгастаах. Куулламмыт хортуоппуйу аҕыйах нэдиэлэ устата хараҥа сиргэ туруораллар эбэтэр хараҥа сиргэ кутаҕыт. Бу кэм устата сытыйбыт хортуоппуйу арааран ыларга табыгастаах кэм ситиһиллэр. Ол кэннэ хаттаан хортуоппуйу сүүмэрдээн, суортарынан арааран баран бэлэмнэммит кураанах дьааһыктарынан  +2+5 С кыраадыска харайа уурабыт.

What’s your Reaction?
+1
16
+1
1
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Пушкин каартатын» туһаныыга Опера, балет тыйаатыра бастаата

"Пушкин каартатын" көмөтүнэн, тыһыынчанан оҕо култуура тэрилтэлэригэр сылдьар, кэрэҕэ кыттыһар кыахтаннылар.  "Пушкин каартата" култуура, дьиэ…

3 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бу сылга уоппускаҕа ханнык ыйдарга барар табыгастааҕый?

2025 сылга уоппускаҕа барарга саамай табыгастаах ыйдарынан от ыйа уонна алтынньы буолаллар. Бу туһунан РИА-Сонуннарга…

18 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Эйгэ» үҥкүү ансаамбыла норуоттар икки ардыларынааҕы «Снежный журавль» бэстибээлгэ Гран-при ылла

2024 сыл тохсунньу 6-7 күннэригэр КНР Цицикар куоратыгар 4-с норуоттар икки ардыларынааҕы «Снежный журавль» бэстибээл-күрэс…

33 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

РФ Бырабыыталыстыбатыгар уот эбийиэктэрин генеральнай схематын бигэргэттилэр

РФ Бырабыыталыстыбатыгар 2042 сылга диэри дойду энэргиэтикэҕэ эбийиэктэрин генеральнай схематын бигэргэттилэр. Докумуоҥҥа чуолаан РФ Судаарыстыбаннай…

48 минут ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Эбэтин харчытын суйдаппыт

Түөкүттэр оҕону да албынныылларын кэрэйбэттэр. Харчы харбаан ылар туһуттан тугунан барытынан олуйаллар-моһуйаллар. ИДьМ 2 №-дээх…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга 4 сулустаах гостиница тутуллуоҕа

Дьокуускай куорат киинигэр, Чернышевскай уулуссатыгар 12 этээстээх аныгы гостиница тутуллуоҕа. Бу туһунан Ил Дархан "РИК"…

1 час ago