Хортуоппуйу, оҕуруот аһын уунан уонна бөртөлүөтүнэн тиэрдэллэр

Share

Хоту улуустары хортуоппуйунан, оҕуруот аһын хааччыйыынан Арктикатааҕы эргиэн-логистика хампаанньата дьарыктанар. Бу күннэргэ Абый, Аллайыаха уо.д.а улуустар олохтоохторо сибиэһэй оҕуруот аһын тутан, үөрүүлэрэ муҥура суох. Ол курдук, холобура,  Аллайыаха улууһун олохтоохторо “Мальчиков” хараабылынан айаннаан кэлбит хортуоппуй, хаппыыста, моркуоп, сүбүөкүлэ хаачыстыбата үчүгэйин бэлиэтииллэр. Аллайыахаҕа 56,72 туонна тиэрдиллибит.

— Биһиэхэ, Быйаҥныыр нэһилиэгэр, хортуоппуйу уонна атын оҕуруот аһын бу ааспыт өрөбүлгэ мотуордаах оҥочонон аҕалбыттара. Онон улуус кииниттэн 2,5 т хортуоппуй уонна оҕуруот аһа кэллэ, — диэтэ Быйаҥныыр нэһилиэгин баһылыга Анастасия Большакова.

Хаартыска: Арктикатааҕы эргиэн-логистика хампаанньатын Абыйдааҕы филиалын хаартыскалара
Хаартыска: Арктикатааҕы эргиэн-логистика хампаанньатын Абыйдааҕы филиалын хаартыскалара
Хаартыска: Арктикатааҕы эргиэн-логистика хампаанньатын Абыйдааҕы филиалын хаартыскалара
Хаартыска: Арктикатааҕы эргиэн-логистика хампаанньатын Абыйдааҕы филиалын хаартыскалара
Хаартыска: Арктикатааҕы эргиэн-логистика хампаанньатын Абыйдааҕы филиалын хаартыскалара
Хаартыска: Арктикатааҕы эргиэн-логистика хампаанньатын Абыйдааҕы филиалын хаартыскалара
Хаартыска: Арктикатааҕы эргиэн-логистика хампаанньатын Абыйдааҕы филиалын хаартыскалара

Бу нэдиэлэ бүтэһигэр сибиэһэй оҕуруот аһа Аллайыаха улууһун Оленегорскайыгар эмиэ мотуордаах оҥочонон барыаҕа. Өссө Абыйтан Аллайыаха саамай кытыы, суола-ииһэ суох нэһилиэгэр – Бөрөлөөххө (Чкалов сэл.) бөртөлүөтүнэн тиийэрэ былааннанар. Былырыын эмиэ маннык тиэрдибиттэрин нэһилиэнньэ биһирээбит. Бу туһунан Арктикатааҕы эргиэн-логистика хампаанньатын генеральнай дириэктэрэ Анна Григорьева “Саха сирэ” хаһыакка иһитиннэрдэ.

Бу курдук, Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын оҕуруотчуттара үгүс сыраларын-сылбаларын ууран туран үүннэрбит хортуоппуйдара, оҕуруоттарын аһа хоту улуустар олохтоохторугар кэмигэр тиийэрин туһугар тустаах хампаанньа үгүс сыратын уурар.

Оттон бу хаартыскаларга Абый улууһугар хайдах илдьэн сүөкээбиттэрин көрөҕүт. Тиэйээччилэр даҕаны, олохтоохтор даҕаны түбүк бөҕөнү көрсүбүттэр. Барытын түргэнник дьаһайыахха, оннун булларыахха, атыылыахха наадатын хааччыйааччылар өйдүүллэр.  Онон көрөргүт курдук, маҕаһыыннарыгар оҕуруот аһа, атын да ас-үөл толору.  Ол аата кыстыкка бэлэмнэр.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

4 часа ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

4 часа ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

4 часа ago