Хорук тымыры эпэрээссийэлиир хирург – Антон Яковлев
Саха сиригэр ааспыт сыл ахсынньытыгар атах хорук тымырдарыгар кыра хайаҕаhынан киирэн, үрдүк технологиялаах уустук эпэрээссийэлэр аан бастаан оҥоһуллубуттара.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа-Суһал мэдиссиинискэй көмө киинин устуоруйатыгар киирэр бастакы эпэрээссийэ Boston Scientific фирма саҥа Jetstream PVCN 100 мэдиссиинэ үрдүк технологиялаах аппараатын көмөтүнэн оҥоһуллубута.
Ыарыыны быһаарарга уонна эмтииргэ рентгенохирургия ньымаларын быраастара саҥа аппарааттарынан биэс киһини эпэрээссийэлээбиттэрэ, кинилэр бары этэҥҥэ үтүөрэн тахсыбыттара.
Быраастар этэллэринэн, тымыр ыарыыларыгар мэдиссиинискэй өҥөнү оҥоруу билиҥҥи туругунан уустуктардаах, кэккэ ыарахаттардаах. Ол иһин, ити ыарахаттары учуоттаан, аныгы мэдиссиинэ ситиhиилэригэр олоҕуран, балыыһа салалтата Jetstream PVCN 100 аппарааты атыылаһарга быһаарыммыта. Сэтинньи саҥатыгар өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох бу аппараакка үлэлииргэ рентгенохирургия ньымаларын отделениетын быраастарыгар Благовещенскайтан кэлэн маастар-кылаастары ыыппыттара. Биһиги быраастарбыт үөрэнээт да, тымыр эркиннэригэр үөскээбит атеросклеротическай бляшкалары ыраастыыр аппараат ньыматынан атах хорук тымырдарыгар эпэрээссийэлэри оҥортуур буолбуттара.
Хорук тымыр кыарааһынын сүрүн төрүөтүнэн киэҥник тарҕаммыт атеросклероз диэн ыарыы – хорук тымыр эркиннэригэр атеросклеротическай бляшкалар үөскүүллэрэ буолар. Бу бляшкалар улааттахтарына, тымыр кыарыыр эбэтэр сабыллан хаалар, ол хаан эргиирэ кэһиллиитигэр тириэрдэр.
Үрүҥ халааттаах аанньал Антон Антонович
Биһиги Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа-Суһал мэдиссиинискэй көмө киинин бастакы хирургическай отделениетыгар туһанылла сылдьар саҥа мэдиссиинискэй ньыма туһунан билсэ тиийбиппитигэр тымыр хирура, мэдиссиинэ наукатын хандьыдаата Антон Антонович Яковлев билсиһиини ыарыһахтарын кытары кэпсэтииттэн саҕалаата.
Балааталарга эрэ буолбакка, көрүдүөргэ эмиэ ыарыһахтар сыталларын көрөн бастаан олус соһуйдубут. Кыараҕас көрүдүөргэ кэлээскэнэн сыҕарыйар дьону өйдөөн көрдөххө, сорохторо аҥаар атахтара суох, сорохторо бүтүннүү бэрэбээски буолбуттар. Биллэн турар, көрөргө дьулаан соҕус… Онтон биир балаатаҕа киирбиппит уонча эр киһи сытар, үгүстэрэ саастаахтар, аҕыйах аҕай үлэлиир саастаах дьон баар.
Кинилэргэ үрүҥ халааттаах аанньал буолбут Антон Антонович киирэн кэлбитигэр, бары кини диэки эрэммит харахтарын бэлиэтии көрөн, бэйэбит да долгуйдубут.
Бастакы ыарыһах:
«50 сааспын ааһан баран атаҕым ыалдьар буолбута 5-6 сыл буолла. Урут атах ыарыыта диэни билбэт этим. Хааным баттааһына үрдээбитэ, кыайан хаампат буолбутум. Аа-дьуо сынньана-сынньана сыҕарыйдахпына, 50-100 миэтэрэни хаамарым. “Сото уҥуоҕун атеросклероһа” дииллэр. Мэдиссиинэ национальнай киинигэр иккитэ эпэрээссийэлэммитим, тобугум аннынан шунтирование оҥорбуттара. Ол эрээри, эмиэ бүөлэнэн хаалан, уруккум курдук ыалдьан барбыта. Билигин эпэрээссийэҕэ барыахтаахпын, бүөлэммит тымырбын арыйан ыраастыахтаахтар».
Иккис ыарыһах, Усуйаанаттан сылдьар:
“Атахпын тымныта сылдьыбытым, эмиэ атаҕым тымыра бүөлэммит үһү. Атаҕым ыалдьар, түүн тыытар, хаамтарбат буолан хаалбыта. Ыарыыбын тулуйа сатыы сылдьыбытым, Депутатскайга УЗИ суох. Мэдиссиинэ национальнай киинигэр көрдөрө кэлбиппин бу балыыһаҕа ыыттылар. Хорук тымырым бүөлэммит үһү…”
Үһүс ыарыһах:
“Элбэх эпэрээссийэни ааспытым, протез да оҥорторбутум. Ол үрдүнэн тымырым бүөлэнэн, хааным кыайан эргийбэт буолан, тарбахтарым харааран хааллылар”.
Дьэ, бу кэпсэппит дьонум бары тымырдара бүөлэнэн, уорганнарыгар хаан сүүрэрэ мөлтөөн, аҕыйах хонугунан атахтарын хорук тымырдарыгар эпэрээссийэҕэ киирээри сыталлар. Этэҥҥэ буоллаҕына, атахтара быыһанар эбэтэр быһыллар (ампутация) дьылҕалаах эбиттэр. Ол эрэн, мэдиссиинэ улаханнык сайдан, эрэл баар.
Тымыр бүөлэниитин төрүөтэ үөрэтиллэ илик
АНТОН ЯКОВЛЕВ:
– Аан бастаан үлэлиир сылларбар ыарахаттар элбэх этилэр. Улахан уларыйыы суоҕа, барыта уруккунан хаалбыт курдуга… Балыыһабыт, аата да этэрин курдук, киһи олоҕор кутталы үөскэтэр туруктаахтарга суһал көмөнү оҥорор.
Ону таһынан, илии-атах ыарыылаах дьон эмиэ биһигинэн ааһаллар. Холобур, сүрэхтэрэ ыалдьар дьон хааннара бөлөнүйэн, мунньуллан, атахтарын хорук тымырдарын бүөлээн кэбиһэр, хаан эргиирэ тохтоон хаалар. Ыарыылара сытыырхайар, атахтара тоҥор, мастыйар. Онно эмиэ бириэмэ оонньуур, 2-3 чааһынан хаанын эргиирин чөлүгэр түһэрбэтэххинэ, кини атаҕа суох хаалар, быһыллар кутталланар, олох олорон бүтүөн да сөп, оннук эмиэ буолар. Итинник ыарыы – суhал көмөҕө наадыйар турук.
Атеросклероз уонна саахарынай диабет
Кэлиҥҥи кэмҥэ маннык ыарыылар аһара элбээн эрэллэр. Этэрбит курдук, киһи 40-50 сааһыттан ыарыы диэн тугун билэн барар. Ити көрдөрбүт, кэпсэппит дьоммуттан иккитэ атеросклероз ыарыылаахтар, үһүс киhибит саахарынай диабет диэн эндокриннай ыарыылаах. Кинилэр этэллэринэн, бастаан тобуктара, бөтөҕөлөрө, быччыҥнара ыалдьыбыттар, ырааҕы кыайан хаампат буолбуттар, түргэнник хаамаары гыннахтарына атахтарын бөтөҕө былчыҥа хам ылан кэбиһэр, ол иhин тохтоон сынньаналлар, ыарыыта аастаҕына, хааман бараллар. Ити кэпсээбит сибикилэрэ ыарыы 2-с стадията буолар. Бу атах тымырдарыгар атеросклероз диэн ыарыы 1-2-3-4 стадиялаах.
Тымыр бүөлээһинин төрүөтэ үчүгэйдик үөрэтиллэ илик. Киһи сааһыран истэҕин аайы, боростуойдук эттэххэ, организма кырдьар, ол курдук хорук тымырдарбыт кырдьаллар, элэйэллэр. Ол гынан баран, мин саныахпар, тымныйыы, кириип, атын да ыарыылар киhи туругар содула суох ааһан хаалбаттар. Бу ыарыылар, бактериялар, вирустар тымыр эркиннэрин ис өттүттэн сиэн, бааһырдан, чэр курдук буолан хаалаллар. Аспытыттан буолуон эмиэ сөп уонна, эрдэ эппитим курдук, ханнык баҕарар ыарыы туох да суола-ииһэ суох хаалбат. Ол чэрдийбит, бааhырбыт сирдэринэн хаан эргиирэ тохтуур, ити этэр бляшкаларбыт үөскүүллэр. Маннык көстүү ковидынан ыалдьыбыт дьонно элбэхтик бэлиэтэммитэ. Статистика этэринэн, элбэх киһи ковид кэнниттэн хаанын баттааһына үрдүүр буолбут. Хаан тоҕо бөлөнөх буоларый? Ол аата туох эрэ мэһэйдиир, бүөлүүр. Ковид вируһа тымыр ис сарыытын бааһырдан, кыра диаметрдаах тымырдар хааны тымыр устун кыайан аһардыбакка бөлөнүтэн кэбиһэллэр. Хаан бөлөнүйүүтүн дьиҥнээх механизма итиннэ сытар дии саныыбын.
Мэдиссиинэ уопсай өйдөбүлүнэн, «атеросклероз артерий нижних конечностей» эбэтэр «облитерирующий атеросклероз» диэн ыарыылары холестериновай бляшкалар үөскэтэллэр диэн ааттыыллар. Сыалааҕы-арыылааҕы аһара сииртэн хааннарыгар холестериннара үрдээн, итинник бляшкалар үөскүүллэр. Бляшкаларбыт төһөнөн улаатан хорук тымырдар бүөлэнэллэр да, оччонон ыарыы хам ылан иhэр. Ханнык баҕарар киһиэхэ бу ыарыы кырдьар сааһыгар кутталлаах. Ол дьэ, сааһыран истэҕин аайы биллэрэн иһэр.
Атах атеросклероhын ыарыытыгар «хроническай турук» уонна «уопсай турук» диэн баар. Хроническай турукка киһи тута эмискэ ыалдьан барбат. Ыарыы бытааннык хам ылан иhэр. Бастакы стадиятыгар атахтарын бөтөҕөтө, иҥиирдэрэ тардар, тонор курдук буолар, ону аахайбаттар. Иккис стадияларыгар ити туруктара күүһүрэр, хаамар сирдэрэ кыччыыр, эмиэ «бэйэтэ ааһыа» дии саныыллар, аахайбаттар. Бу туруктарыгар аны атах ыарыыта холбоhор, бастаан син тулуйумтуо, онтон күүһүрэн барар, оччоҕо эрэ долгуйаллар. Бу – ыарыы 3 стадията. Онтон ыарыы 4 стадията саҕаланар. Бу манна оспот баастар атахтарын тарбаҕар, сотолорун тириитигэр тахсан кэлэр. Атахтарын ыарыыта күүһүрэр, олордубат да, сытыарбат да буолар, гангренаҕа тириэрдэр, атахтарын сүтэрэр турукка киирэллэр.
Онтон саахарынай диабетттах дьон ыарыыта атыннык барар. Онно микрокапиллярнай таһымҥа тымырдара бүөлэнэр, хааннарын эргиирэ тохтуур, тарбахтара харааран, сытыйан киирэн барыан сөп. Хаан киирэрэ мөлтүүр, атахтара ыалдьаллар, инфекция холбоhор, сытыйан-ымыйан оспот баастар үөскүүллэр. Манна атеросклероз уонна диабет тэннэ барыахтарын сөп, бараллар даҕаны.
* * *
Jetstream PVCN 100 аппараат баар буолуон иннинэ эрэйдээх соҕус этэ. Үксэ киритиичэскэй ишемиялаах, 4-с стадияҕа сылдьар ыарыhахтар буолаллар. Ыллыҥ да, тымыры кыайан арыйбаккын. Ол иһин, эпэрээссийэлэрбит үксэ атаҕы быһыынан түмүктэнэрэ. Тарбахха баттанар эрэ киһи атаҕын быстарбакка үтүөрэн тахсара.
Билигин оҥорор эпэрээссийэлэрбитигэр тымыр иһигэр атеросклерическай бляшкалары ити саҥа аппараат көмөтүнэн кыhыйан ыраастыыбыт, ханаалын оҥоробут уонна эбии стент туруорабыт, хаан эргиирин хорук тымырдарга сөргүтэн биэрэбит, ол түмүгэр ыарыы стадията кыччыыр эбэтэр отой сүтэр.
Дьэ, бу саҥа ньыма туттуллуоҕуттан ыла аны атах ханан быһылларыгар болҕомтобутун уурар буоллубут. Урут өлбүт атаҕы самахтарын аннынан быhар эбит буоллахха, билигин быhыллар сирин кыччата сатыыбыт. Ол бастакы түһүмэххэ төһө кыалларынан тымырдарын арыйа сатыыбыт, хаана киирэр буоллаҕына, ханан быhылларын быhаарабыт. Ол курдук, атаҕы сототунан быстаххына, ыарыһах протез кэтэригэр да табыгастаах буолар, атын киһи көмөтө суох хаамыан, бэйэтин көрүнүөн сөп. Ол иһин, тымыр хирурдарын иккис сыалынан-соругунан атаҕы төһө кыалларынан кылгастык быһааһын буолар. Урут саахарынай диабеттаах дьоҥҥо уопсай ылыллыбыт ньыманан салайтаран, самахтарын аннынан быhыллар буолара. Онтон билигин тымырдарын арыйан көрөн, хорук тымырдарыгар хаана үчүгэйдик киирэр буоллаҕына, быhыллар сирин кыччатан биэрэбит. Оччотугар үчүгэйдик остоҕуна, протез кэтэн киһи бэйэтэ хаамар кыахтанар, социальнай-психологическай туруга тупсар. Онтон үөһэнэн быһан кэбистэхпитинэ, киһи бэйэтин кыайан көрүммэт, киһи көрүүтүгэр киирэр, олоҕо кылгыыр.
Ыарыыны сэрэтиэххэ сөп дуо?
– Биһиги оҥорор эпэрээссийэлэрбит бу эппит ыарыыбыт 2-с, 3-с стадияларыгар ордук көдьүүстээхтэр диэн сыаналыыбыт. Ол эбэтэр, атах тымырдарыгар атеросклероз ыарыы содулун эрдэттэн сэрэтии, саамай ыарахан стадиятыгар тириэрдибэккэ була сатааһын диэн ааттанар.
Ыарыыны сэрэтэргэ поликлиника таhымыгар үчүгэй үлэ барыан наада, нэһилиэнньэ диспансеризацияҕа сылдьыахтаах. 40-50 сааһын аһарбыт киһи «ультразвуковое исследование артерий нижних конечностей» диэн чинчийиини хас сыл аайы биирдэ ааhара ирдэниллиэхтээх. Бу билиҥҥи туругунан саамай судургу уонна табыгастаах чинчийии буолар, тымырдара ханан кыараабыттара, сабыллыбыт учаастактара барыта көстөн кэлэллэр. Тымыр иhэ төһө кыараабытын, сабыллыбытын, ханан баарын көрөн суоттаан таһаараллар. Тымыр кыарааhына 70 бырыһыантан үрдүк буоллаҕына, бу туттар ньымабытыгар былааннаан ыытыахтарын наада.
Онон, ыарыыны сэрэтэргэ, ыарыы кыра стадиятыгар эмтииргэ бу ньымабыт ордук табыгастаах. Ыарыыбыт 4-с стадияҕа көспүт буоллаҕына, эмтииргэ ыарахан.
Биһиги балыыһабыт саҥа ньыманы туһанан, бу маннык ыарыылаах дьону эмтээhиннэ иннибит диэки улахан хардыыны оҥордо, атыннык эттэххэ, хроническай ишемияны утары хайыы үйэ атыннык, саҥалыы ньыманан үлэлээн эрэбит. 2023 сылтан күн аайы да буолбатар, бэнидиэнньиккэ, сэрэдэҕэ, бээтинсэҕэ былааннааах эпэрээссийэлэр оҥоһулла тураллар. Мэдиссиинэ национальнай киинэ 2-3 стадиялаах ыарыһахтары биһиэхэ ыытар. Ыарыһах ахсаана элбии турар. Күҥҥэ 2 эпэрээссийэни оҥороллор. Тоҕо диэтэххэ, маннык эндовискулярнай ньыманан оҥоһуллар эпэрээссийэ уустук, сэрэнэн туттууну эрэйэр. Ол иhин, оҥоhуллар бириэмэтэ уһун, күн аҥаара кэриэтэ барыан сөп..
Тымыр хирургиятын отделениета аһылыннар…
– Итинник үрдүк технологиянан эпэрээссийэ оҥорор буоллаххытына уонна ыарыһах да элбээбитинэн, тымыр хирургиятын отделениета арыллыан сөп эбит дуу?
– Уопсайынан, биһиэхэ тымыр хирургиятын отделениета туспа баара эбитэ буоллар, отой үчүгэй буолуо этэ. Тоҕо диэтэххэ, ыарыһахтарбыт ахсааннара сыл аайы эбиллэ турар чинчилээх, ити ыарыһахтарбытыгар саахарынай диабеттаахтар эбиллэр буоллулар, ноҕуруускабыт үрдээтэ.
Бэйэм холобурбар эттэхпинэ, 1990-с сылларга, устудьуоннуур кэммэр атеросклерозтаахтар, илиилэрин-атахтарын быстарааччылар, саахарынай диабеттаахтар, инсуллааччылар тарбахха баттаналлар этэ. Онтон билигин маннык ыарыылаах дьон лаппа элбээтэ, элбиир туруктаах. Билиҥҥи туругунан, тымыр ыарыhахтарга хирургия стационарын иһинэн 5 куойка көрүллэн турар. Ол куойкабытыгар уонтан тахса киһи сытар. “Хирургия-2” отделениеҕа эмиэ итинник уонтан тахса киһи сытар. Ол аата сүүрбэччэ киһи 5 куойкаҕа эмтэнэ сытар. Бу сыыппара хаhан да кыччаабат, өссө элбиир туруктаах.
Билиҥҥитэ биhиги балыыhабытыгар үлэлии сылдьар тымыр хирура иккиэбит, Дьокуускайга тымыр хирургиятыгар ординатура аһыллыбыта, онно 3 ординатор үөрэнэ сылдьар. Онон, исписэлиистэр тахсан иһиэхтэрэ.
Онон, быраастарбыт ыарыы содулуттан уонна инбэлииккэ тахсыыттан элбэх киһини быыһыырга эрэллээхтэр.
БЫҺААРЫЫ:
Антон Антонович Яковлев мэдиссиинэ наукатын хандьыдаата, РФ уонна СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, үрдүк категориялаах быраас, Бүлүү улууһун I Күүлэт нэhилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.
Бүлүү улууhугар I Күүлэккэ төрөөбүтэ. Оҕо сааhа, оскуола кэмнэрэ төрөөбүт нэhилиэгэр ааспыттара. Үс сыл Кыһыл Знамялаах Хотугу муора байыаннай флотугар Ийэ дойдутугар ытык иэhин толорон сулууспалаан кэлбитэ. Онтон Саха судаарыстыбаннай университетын мэдиссиинэ факультетыгар үөрэххэ киирбитэ. Үөрэҕин быыһыгар Дьокуускай куорат балыыһатыгар санитарынан, онтон медбратынан үлэлээбитэ. Үөрэҕин бүтэрэригэр специализацияны таларыгар хирург буоларга быһаарыммыта.
Үөрэҕин бүтэрэн баран, дойдутугар Бүлүүгэ баран 15 сыл таhаарыылаахтык хирурдаабыта. Бүлүүгэ үлэлии олорон, РФ үтүөлээх бырааһа, мэдиссиинэ наукатын дуоктара, академига, бэрэпиэссэр Михаил Михайлович Винокуров иилээн-саҕалаан, ыйан-кэрдэн биэрэн, 2005 сылтан кандидатскай үлэтигэр ылсан, түөрт сылынан үөс тааһырыытыгар кандидатскай үлэтин көмүскээбитэ.
Дьокуускайга аһыллыахтаах Сүрэх-тымыр киинигэр исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ хабыллан, сүрэх-тымыр хируругар үөрэнэн, ординатураны Томскайга бүтэрбитэ.
2014 сыллаахха ординатураны бүтэрэн кэлэригэр Сүрэх-тымыр киинэ тутуллан бүтэ илик буолан, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 нүөмэрдээх балыыһаҕа кэлбитэ. Онтон ыла “Хирургия 1” отделениеҕа анал үөрэхтээх тымыр хирурунан таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар.
Мария ВАСИЛЬЕВА уонна Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа пресс-сулууспатын хаартыскалара
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: