Хорулаҕа бэтэрээннэр түөрт көрүҥҥэ күрэхтэстилэр
Ньурба улууһун Хорулатыгар бэтэрээннэр ортолоругар спортивнай күрэхтэр буолан аастылар.
Тохсунньу 18 күнүгэр Хорулаҕа Кыайыы 80 сылыгар аналлаах аҕа саастаах бэтэрээннэр ортолоругар спортивнай күрэхтэр түөрт араас көрүҥҥэ үрдүк таһымнаахтык ыытылыннылар. Ыаллыы олорор Сунтаар улууһун үс нэһилиэгиттэн уонна Ньурбабыт тоҕус нэһилиэгиттэн барыта 57 күрэхтэһээччи кэлэн кэрэккии (городки), дартс, саахымат уонна дуобат күрэхтэһиилэригэр күөн көрүстүлэр.
Тэрээһиммит саҕаланыытыгар Аҕа баһылыкпыт Иванов Тимофей Алексеевич тыл эттэ уонна ыалдьыттарбытыгар эҕэрдэ суруктары, сэмэй бэлэхтэри туттартаата. Ньурба куорат бэтэрээннэрин бэрэссэдээтэлэ Егоров Виктор Николаевич, Сунтаар улууһун кэрэккии федерациятын салайааччыта Павлов Ким Николаевич, биир дойдулаахпыт Мира Никитична Алексеева, эмиэ биир дойдулаахпыт Ньурба улууһун инбэлииттэр обществоларын бэрэссэдээтэлэ Алексеев Александр Еремеевич, «Ийэ Тыл» көҥүл түмсүү Ньурбатааҕы салаатын салайааччыта Макаров Евгений Ефремович, биир ытыктыыр кырдьаҕаспыт Кюдяков Василий Васильевич, о.д.а тыл эттилэр сэмэй бэлэхтэри туттардылар.
Күрэх тыҥааһыннаах буолла диэххэ сөп, барыта холбоон түөрт көрүҥҥэ 140 киһи суруттаран кииристилэр.
Дьахталларга кэрэккиигэ:
1 — м. Саввинова А.Д., Ньурба
2 — м. Павлова Н.Н., Сунтаар
3 — м. Яковлева Г.Д., Ньурба
Эр дьоҥҥо:
1 — м. Андреев В.А., Ньурба
2 — м. Павлов К.Н.,Сунтаар
3 — м. Павлов К.Н.,Сунтаар
Саахымакка:
1 — м. Николаев Г.К., Сунтаар
2 — м. Николаев Н.Г.,Акана
3 — м. Иванова А.Е., Хорула
Дартска:
1 — м. Захарова Т.А.,Ньурба
2 — м. Андреев В.А.,Ньурба
3 — м. Петрова Р.Д., Ньурба
Дуобакка:
1 — м. Николаев Г.К., Сунтаар
2 — м. Семёнов Н.А., Ньурба
3 — м. Кононов В.В.,Күндээдэ.
Махтаныам этэ биһигини мэлдьи өйүүр спонсордарбытыгар — «Мичийэ», «Юлия», «Уйгу», «Роза» атыы-эргиэн маҕаһыыннарбытыгар.
Тимофеев С.В.,»Хорула» МТ спортинструктора
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: