Хорулаҕа бэтэрээннэр түөрт көрүҥҥэ күрэхтэстилэр

Share

Ньурба улууһун Хорулатыгар  бэтэрээннэр ортолоругар спортивнай күрэхтэр буолан аастылар.

Тохсунньу 18 күнүгэр  Хорулаҕа Кыайыы 80 сылыгар аналлаах  аҕа саастаах бэтэрээннэр ортолоругар спортивнай күрэхтэр түөрт араас көрүҥҥэ үрдүк таһымнаахтык ыытылыннылар.  Ыаллыы олорор Сунтаар улууһун үс нэһилиэгиттэн уонна Ньурбабыт тоҕус нэһилиэгиттэн барыта 57 күрэхтэһээччи кэлэн кэрэккии (городки), дартс, саахымат уонна дуобат күрэхтэһиилэригэр күөн көрүстүлэр.
Тэрээһиммит саҕаланыытыгар Аҕа баһылыкпыт Иванов Тимофей Алексеевич тыл эттэ уонна  ыалдьыттарбытыгар эҕэрдэ суруктары, сэмэй бэлэхтэри туттартаата. Ньурба куорат бэтэрээннэрин бэрэссэдээтэлэ Егоров  Виктор Николаевич, Сунтаар улууһун кэрэккии федерациятын салайааччыта Павлов Ким Николаевич, биир дойдулаахпыт Мира Никитична Алексеева, эмиэ биир дойдулаахпыт Ньурба улууһун инбэлииттэр обществоларын бэрэссэдээтэлэ Алексеев Александр Еремеевич, «Ийэ Тыл» көҥүл түмсүү Ньурбатааҕы салаатын  салайааччыта Макаров Евгений Ефремович, биир ытыктыыр кырдьаҕаспыт Кюдяков Василий Васильевич, о.д.а тыл эттилэр сэмэй бэлэхтэри туттардылар.

Күрэх тыҥааһыннаах буолла диэххэ сөп, барыта холбоон түөрт көрүҥҥэ 140 киһи суруттаран кииристилэр.
Дьахталларга  кэрэккиигэ:
1 — м. Саввинова А.Д., Ньурба
2 — м. Павлова Н.Н., Сунтаар
3 — м. Яковлева Г.Д., Ньурба
Эр дьоҥҥо:
1 — м. Андреев В.А., Ньурба
2 — м. Павлов К.Н.,Сунтаар
3 — м. Павлов К.Н.,Сунтаар
Саахымакка:
1 — м. Николаев Г.К., Сунтаар
2 — м. Николаев Н.Г.,Акана
3 — м. Иванова А.Е., Хорула
Дартска:
1 — м. Захарова Т.А.,Ньурба
2 — м. Андреев В.А.,Ньурба
3 — м. Петрова Р.Д., Ньурба

Дуобакка:
1 — м. Николаев Г.К., Сунтаар
2 — м. Семёнов Н.А., Ньурба
3 — м. Кононов В.В.,Күндээдэ.

https://t.me/MP_NRB
https://t.me/MP_NRB
https://t.me/MP_NRB
https://t.me/MP_NRB
https://t.me/MP_NRB

Махтаныам этэ биһигини мэлдьи өйүүр спонсордарбытыгар — «Мичийэ», «Юлия», «Уйгу», «Роза» атыы-эргиэн маҕаһыыннарбытыгар.

 Тимофеев С.В.,»Хорула» МТ спортинструктора

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саха сиригэр оҥоһуу өй ФЛГ түмүгүн таһаарыа

Оҥоһуу өй көмөтүнэн флюорография анализтааһынын тиһигин туһаныы чинчийии түмүгүн ылар болдьоҕун аччатар, гиподиагностика түбэлтэтин аҕыйатар,…

1 минута ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүлүү волонтердара байыастарга көмө оҥордулар

Бүлүү улууһун «Бүлүү Харысхал» хамсааһына бу сылга үктэнэн баран үһүстээн нэһилиэнньэттэн аахсыйа быһыытынан тоҥ аһылыгы…

31 минута ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга 23 саастаах кыыс төлөпүөн уорууга буруйданна

Дьокуускай полициятын дьуһуурунай чааһыгар мобильнай төлөпүөнү уорбуттарын туһунан олохтоох киһиттэн сайабылыанньа киирбит. Холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Быайыастарга тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанарга кыах биэрдилэр

Дойду Бырабыыталыстыбата байыаннай дьайыы бэтэрээннэригэр уонна кыттааччыларыгар анаан тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга граннары биэрэр «Агромотиватор» бырагырааманы…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Хантараагынан байыаннай сулууспаҕа ыҥыраллар

Хантараагынан байыаннай сулууспаҕа барыан баҕалаах гражданнар ирдэбиллэргэ сөп түбэһэр буолуохтаахтар: 18 саастарыттан үөһэ үчүгэй доруобуйалаах уонна физическэй бэлэмнээх…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Владимир Путин КНР бэрэссэдээтэлин Си Цзиньпины кытары кэпсэттэ

Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин тохсунньу 21 күнүгэр видео-сибээһинэн Кытай Народнай Өрөспүүбүлүкэтин бэрэссэдээтэлин Си Цзиньпины…

2 часа ago