Хорулаҕа — көхтөөх субуотунньук
Бэҕэһээ, алтынньы 13 күнүгэр, Аҕа күнүн көрсө нэһилиэк аҕалара, эр дьоно көхтөөх кыттыылаах улахан субуотунньук буолла.
Нэһилиэкпит Аҕа баһылыга Тимофей Иванов улахан тиэхиньикэлээх дьону кытта кэпсэтэн, үлэни сөпкө былааннаан, хорутуулаах үлэ буолла. Ол курдук, урукку Сэбиэскэй кэмҥэ 1976 сыллаахтан тигинэччи үлэлээбит пилораамабытын көтүрэн, миэстэтин ыраастааһын үлэтэ барда. Барыта субуотунньукка 9 МТЗ — 82 трактор, 1 Урал бортовой массыына үлэлээтэ.
Дьаһалта, култуура кыргыттара итии чэйинэн, миининэн, ас арааһынан күндүлээтилэр.
Бу ыраастаммыт миэстэҕэ инникитин саҥа спортсаала, хочуолунай тутуллара былааннанар.
Бу эргэ пилораамабытыгар биһиги аҕа саастаах дьоммут үлэлээн үрүҥ-хара көлөһүннэрэ тохтон, күүрээннээх үлэ кэмнэрэ аастаҕа. Үтүмэннээх дьиэ-уот, тэрилтэ дьиэлэрин тутуутун маһа барыта бу пилораамабыт нөҥүө аастаҕа. Пилораамщигынан Степанов Егор Ионович үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.
Бүгүҥҥү күммүт «Үлэ — үөрүү, үлэ — дьол!» луоһунунан олус көхтөөхтүк, бэрт тэрээһиннээтик, астыктык ааста. 70-тан тахса киһи субуотунньукка кытынна. Бары кыттыбыт дьоннорбутугар, бэйэлэрин трактордарынан тиэйбит-таспыт уолаттарбытыгар баһылык Тимофей Алексеевич истиҥ махталын биллэрдэ: «Бу барыта — ыччаппыт, олохтоох дьоммут, кэскилбит туһугар оҥоһуллар. Хоһуун, хоодуот дьонноох хорулалар дуо дэтэр үтүө ааппытын бу курдук биир сомоҕо өрө тута сылдьыаҕыҥ!».
Лариса Андросова, бибилэтиэкэр
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: