Хорулалар уолларыттан махтал туттулар

Share

Ньурба улууһун кииниттэн 120 км тэйиччи олорор, «Хоһуун дьонноох хорулалар дуо?» дэппит Хорула нэһилиэгэ хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи сыһыы аайы сырыырҕатан, баай хара тыаларыттан булт арааһын, тула  күөллэриттэн, үрэхтэриттэн көмүс хатырыктааҕы, айылҕа быйаҥын бэриһиннэрэн олорор үлэһит үтүөтэ ыаллардаах.

 Хорула нэһилиэгиттэн 7 байыаннай сулууспалаах бу буола турар байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттар. Буойуттарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө, өйөбүл оҥоһулларын туһунан нэһилиэк баһылыга Тимофей Иванов хаһыаппыт саайтын ааҕааччыларыгар эрдэ билиһиннэрэн турар. Оттон соторутааҕыта нэһилиэк олоххо актыыбынай көрүүлээх биир тарбахха баттанар эр хоһууна Руслан Т.  баҕа өттүнэн хантараак түһэрсэн, байыаннай дьайыыга аттаммыта. Киниттэн бу күннэргэ олохтоох дьаһалтаҕа уонна бар дьонугар махталын ыытта.

— «Күн киһитэ — көмүскэс, Айыы киһитэ — аһыныгас» диэн саха киһитин үтүө санаатынан салайтарбыт Хорулам дьаһалтатыгар, баһылыкпар Иванов Тимофей Алексеевичка, нэһилиэгим бар дьонугар хантараагынан байыаннай дьайыыга барарбар көмөлөрүн, өйөбүллэрин иһин махтал бастыҥын тиэрдэбин! Эһиги, мин өрүү киэн туттар, ытыктыыр бар дьонум, санаам күүһүгэр күүс эппит үтүөҕүт туохтааҕар да улахан суолталааҕын үчүгэйдик өйдүүбүн. Эһиэхэ үлэҕитигэр улахан ситиһиилэри, дьиэ кэргэттэргитигэр иллээх олоҕу, хаһан да ыарыы ылласпатын, доруобай, дьоллоох-саргылаах олохтонуҥ. Хаһан да сахалыы сайаҕас, аһыныгас санааҕыт самныбакка, сайда, үүнэ турдун диэн алҕаатаҕым буоллун…
Махталы кытта эһиги уолгут.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

55 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

7 часов ago