Хот-дог сиэбит дьон олохторо 36 мүнүүтэнэн кылгыыр үһү
Мичиган университетын учуонайдара наар газтаах утаҕынан уонна хот-догтарынан аһылыктанар киһи олоҕо төһө бириэмэнэн кыччыырын (кылгыырын) быһаарбыттар.
Диетолог Луис Альберто Самора ультра-оҥоһуулаах аһылыктар (УПП) киһи уһун олохтонуутугар хайдах дьайалларын, олоҕу төһөнөн кылгаталларын чинчийбит диэн иһитиннэрэр “Аргументы и факты” хаһыат.
Чинчийии түмүгэ көрдөрбүтүнэн, биир хот-догу сиэтэххэ киһи олоҕун уһуна 36 мүнүүтэнэн кылгыыр, онно эбии тэҥҥэ газировканы иһэр буоллаххына, ол кэмиҥ өссө 12 мүнүүтэнэн эбиллэн биэрэр эбит. Ол гынан баран, барыта куһаҕан буолбатах: сорох балык көрүҥнэрэ олоххун 28 мүнүүтэҕэ диэри уһатыахтарын сөп.
Барыта 5800-тэн тахса араас аһы анаалыстаан көрбүттэр. Буортулаахтарынан арыылаах-сыалаах, калорийдаах уонна саахардаах эбиликтэр буолаллара быһаарыллыбыт. Онно биллибитинэн, хот-дог, пицца уонна сыырдаах мохоруон курдук аһылыктар киһи олоҕун кылгаталлар, оттон фрукталар, оҕуруот астара уонна арахис арыылаах, желелээх бутербродтар тупсараллар.
Оннооҕор аһылыкка кыра уларыйыыны да киллэрдэххэ, доруобуйа биллэ тупсуон сөп эбит. Ол курдук ынах этин уонна эттэн оҥоһуллубут астары сиир оннугар фруктаттан уонна оҕуруот аһын аһаатахха, калорийыҥ 10 бырыһыан үрдээн, олоххун 48 мүнүүтэнэн уһатыан сөбө бэлиэтэммит.
Ону тэҥэ чинчийиигэ, бекон алта, чизбургер 9 мүнүүтэнэн олоҕу кылгаталлара биллибит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: