Хот-дог сиэбит дьон олохторо 36 мүнүүтэнэн кылгыыр үһү

Share

Мичиган университетын учуонайдара наар газтаах утаҕынан уонна хот-догтарынан аһылыктанар киһи олоҕо төһө бириэмэнэн кыччыырын (кылгыырын) быһаарбыттар.

Диетолог Луис Альберто Самора ультра-оҥоһуулаах аһылыктар (УПП) киһи уһун олохтонуутугар хайдах дьайалларын, олоҕу төһөнөн кылгаталларын  чинчийбит диэн иһитиннэрэр “Аргументы и факты” хаһыат.

Чинчийии түмүгэ көрдөрбүтүнэн, биир хот-догу сиэтэххэ киһи олоҕун уһуна 36 мүнүүтэнэн кылгыыр, онно эбии тэҥҥэ газировканы иһэр буоллаххына, ол кэмиҥ өссө 12 мүнүүтэнэн эбиллэн биэрэр эбит. Ол гынан баран, барыта куһаҕан буолбатах: сорох балык көрүҥнэрэ олоххун 28 мүнүүтэҕэ диэри уһатыахтарын сөп.

Барыта 5800-тэн тахса араас аһы анаалыстаан көрбүттэр.  Буортулаахтарынан арыылаах-сыалаах, калорийдаах уонна саахардаах эбиликтэр буолаллара быһаарыллыбыт. Онно биллибитинэн, хот-дог, пицца уонна сыырдаах мохоруон курдук аһылыктар киһи олоҕун кылгаталлар, оттон фрукталар, оҕуруот астара уонна арахис арыылаах, желелээх бутербродтар тупсараллар.

Оннооҕор аһылыкка кыра уларыйыыны да киллэрдэххэ, доруобуйа биллэ тупсуон сөп эбит. Ол курдук ынах этин уонна эттэн оҥоһуллубут астары сиир оннугар фруктаттан уонна оҕуруот аһын аһаатахха, калорийыҥ 10 бырыһыан үрдээн, олоххун 48 мүнүүтэнэн уһатыан сөбө бэлиэтэммит.

Ону тэҥэ чинчийиигэ, бекон алта, чизбургер 9 мүнүүтэнэн олоҕу кылгаталлара биллибит.

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

От кэмигэр сыһыаннаах билгэлэр

Отчуттарга саамай сүрүн күннэр тураллар. Омурҕаҥҥа, сыта-тура бу билгэлэри кэтээн көрүҥ. - Хотуур биитэ көҕөрдөҕүнэ…

9 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Уопсастыба

Хирург: «Улахан наҕараадам – өрүһүйбүт уолаттарым махталлара»

Байыаннай дьайыыга сылдьар элбэх уол, «Хирург» диэн позывнойдаах Егор Захаров диэн быраас баар, ону кытары…

47 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар биир кэлим эксээмэн түмүгүн болдьоҕо уһаан биэриэҕэ

“РФ үөрэх туһунан” федеральнай сокуоҥҥа уларыйыы кииирдэ. Онно олоҕуран биир кэлим эксээмэн түмүгүн болдьоҕо анал…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Судаарыстыбаннай Дуумаҕа аармыйаҕа сылы эргиччи ылар сокуон бырайыагын көрүөхтэрин сөп

Судаарыстыбаннай Дуума балаҕан ыйыгар бастакы ааҕыыга байыаннай сулууспаҕа ылыыны сылы эргиччи ыытыан сөбүн туһунан сокуон…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Атырдьах ыйа – быйаҥ баһыллар кэмэ

От ыйын 22 күнүттэн атырдьах ыйын 17 күнүгэр диэри Ийэ сайын бэлиэтэнэр. “Ол эбэтэр сайыҥҥы…

3 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Сунтаарга 58 саастаах эр киһи сөтүөлээри ууга былдьанна

Сунтаар Күндэйэтигэр 58 саастаах эр киһи ууга былдьаммытын туһунан СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрэр. Нэһилиэк баһылыга…

3 часа ago