Хотой Айыы ыйыгар
Алтынньы – Хотой Айыы ыйа. Бэрт сэргэх тэрээһин Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр ыыттылынна.

Хотой Айыы домун Лукина Ирина Егоровна – Уйусхаана кэлбит дьоҥҥо толоттордо. Айыы холумтанын, туттар тэрилин туһунан билиһиннэрдэ. Айыы холумтана сэттэ ытык маллаах: сандалы, сэргэ,чороон, көмүлүөк, чуораан, дэйбиир, туймуу. Айыы холумтана саха ыалын ытык миэстэтэ. Уйусхаана Айыы холумтанын үөрэҕин хас биирдии киһи билиэхтээҕин, күүскэ тарҕатары сүбэлээтэ.

Бэйэтэ 300 тахса туому оҥорорун кэпсээтэ. Алтынньы ый түмсүүлээх, тэрээһиннээх олох тускута олохтонор. Онон куту-сүрү күүһүрдэбит, түмсүүнү, тэрээһини төрүттээн олоххо сыһыарабыт. Хотой Айыы тойуга, ырыата, оһуохайа дуорайда.
Вера Владимировна уонна Рустам Леонидович Федоровтар Намтан кэллилэр. Кинилэр илиилэринэн тутан-хабан бэйэлэрэ оҥорбут сахалыы оонньууларын көрдөрдүлэр. Айылҕа көстүүлэринэн айыллыбыт оонньуу саха киһитигэр чугас буолара мэлдьэҕэ суох. Салгыы Ольга Петровна Тарасова оҕуруонан оҥорбут саха дьахтарын киэргэлин билиһиннэрдэ.

Дьон-сэргэ тэрээһиҥҥэ астына-дуоһуйа сынньанна. Көрсүһүү оһуохайынан түмүктэннэ.
А.Е.Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: