Салгыы
Хотойдуу тумустаах мас акка тиийэ

Хотойдуу тумустаах мас акка тиийэ

07.09.2024, 19:00
Антонина Эверстова хаартыската
Бөлөххө киир:

Оҕо барахсан хайа да кэмҥэ арахсыспат аргыһа – оонньуур буоллаҕа. Онон “Наука 0+” билим бэстибээлин чэрчитинэн ыытыллыбыт научнай-популярнай лиэксийэлэртэн интэриэһиргээн, “Археология атахпыт анныгар: XVIII-XIX үйэтээҕи оҕо оонньуурдара. Дьокуускай историческай өттүн хаһыыларыттан”  лиэксийэни анаан-минээн баран көрдүм.

Бастакы этээс биисинэс-лекторийыгар лыык курдук оҕо икки, устудьуон икки мустубут. СӨ Арктикатааҕы билим-чинчийэр киинин С.Федосеева аатынан Арктическай археология түмэлин научнай үлэһитэ Елена Соловьева ааспыт үйэлэргэ олорбут оҕолор оонньуурдарын слайдаҕа  көрдөрө-көрдөрө бэрт интэриэһинэйдик кэпсии турар эбит. Бүппүтүн кэннэ, хайа эрэ уһуйаантан кэлэн, төрөппүттэргэ, иитээччилэргэ анаан биһиэхэ кэлэн лиэксийэҕин аах диэн ыҥыра оҕустулар. Уочаратынан кэлэн кылааһынан хаартыскаҕа тү­­һэллэр, онон балачча кэтэһиннэрэн баран, кылгастык кэпсэтэ түстүбүт.

Антонина Эверстова хаартыската

“Лиэксийэтэ аах диэбиттэригэр бастаан бэсти­бээл аатын саныы түспүтүм – “Наука 0+” диэн, – диир Елена Николаевна. – Онон оҕолорго аналлаах, интэриэһинэй буоллун диэн бу тиэмэни талбытым. Бэлэмнэнэ таарыйа булумньулары биир тиһиккэ киллэрдибит, наар­даатыбыт. Хаһыыларга сылдьан, оҕо оонньуурдарын булаттааччыбыт, ону урут бэлиэ­тээн эрэ кэбиһэр буоллахпыт дии. Оттон ханнык тииптээх оонньуурдар буолаллара, хайалара ордук суолталааҕа, хайалара маассабай көстүүгэ киирэрэ – ол барытын наардаатахха эрэ тахсан кэлэр.

– Хаһыыларынан көр­дөххө, оҕолор сүрүннээн тугунан оонньуур эбиттэрий?

– Оонньуур – оҕо баар эрдэҕиттэн баар. Онон киһи буолуутугар оруола улахана хаһыыларга көстө сылдьар. Булумньу үгүс өттө улахан киһи тугу гынарын үтүктэр оонньуурдар: иһит-хомуос, сыарҕа, тыы, бултуур сэп-сэбиргэл. Бу манан кыргыттар дьиэ хаһаай­ката, уолаттар бэйэлэрин дьиэ кэргэттэрин иитэр-аһатар, дьоннорун, дойдуларын көмүскээччилэр буола улааталлара. Уолаттар оонньуурдара, сүрүннээн, уол оҕону хорсун-хоодуот, сымса, булугас өйдөөх буоларга иитэрэ. Кыргыттар хаһаайыстыбаннай, дьаһаллаах буола үөрэ­нэллэрэ. Бу маны ордук куукула көрдөрөр. Куукула биһиги култуурабыт феномена буолар, кини биһиэхэ тыыннаах киһини солбуйар.

– Саха куукулата диэн баар дуу?

–Биһиги булбут оонньуурдарбыт кэллиэксийэтигэр дьиҥнээх сахалыы куукула диэн суох. Дьиҥэр, куукуланы уонна киһиэхэ маарынныыр эмэгэти бэйэ-бэйэлэриттэн киһи кыайан араарбат. Оҕо оонньуурдара үгүстүк харысхал быһыытынан туттуллаллара. Холобур, Сибиир үгүс сирдэригэр оҕо оонньуур сүгэлэрин уол оҕо биһигэр угаллара.

Оттон саха оонньуурдарын туһунан этэр буоллахха, туос­тан кырыллыбыт ынахтар 100 бырыһыан саха киэннэрэ буолаллар. Кинилэр кээмэйдэринэн, көрүҥнэринэн араас­таһаллар. Биирдэ улахан туос ынаҕы булбуппут, олох оһуордаан-мандардаан кырыллыбыт этэ. Уонна талах оҕустар, ынахтар, сылгылар.

– Хаһан таһаараргытыгар туруктара хайдах этэй?

– Бу талах оонньуурдары хатырыктаах талахтан оҥороллоро. Хаһан таһаарарбыт саҕана хатырыга көөрөттөн түспүт, оттон маһа чиҥ сылдьар буолаач­чы. Онно холоотоххо, ХХ үйэ саҕаланыытыгар тас дойдулар түмэллэригэр таһаарыллыбыт оонньуурдар бары хатырыктаах сылдьаллар. Ол иһин көҕөрөн көстөр хатырыгы кытта мас сырдык этин оһуора чуолкай баҕайытык ойууланан көстөр. Онно холоотоххо, биһиги булар оонньуурдарбыт хатырыктара түспүт буолан, итинник араастаһар өҥнөрө суох, мас этигэр быһах биитэ быһа сотон ааспыта эрэ көстөр.

– Саха оонньуурдара ханнык атын омук оонньуурдарыгар майгынныырый?

– Туос ат, мин санаабар, бу дьиҥнээх саха оонньуура. Оттон ойоҕосторунан турар мас аттар нуучча киэннэригэр маарынныыллар. Ол гынан баран, сылгы бу дьиэ кэргэҥҥэ олус улахан оруолу оонньуур буоллаҕына, майгыннаһар өрүт хайа баҕарар омукка баар буолар. Баҕар, миэхэ түбэспэтэҕэ буолуо гынан баран, сахалыы ынаҕы нуучча оонньуурдарыгар көрсүбэтэҕим.

Дьокуускай хаһыыларыгар олус ырылхайдык саха-нуучча култуурата бэйэ-бэйэлэригэр сабыдыалласпыттара көстөр. Ол курдук, куоракка саха култуурата нуучча култууратыгар улахан сабыдыалы оҥорбута XIX үйэҕэ ордук көстөр, туой оҥоһуктарга, киэргэллэргэ, о.д.а. Куорат чэрчитигэр XIX үйэтээҕи икки хомуһу булбуппут. Мантан арыый эрдэтээҥҥи кэмнэргэ сабыдыаллаһыы кыратык көстөр. Хардарыта сабыдыаллаһыы оонньууларга эмиэ баар эбит. Холобур, креймешки уонна хабылык диэн оонньуулар наһаа майгыннаһаллар. Маны сахалар нууччалартан ылбыт буолуохтарын сөп, ону тэҥэ нууччалар бу оонньууну эрдэ Кыһыл Көмүс Орда олохтоохторуттан ылыахтарын сөп. Онон бу уһун-киэҥ дьа­­йыы.

– Елена Николаевна, ханнык булумньугут ордук интэриэһинэй дии саныыгыт?

– Биһиги хаһыыларбыт кэллиэксийэтигэр хотойдуу тумустаах мас ат баар, нуучча ат оонньуурдарыгар хайдах да майгыннаабат. Бу маннык хотойдуу тумустаах сылгылар скиф култууратын кытта ситимнээхтэр. Дьиҥнээх сахалыы оҥоһуктар харысхал суол­талаах да буолуохтарын сөп. Өскөтө куораттан атын, төрүт олохтоох дьон олохсуйбут сирдэригэр хаһыылары ыыппыппыт эбитэ буоллар, дьэ онно элбэҕи булуохпутун сөп этэ. Ол иһин оннооҕор куоракка бу маннык булумньу көстүбүтэ улахан суолта­лаах. Маннык хотойдуу тумустаах аттар тимиртэн кутуллан эбэтэр туостан оҥоһуллубут буолааччылар.  Бу XIX үйэтээҕи оҥоһук, онон үгэс быһыытынан уруккуну үтүгүннэрэн оҥоһуллубут ат буолуон сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 октября
  • -0°C
  • Ощущается: -4°Влажность: 93% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: