«Хоту-Ас» хампаанньа гуманитарнай көмөтө байыаннай дьайыы хонуутугар тиэрдилиннэ

«Хоту-Ас» хампаанньа гуманитарнай көмөтө байыаннай дьайыы хонуутугар тиэрдилиннэ

Ааптар:
12.09.2024, 12:00
Хаартыска: «Хоту-Ас» эт кэмбинээтэ
Бөлөххө киир:

Дьокуускайдааҕы «Хоту- Ас» эт кэмбинээтэ бородууксуйатын байыаннай дьайыы хонуутугар ыытта.

Гуманитарнай көмө Саха сирин байыастара сулууспалыыр подразделениеларыгар тиэрдилиннэ. Бу туһунан Юстас диэн позывнойдаах Саха сиринээҕи ДНӨ уонна ЛНӨ тирэх пууннарын сүрүн координатора иһитиннэрдэ.

«Хоту-Ас» хампанньа гуманитарнай көмөнү байыаннай сулууспалаахтарга номнуо үһүс төгүлүн ыытар. Бу сырыыга Саха сиринээҕи ДНӨ тирэх пуунугар Дьокуускайтан биир туонна халбаһы тиэрдилиннэ. Эт кэмбинээтин бородууксуйата саллааттары олус үөрдэр, кинилэргэ саҥа күүстэри биэрэр», — диэн Юстас бэлиэтээтэ. Ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэ тэрилтэлэрэ, ол иһигэр «Сахатранснефтегаз» хампаанньата Саха сириттэн сылдьар байыаннай сулууспалаахтарга бу күннэргэ массыыналары туттардылар. Сүрүн координатор Саха сирин тирэх пууннара штатнай эрэсииминэн үлэлииллэрин иһитиннэрдэ.

+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: