“Хоту дойду норуоттарын харыстыахпыт – Арктика атын норуоттарын көмүскүөхпүт”

Share

Уһук Илиҥҥи уонна Арктиканы сайыннарыыга саҥа идиэйэни этэр, араас хабааннаах кыһалҕалары быһаарыыга этиилэри киллэрэргэ аналлаах Арассыыйа, норуоттар икки ардыларынааҕы эспиэртэри түмэр Ленскэйдээҕи кулуупка бу сырыыга  РНА Этнология уонна антропология институтун сүрүн научнай үлэһитэрэ Наталья Новикова Хоту дойду аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар олохторун тупсарыыга санаатын маннык үллэһиннэ. 

Наталья Новикова, РНА Этнология уонна антропология институтун сүрүн научнай сотруднига:

— Арассыыйа киэҥ киэлитигэр 190 этнос олорор. Ол эрээри манна Хоту дойду аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттара эрэ ураты статустаахтар. Бу кинилэр көһө сылдьар олохторун кытта ситимнээх. 1993 с. “КМНС” диэн өйдөбүлү Төрүт Сокуоҥҥа киллэрбиттэрэ, онно кинилэр бырааптара норуоттар икки ардыларынааҕы быраапка сөп түбэһиннэрэн мэктиэлэммитин быһаарбыттара. 20-с уонна 21-с үйэлэр кирбиилэригэр бу норуоттарга анаммыт үс федеральнай сокуон ылыллыбыта. Онон Арктика эрэ олохтоохторо буолбакка, Сибиир уонна Уһук Илин оройуоннарын олохтоохторо ураты статуһу ылбыттара.

Саха сиригэр көс олохтоох нэһилиэнньэҕэ сыһыаннаах дьоһун суолталаах сокуоннар ылыллыбыттара.  Ол курдук көс үөрэхтээһиҥҥэ. Бу нуормалары федеральнай сокуоннаска киллэрэллэрэ буоллар, туһалаах буолуо этэ. Баларга төрүт норуоттар үгэстэригэр уонна бырааптарыгар улахан болҕомто ууруллубут. Маннык сүрүннээһини дойду сокуоннаһыгар киллэриэххэ наада, тоҕо диэтэххэ, баларга олоҕуран Хоту дойду дьоно-сэргэтэ олорор.  Мин этнологическай эспэртиисэ уонна сир баайын хостооччулар ураты эппиэтинэстэрин туһунан сокуоннары үчүгэй көҕүлээһиннэринэн сыаналыыбын. Билигин, холобура, Чукоткаҕа биисинэс эппиэтинэһин туһунан сокуон хайыы үйэ баар уонна бу сокуон Саха сирин көҕүлээһинигэр олоҕурбут буолуохтаах. Онон маннык нуормалары-ирдэбиллэри федеральнай таһымҥа таһаарар уолдьаста. Бастакытынан, төрүт норуоттарга бырамыысыланнас дьайыыта улахан. Иккиһинэн, кинилэри кытта атын норуоттар олороллор, ол иһин төрүт норуоттары көмүскээһин айылҕаны харыстааһыҥҥа уонна Хоту дойду, Арктика, Уһук Илин олохтоох  нэһилиэнньэтигэр  үтүө дьайыылаах буолуоҕа. Хоту дойду норуоттарын харыстаатахпытына, Арктика атын олохтоохторун көмүскүөхпүт.

Балыктааһыҥҥа тохтоотоххо, аҕыйах ахсааннаах төрүт норуот үлэтин-хамнаһын, дьарыгын сүрүн көрүҥнэриттэн биирдэстэринэн буолар. Өскөтүн кинилэр таба иитиитинэн, булдунан дьарыктанар да буоллахтарына, сүрүн аһылыктарынан балык буолар. Балыктааһын туһунан сокуоҥҥа аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарга аһылыкка эбэтэр айылҕаны туһаныыга киэҥ быраап бэриллэр. Ол эрээри урбааны кытта сибээстээх үгүс хаарчахтааһын баар. Уһук Илиҥҥэ быраабыла кытаанаҕын дьон астымматын биллэрэр.  Онон хоту дойду норуоттарыгар бултаабыт балыктарын батарар кыаҕы биэриэххэ. Кинилэр төрөөбүт дойдуларыттан тэйбэккэ, төрүт үгэстэрин илдьэ сылдьан, олороллоругар үптэниэ-харчыланыа этилэр. Оччоҕуна эрэ кинилэр сайдар-үүнэр бырааптарын туһанар кыахтаныахтара.

(Ленскэй кулууп  матырыйаалынан)

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago