Салгыы
Хоту олорор дьон биэнсийэҕэ хаһан тахсалларый?

Хоту олорор дьон биэнсийэҕэ хаһан тахсалларый?

26.09.2023, 12:30
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Уһук Хоту уонна онно тэҥнэһэр сирдэргэ олорор дьон биэнсийэҕэ 5 сыл эрдэ тахсар бырааптаахтар. Холобур, Арассыыйаҕа дьахталлар 60, эр дьон 65 саастарыгар тахсар буоллахтарына, Саха сиригэр дьахталлар 55, эр дьон 60 саастарыгар тахсаллар. Оттон иккиттэн элбэх оҕолоох дьахталлар 50 саастарыгар биэнсийэҕэ тахсаллар. Ону тэҥэ, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ эмиэ эрдэ тахсар бырааптаахтар.

Маннык биэнсийэни ыларга хотугу ыстаас ирдэнэр, ол эбэтэр, 15 сыл Уһук Хоту үлэлээбит, хотугу оройуоннарга тэҥнэһэр сирдэргэ 20 сыл үлэлээбит буолуохтаах. Оттон страховой ыстаас дьахталларга – 20 сыл, эр дьоҥҥо – 25 сыл буолара ирдэнэр.

2019 сыллаахха уларыйыы киирэн, биэнсийэҕэ тахсыы сааһа уонна коэффициеннара 2028 сылга диэри сыыйа үрдүүллэр.

Бу манна аан бастакынан 1969 сыл төрүөх дьахталлар уонна 1964 сыл төрүөх эр дьон хабыллыбыттара. Оттон 2019-2020 сылларга биэнсийэҕэ тахсыахтаах дьон табылыыссаҕа көстөр уһатыллыбыт саастарыттан сыл аҥаара эрдэ тахсар бырааптаахтар.

Холобур, 1965 сыл от ыйыгар төрөөбүт, хоту үлэлээн 30 сыл ыстаастаах, 35 сыл страховой ыстаастаах эр киһи 56,5 сааһыгар 2022 сыл тохсунньутугар биэнсийэҕэ тахсыбыта.

Табылыыссаҕа көстөрүнэн, ити курдук сыыйа үрдээн, 2028 сылга 1973 сыл төрүөх дьахталлар 55 саастарыгар, 1968 сыл төрүөх эр дьон 60 саастарыгар биэнсийэҕэ тахсаллар.

Дьахталларга

Төрөөбүт сыллара Саастара Биэнсийэҕэ тахсар сыллара Коэффициен-

нар

1969 сыл 1-кы аҥаара 50,5 2019 сыл 2-с аҥаара 16,2
1969 сыл 2-с аҥаара 50,5 2020 сыл 1-кы аҥаара 18,6
1970 сыл 1-кы аҥаара 51,5 2021 сыл 2-с аҥаара 21
1970 сыл 2-с аҥаара 51,5 2022 сыл 1-кы аҥаара 23,4
1971 сыл 53 2024 28,2
1972 сыл 54 2026 30
1973 сыл 55 2028 30

Эр дьоҥҥо

Төрөөбүт сыллара Саастара Биэнсийэҕэ тахсар сыллара Коэффициеннар
1964 сыл 1-кы аҥаара 55,5 2019 сыл 2-с аҥаара 16,2
1964 сыл 2-с аҥаара 55,5 2020 сыл 1-кы аҥаара 18,6
1965 сыл 1-кы аҥаара 56,5 2021 сыл 2-с аҥаара 21
1965 сыл 2-с аҥаара 56,5 2022 сыл 1-кы аҥаара 23,4
1966 сыл 58 2024 сыл 28,2
1967 сыл 59 2026 сыл 30
1968 сыл 60 2028 сыл 30
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 сентября
  • 5°C
  • Ощущается: 1°Влажность: 65% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: