Салгыы
Хоту сири хааччыйар сокуон

Хоту сири хааччыйар сокуон

04.12.2022, 10:05
Бөлөххө киир:

Ааспыт 30-ча сыл устата хоту сытар 13 улуус уустук суоллаах-иистээх буолан, онно олоххо-дьаһахха наадалаах табаардары, аһы-үөлү, уматыгы тириэрдиигэ улахан кыһалҕаны көрсөн кэллэ. 90-с сылларга олохпут укулаата тосту уларыйан, систиэмэ ыһыллан, урукку курдук тиһиктээх үлэ тохтоон, ыһыллыы-тоҕуллуу барбыта. Сэбиэскэй кэмҥэ этэҥҥэ хааччыллан олорбут хоту сир олоҕо эмиэ хамсаабыта, таһаҕаһы таһыы-тиэйии кыһалҕата үөскээбитэ.

Сэбиэскэй кэмҥэ Арктика оройуоннарын хааччыйыы үчүгэй этэ. Дойду суолталаах тэрилтэлэр үлэлиир буоланнар, онно олох да, сайдыы, кэлии-барыы да өттүнэн тутахсы­йыы суоҕа. Ол кэмҥэ тиһиктээхтик оҥоһуллубут мэхэньиисим баар буолан, хоту таһаҕаһы хото таһар этилэр. Арай уларыта тутуу кэмигэр Арассыыйа Бырабыыталыстыбата онтон тэйэн, эрэгэйиэннэр бэйэлэрэ дьарыктаныахтара диэн, өрөспүүбүлүкэбит хоту таһаҕаһы таһыынан бэйэтэ дьарыктанарга күһэллибитэ. Өрөспүүбүлүкэ кыаҕа кырата биллэр. Дьэ, ол иһин, кэнники сылларга өрөспүүбүлүкэ салалтата федеральнай таһымҥа, араас мунньахха буоллун, түмсүүлэргэ буоллун, наар ити боппуруоһу күүскэ туруорсубута.

Ааспыт сылларга, Ил Дархан күүскэ этинэн, Ил Түмэн өйөөн СӨ Арктика сайдыытыгар уонна хотугу норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэ таба тайанан, Хотугу пуорумҥа научнай-практическай кэмпириэнсийэ тэрийэн, боппуруоһу сөпкө туруоран, үөһээ салалта дьэ өйдөөн, сокуон барыла оҥоһуллан, Судаарыстыбаннай Дуумаҕа кэлэр сылга киирэрэ былааннанар.

Сокуон ылылыннаҕына…

Бу саас РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арктика сайдыытыгар туһуламмыт мунньахха хоту таһаҕаһы таһыы туһунан со­­куону оҥорорго быһаччы сорудахтаан, хамсаныы барда. Бу Сокуон барылыгар, бастатан туран, тимир суол, уу уонна массыына суолларын, өрүс, муора суолунан сырыы инфраструктуратын оҥоруу ыйыллар. Ол аата, хоту таһаҕаһы таһыы суола-ииһэ, болдьоҕо, үбүлээһинэ чопчу быһаарыллыах­таах. Бу сокуон ылылыннаҕына, боломуочуйалары бары тустаах тэрилтэлэр икки ардыларыгар тыырар, табаары атыылааһыны уонна тиэйиини бэрээдэктиир, бары кэрдиискэ хонтуруоллуур чопчу мэхэньиисим оҥоһуллуо. Саҥа сокуон ылыллан, 2024 с. үлэлээн барара сабаҕаланар. Сокуон олоххо киирдэҕинэ, хоту таһаҕаһы таһыы саҥа тиһигин кэлим схематын уонна таһаҕас тиһэх туочукатыгар ти­­риэрдиллиэр диэри сыанатын намтатыа диэн быһаараллар. Манна таһаҕаһы айанын тухары кэтээн көрөргө аныгылыы сыыппара технологията туһаныллыа.

Оттон билиҥҥитэ, өрөспүүбүлүкэ хоту таһаҕаһы таһыы туһунан сокуонунан, хоту уонна Арктика улуустара 12 социальнай суолталаах ас бородууктатынан уонна 8 эбии көрүҥүнэн хааччыллан олороллор. Судаарыстыба мэктиэлээн, «ЛОРП» хам­паанньа, уматыгы «Саханефтегазсбыт» итиэннэ «ОДьКХ» ГУТ, «Сахаэнерго», «Якутоптторг» тэрилтэлэр  тириэрдиигэ быһаччы үлэлэ­һэллэр.

 

 

 Санаалар

Алексей Еремеев, СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлэ:

— Өрөспүүбүлүкэ сирэ-уота 3 мөл. кв. км тахса иэннээх, онтон 40%-а Хотугу Полярнай эргимтэ таһыгар сытар. 13 оройуон Арктика зонатыгар киирсэр. Аһара киэҥ уонна уустук суоллаах-иистээх хотугу сиргэ уматыгы, энэргэтиичэскэй ресурсалары уонна олоххо-дьаһахха туттуллар сүрүн табаардары тириэрдиигэ араас тырааныспары туһанары эрэйэр. Билиҥҥитэ хотугу таһаҕаһы таһыыга Арассыыйаҕа эрэгэйиэннээҕи олохтоох сокуон Саха сиригэр эрэ баар. Федеральнай таһымҥа үбүлээһин суоҕуттан, хотугу таһаҕаһы тиэйии тэрилтэлэргэ уонна олохтоох былаас уорганнарыгар сүктэриллэр.

Арассыыйа хотугу таһаҕаһын 50%-ын, ол эбэтэр 1,7 мөл. туоннатын, Саха сирэ тиэйэр. Хотугу таһаҕаһы тиэйиини хааччыйыы бары өттүнэн уустуктардаах: табаары таһыыга улахан ороскуот, Өлүөнэтээҕи уу бассейна чычааһырыыта, флот, нефтебазалар эргэриилэрэ, о.д.а. кыһалҕа сыллата үөскүүр. Ити кыһалҕалар бары үбүлээһин тиийбэтиттэн тахсаллар.

Ол иһин, биһиги сыл аайы федеральнай сокуону ылынар наадатын туһунан боппуруоһу туруорабыт. Бүгүн РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан сокуон барылын оҥоруу үлэтэ салҕанар. Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын министиэристибэтин итиэннэ интэриэстээх атын эрэгэйиэннэри кытары бииргэ үлэлээһин түмүгэр Судаарыстыбаннай Дуумаҕа сокуон бырайыага көрүүгэ киирэригэр эрэл баар.

Сокуон бырайыага оҥоһулларыгар биһиги бэйэбит этиилэрбитин киллэрбиппит. Сороҕун ылыннылар. Бырайыагы оҥорооччулары кытары бэс ыйыгар ыытыллыбыт Судаарыстыбаннай Дуума Уһук Илин уонна Арктика сайдыытыгар кэмитиэтин “төгүрүк остуолугар” уонна балаҕан ыйыгар ыытыллыбыт Федерация Сэбиэтин чэрчитинэн хотугу таһаҕаһы таһыы туһунан бырайыагы оҥорор эспиэрдиир бөлөҕүн мунньаҕар дьоһуннаах кэпсэтиини ыыппыппыт.

Биһиги көрүүбүтүгэр сорох дьоһун суолталаах бэлиэтээһиннэрбит киирбэтилэр. Чуолаан, бу хотугу таһаҕаһы таһыыга икки сүрүн тирэх боппуруос­ка. Бастатан туран, массыына суолун тиһигин оҥорууга уонна ону көрөргө-харайарга, аэродромнарга, гражданскай авиацияҕа уонна уу суолунан хааччыйыыга үбүнэн көмө бэрээдэгэ оҥоһуллуохтаах.  Тырааныспар инфраструктуратын бу көрүҥэ уонна ону көрүү-харайыы бу сокуон бырайыагар киириэхтээх. Иккис сүрүн боппуруос – хотугу таһаҕаһы тиэйиини үбүнэн өйүүр миэрэлэр. Таһаҕаһы тиэйиигэ тэрилтэлэр уматыгы эбэтэр бородууксуйаны сыллааҕы туһаныыларыгар төлөбүрү кирэдьиит ылан оҥороллор. Биһиги тэрилтэлэрбит аҥаардас бырыһыаннарыгар 4 млрд солк. төлүүллэр. Ол иһин бырайыакка үбүнэн көмөлөһүү миэрэлэрин киллэриэххэ уонна юридическай сирэйдэргэ бааннарын кирэдьииттэрин бырыһыанын сабарга ороскуоттарын толуйар мэхэньиисими көрүөххэ наада дии саныыбыт.

Уопсайынан, биһиги бу оҥоһуллубут сокуон барылын кэнсиэпсийэтин өйүүбүт, ону Судаарыстыбаннай Дуума көрүүтүгэр киллэрэри наада­лааҕынан ааҕабыт. Онтон салгыы сокуон барылын иккис ааҕыыга дьүүллэһиигэ ити этэн аһарбыт туруорсууларбытын киллэриэхпитин сөп.

 

Владимир Черноградскай, СӨ Арктика сайдыытыгар уонна хотугу норуоттар дьыалаларыгар миниистир:

— Сэбиэскэй былаас эстибитин, систиэмэ уларыйбытын кэннэ, федеральнай салалтаҕа «хоту таһаҕаһы таһыы» диэни өйдөөбөттөр этэ, арай онон институттар, учуонайдар эрэ дьарыктаналлара. Бу сыллар тухары таһаҕаһы тиэйиинэн аҥаардастыы өрөспүүбүлүкэ эрэ дьарыктанан кэллэ. Холобур, биһиги хоту сири хааччыйыыга кыһыҥҥы өттүгэр биир сылга мөлүйүөнтэн тахса тонна таһаҕаһы тириэрдэбит, бородууктаны, чоҕу, уматыгы, аһы-үөлү эмиэ таһабыт. Онтон атын өттүн урбаанньыттар тиэрдэн олороллор.

Биһиги Арктика дьыалаларыгар министиэристибэ буолан тэриллэн бараммыт, былырыын «Хоту сиргэ таһаҕаһы таһыы» диэн тиэмэлээн Хотугу пуорум чэрчитинэн улахан научнай-практическай кэмпириэнсийэ оҥорбуппут. Онно Арассыыйа араас эрэгийиэниттэн элбэх эспиэрдэр кыттыы­лаах үлэ барбыта. Ити боппуруоһу уруккуттан туруорса сатыыбыт. Ол курдук, бырайыакпытынан – 13 арктическай улуус баазата эргэрбитин, онон саҥа аныгылыы, атыы логистикатын кииннэрин тэрийии наадатын ту­­руорсубуппут. Онно сиэттэрэн 2019 с. Ил Дархан Айсен Николаев со­­циальнай-экэнэмиичэскэй сайдыы Стратегиятын бигэргэтэрин туһунан ­ыйааҕа тахсыбыта. Ону федераллар өйөөннөр, Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын ми­­нистиэристибэтэ 13 оройуоҥҥа атыы логистикатын кииннэрин тутууну үбүлээһини быйылгыттан көрөн турар. 2024 сыл бүтүүтэ  тутан бүтэ­риэхтээхпит. Итини таһынан, научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ элбэх этии киирбитэ. Онно сөп түбэһиннэрэн Арассыыйа Бэрэсидьиэнин ­уурааҕа тахсыбыта. Эһиилги сыл саҥатыгар Уһук Илин уонна Арктика ми­­нистиэристибэтигэр «Хоту таһаҕаһы тиэйии туһунан» федеральнай со­­куон барылын оҥорон таһаарыҥ диэн соруйбута. Сокуон барылыгар биһиги, өрөспүүбүлүкэ өттүттэн уонна атын эрэгийиэннэри, министиэристибэлэри кытта күүскэ үлэлэстибит, ол курдук, холобур, сокуон тутулугар, хайдах буолуохтааҕар. Кылгастык этэр буоллахха, сокуон ылылыннаҕына, хоту таһаҕаһы таһыы диэн өйдөбүл, онно кимнээх кытталлара быһаарыллыа уонна таһаҕаһы бөлөҕүнэн араарыы барыа. Манна өссө тирэх логистика киинэ баар буолуохтаах, ол эбэтэр, онно федеральнай, өрөспүүбүлүкэтээҕи, муниципальнай боломуочуйалар диэн араарыллыаҕа. Сөптөөх мэхэньиисим оҥоһуллан, биһиги хааччыллыыбыт быдан күүһүрүө диэн баҕа санаалаахпын. Онон бу сокуону биһиги улаханнык кэтэһэбит.

Хаартыска СИА архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 декабря
  • -23°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: