Хоту улуустарга баһаардары умуруорууга күүһү түмүөхтэрэ

Share

Кирилл Бычков баһаары умуруорууга суһал ыстаап мунньаҕын ыытта. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ хотугу улуустарга баһаары умуруорарга күүһү түмэргэ соруйда.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Үөһээ Халыма уонна Орто Халыма улуустарыгар бэс ыйын 17 күнүн киэһэтигэр 3 тыһыынча гаа иэннээх 8 ойуур баһаара умайар. Онон онно быыһааччылары, баһаарынайдары илдьэр Ми-8 МТВ бөртөлүөтү көтүтэргэ быһаардылар.

Дьааҥыга 2,8 гаа иэннээх сиргэ 3 ойуур баһаара умайар. Биир баһаар Бөтөҥкөс сэлиэнньэтиттэн чугас баар. Нэһилиэнньэлээх пууҥҥа киирэр куттала суох, Адыаччы өрүс анараа өттүгэр умайар.  «Авиалесоохраны» 10 үлэһитэ уонна анал бөлөх 10 үлэһитэ бардылар.

Томпоҕо 60 тыһыынча гаа иэннээх сиргэ 10 ойуур баһаара умайар. Хаандыга уонна Теплый Ключ икки ардыгар баар улахан баһаары умуруорууга сүүсчэкэ киһи үлэлии сылдьар. Эбии 20-чэ баһаарынай тиийиэҕэ.  «Якутскэнерго», «Саханефтегазсбыт» тэрилтэлэр икки вездеходу ыыттылар. Бүгүн анал тэриллэри, бородууктаны илдьэ Ми-8 МТВ бөртөлүөт көтөн тиийдэ.

Томпо, Өлүөхүмэ оройуоннарыгар ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимнэрэ үлэлииллэр. Өлүөхүмэҕэ улахан баһаардары умуруоран, 23 тыһыынча гаа иэннээх сиртэн 3 тыһыынча гаа иэннээх буолла. Аммаҕа баар баһаары умуруордулар.

Уус Маайаҕа 6 баһаар баар, ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллибитэ. Манна 100-тэн тахса киһи үлэлиир. Нэһилиэнньэлээх пууҥҥа киирэр куттала суох. Мантан ыла баһаары умуруорууга өссө күүһү түмүөхтэрэ. Билигин баһаары умуруорууга 800 киһи, 36 тиэхиникэ, авиация үлэлиир. Зондировщик-сөмөлүөттэр үлэлииллэр. 250 киһи атын эрэгиийэннэртэн кэлэн үлэлии сылдьар. Бурятияттан, Иркутскай уобаластан парашютистар кэлбиттэрэ.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

14 часов ago