Кулун тутар бүтүөр диэри биэс маннык биригээдэ Муома, Эдьигээн, Дьааҥы, Аллайыаха улуустарыгар үлэлииллэр. Быраастар номнуо ыраах сытар уустук сырыылаах бу оройуоннар 12 нэһилиэктэригэр тиийбиттэр. Сорох нэһилиэктэр оройуон кииниттэн 500 км тэйиччи сыталлар, онон сорохторго бөртөлүөтүнэн эрэ тиийэр кыаллар диэн иһитиннэрбиттэр мобильнай биригээдэ быраастара.
«Дьааҥы оройуонугар икки мобильнай биригээдэ үлэлиир. Сайдыы, Чэримчэ, Үҥкүр, Барылас, Сыһыы Мэйиитэ нэһилиэктэргэ уопсайа 425 киһини хабан көрдүлэр. Үгүс дьоҥҥо сүрэх, тымыр, уҥуох, эндокриннай, куртах, оһоҕос ыарыылаахтарын бэлиэтээтилэр. Балартан түөрт киһи искэн ыарыыга уорбаланан Дьокуускайга эмтэнэ кэлиэхтэрэ», — диэн бөлөх салайааччыта Сардаана Владимирова иһитиннэрдэ.
Кулун тутар 9-14 күннэригэр мобильнай быраастар 1892 киһини көрдүлэр. Кинилэр Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Аллайыаха оройуоннарыгар сырыттылар. Балартан 1225-һэ улахан киһи, 667-тэ оҕо.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: