Салгыы
Хоту улуустарынан тибии, буурҕа

Хоту улуустарынан тибии, буурҕа

Ааптар:
28.11.2024, 07:00
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

Саха сирин үгүс өттүгэр кыралаан хаардыыр, арҕаа, Өлүөнэ өрүс алын тардыытынан тыаллаах, соҕуруу, арҕаа улуустарынан сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх тыаллаах, буурҕа түһэрэ сабаҕаланар.

Эдьигээн улууһугар сорох сиринэн сөкүүндэҕэ  15-20 м. күүстээх тыаллаах, Анаабырга, Булуҥҥа сөкүүндэҕэ 19-24 м. түргэннээх күүстээх бурхаан тыаллаах, хоту муора кытылынан сөкүүндэҕэ 29-34 м түргэннээх тыалырыа, күнүс сөкүүндэҕэ 26-31 м түргэннээх силлиэ тыаллаах.

Салгын температурата түүн -25-30°С,  хотугулуу-илин срох сиринэн -38-43°С, арҕаа -20-25°С, соҕуруулуу-арҕаа, хоту муора кытылынан -12-17°С, күнүс -20-25°С, хотугулуу-илин -32-37°С, арҕаа, хоту муора кытылынан -10-15°С, соҕуруулуу-арҕаа -5-10°С кыраадыс тымныы.

Дьокуускайга салгын температурата түүн -30-32°С, күнүс -23-25°С кыраадыс тымныы, түүн сөҥүүтэ суох, кыра тыаллаах, күнүс хаардыыр, илинтэн сөкүүндэҕэ 2-5 м. түргэннээх тыаллаах.

+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: