Хоту уонна Арктика улуустарыгар кыһыҥҥы суол муус устар 22 күнүгэр сабыллара былааннанар

Share

«Арктика суоллара» тэрилтэ иһитиннэрэринэн, «Индигир» 701 км айан суолунан Дьааҥы, Индигиир, Верхоянье, Муома, Булуҥ, Уус Куйга – Депутатскай – Үрүҥ Хайа уонна Киэҥ Күөл учаастагынан Алаһыайынан кыһыҥҥы мууһунан суоллара муус устар 22 күнүгэр сабыллара былааннанар диэн СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Хонтуруолунай бэрэбиэркэ кэнниттэн «Верхоянье» айан суолун 147 км учаастагар Суордаах сэлиэнньэтинэн «Сэбээн» айан суолунан сырыы сабыллан турар.

Оттон Орто Халыма – Эбээх сэлиэнньэлэрин учаастагыгар «Арктика» уонна «Алаһыай» («Алазея»)  кыһыҥҥы суоллар муус устар 25 күнүгэр сабыллаллара былааннанар. Билиҥҥи туругунан бу ааттаммыт суолларга 20 туоннаҕа диэри уйуктаах массыыналар сылдьыахтарын сөп, ол кэннэ муус устар 19 күнүгэр мууһунан сылдьар тиэхиньикэлэр ыйааһыннарын 10 туоннаҕа диэри намтатыахтара.

Муус устар 15 күнүттэн 10 туоннаҕа диэри маннык кыһыҥҥы суолларга тиэхиньикэ ыйааһына намтатылынна:

«Дьааҥы» айан суолун Тополинай – Аллараа Дьааҥы учаастагар уонна эргиир суолларыгар;
«Индигиир» айан суолун Уус Ньара – Чокурдаах учаастагар уонна эргиир суолларыгар Русское Устье, Нычалаах уонна Чкалов нэһилиэнньэлээх пууннарыгар киирэр учаастакка;
«Верхоянье» айан суолун Дьааҥы – Баатаҕай Алыыта учаастагар уонна онно эргийэр суолларга;
«Алаһыай» айан суолун Киэҥ Күөл – «Индигиир» айан суолун 701 км;
«Муома» айан суолун Хонуу – Сааһыыр учаастагар;
«Уус Куйга – Депутатскай – Үрүҥ хайа» айан суолун Депутатскай –Сыаганнаах – учаастагар «Индигиир» айан суолун 589 км;
«Булуҥ» айан суолун Севернай – Булуҥ оройуонун кыраныыссата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

5 часов ago