Дьокуускай куоракка ахсынньы 13-14 күннэригэр Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар төрөөбүт тылларын, литэрэтиирэлэрин, култуураларын учууталларын бастакы сийиэһигэр 400-чэкэ дэлэгээт кыттыаҕа. Тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнии хаамыытын Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местниковка ыытыллыбыт тэрийэр хамыыһыйа мунньаҕар көрдүлэр.
Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин эрдэ бэлиэтээн ааспытын курдук, сиэр, үгэс, тыл – Арассыыйа тугунан да кэмнэммэт уопсай баайа, маныаха Хоту, Сибиир уонна Уһук Илин норуоттарын бэйэтэ туспа ураты култуурата чаҕылхай миэстэни ылар.
Сергей Местников этэринэн, сийиэс Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан ыытыллар итиэннэ хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар төрөөбүт тылларын, литэрэтиирэлэрин, култуураларын үөрэтии ис хоһоонун, технологиятын саҥардыыга көҕүлүүр күүһү биэриэхтээх.
Сийиэс иитинэн ХИФУ уонна СӨ Үөрэҕи сайыннарар, идэ таһымын үрдэтэр институт былаһааккаларыгар тиэмэлэринэн педагогтарга аналлаах куурустар буолуохтара: «Интенсивные методы обучения родным языкам, литературе и культуре народов Севера», «Новые подходы в преподавании родного языка и литературы с дополнительным модулем «Реализация требований ФГОС общего образования».
“Төгүрүк остуоллары”, бырайыактары билиһиннэриилэри, маастар-кылаастары, кэпсэтэр былаһааккалары, быыстапкалары, кинигэлэр сүрэхтэниилэрин тэрийиэхтэрэ.
Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар төрөөбүт тылларын, литэрэтиирэлэрин, култуураларын учууталларын ассоциациятын тэрийиигэ мунньах буолуоҕа.
“Арктика кэскилэ” үөрэнээччилэр өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэлэрэ ыытыллыаҕа. Манна кыттар 60 оҕо ахсынньы 7-21 күннэригэр “Бэс Чагда” баазаҕа сынньаныахтара.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Карбонат кальций гормональнай препараттарын уонна микроскопическай чаастарыгар олоҕуран тирии ыарыытын эмтиир саҥа тиһиги Н.Г. Чернышевскай…
Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьокуускайга сабыылаах, искусственнай муустаах хаҥкылыыр сири уонна Саха политехническэй лиссиэй эбии…
Үөһээ Бүлүүгэ ахсынньы ый 14-15 күннэригэр Хапсаҕай Федерациятын Куубага оонньонно. "Үс хоһуун" успуорт комплексыгар хапсаҕай…
Бэнидиэнньиккэ, ахсынньы 16 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторун ыйытыыларыгар «Саха» ГТРК «Россия…
Сахастат дааннайдарынан 2024 сыл тоҕус ый түмүгүнэн Саха сирин тэрилтэлэригэр балаҕан ыйыгар орто хамнас 103,2…
Бу күннэргэ Саха сирин соҕуруу өттүгэр сейсмическэй сир хамсааһына бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Геофизическай сулууспатын Саха…