Хотугу муора кытыла дьон көмөтүн эрэйэр
Хотугу Муустаах муора кытыла барыта хаарбах тимиринэн, уматык буочукаларынан, быраҕыллыбыт бөҕүнэн туола сытар диэн Арктика улуустарыгар олорор дьон харааста кэпсииллэрэ иһиллээччи.
Туох кэлэн ону ыраастыай диэн киһи санаата кыайбат дьыалатын, хата, “50 лет Победы” атомнай ледокол хапытаана Дмитрий Лобусов уонна РФ Үлэ Дьоруойа Геннадий Антохин көҕүлээһиннэринэн тэриллибит “Ыраас Арктика” федеральнай бырайыак хамсатан эрэр.
Тиксииттэн саҕаламмыта мээнэҕэ буолбатах
Саха сирэ манна пилотнай эрэгийиэн быһыытынан киирбитэ. Төһө да пандемия бүрүүкээн турар кэмэ буоллар, 2021 сыл атырдьах ыйын 25 күнүгэр бырайыак Булуҥ улууһун Тиксии бөһүөлэгиттэн үлэтин саҕалаабыта. Араас эрэгийиэннэртэн кэлбит волонтердар, олохтоох нэһилиэнньэ, Арассыыйа Оборуонатын министиэристибэтин үлэһиттэрэ 300 туонна хаарбах тимири хомуйбуттара, 8 га сири ыраастаабыттара.
2022 сыллаахха Булуҥ уонна Усуйаана улуустарыгар 3 аахсыйа ыытыллыбыта. Тиксиигэ 100 туонна бөх-сыыс хомуллан, 20 га иэннээх сир ыраастаммыта. 2023 сыллаахха Тиксии (Булуҥ), Сааскылаах (Анаабыр), Эдьигээн бөһүөлэктэригэр эмиэ үс аахсыйа ыытыллыбыта.
Бу үс сыл иһигэр волонтердар 850-тан тахса туонна хаарбах тимири хомуйдулар, 33 га сири ыраастаатылар. Үлэни Арктика уонна Хоту сир норуоттарын дьыалаларыгар министиэристибэ иилээн-саҕалаан ыытар.
Хомуйуу – үлэ сорҕото эрэ
Арктика сирин-уотун ыраастааһыҥҥа көхтөөх кыттыыны бырамыысыланнас тэрилтэлэрэ – «Янолово» АУо, «Илин-Сибиирдээҕи хааччыйыы хампаанньата» ХЭУо, “Арктика суоллара” КП, “Арктикатааҕы атыы-логистика хампаанньата” АУо, «Саханефтегазсбыт» АУо, о.д.а. буолаллар. Манна даҕатан эттэххэ, хомуйуу диэн үлэ сорҕото эрэ буоллаҕа. Хомуллубут бөҕү мунньан эрэ кэбиспэккэ, салгыы туһааннаах сиригэр тиэрдиэххэ эбэтэр суох оҥоруохха наада. Ол курдук, былырыын “Янолово” АУо Усуйаана улууһун Сайылык бөһүөлэгиттэн 40 туонна хаарбах тимири икки таһаҕас массыынатыгар тиэйэн, сороҕун суох оҥорорго, сороҕун саҥаттан туһаҕа таһаарарга анаан илдьэ барбыта.
Дьиҥэр, улахан наадата суох бөҕү онно-манна таспакка, үрдүттэн улуустарга суох оҥорор собуоттар наадалар. “Ыраас Арктика” уопсастыбаннай экологическай бырайыак салайааччыта Андрей Нагибин этэринэн, Саха сирэ Арктика сирин-уотун ыраастыырга бастакылар кэккэлэригэр сылдьар. Федеральнай волонтердар кэлэллэрин кэтэспэккэ, олохтоохтор, төһө кыайалларынан, хомуйа сылдьаллар. Быйыл саас тиэйэн илдьии саҥа технологиятын боруобалаабыттар. Кыһыҥҥы суолунан урут хомуллубут 80 туонна хаарбах тимири тутар пууҥҥа илдьэн биэрбиттэр. Тиийбит мал уларытан оҥорууга ыытыллыбыт. Билигин бу технологияны атын Арктика эрэгийиэннэригэр тарҕатар сорук турар.
Төрдүс сезон
Быйылгы “Ыраас Арктика” бырайыак төрдүс сезона атырдьах ыйын 27 күнүгэр Тиксиигэ Ил Дархан Айсен Николаев, “Ыраас Арктика” бырайыак салайааччыта Андрей Нагибин, Булуҥ улууһун баһылыга Афанасий Андросов ыйыыларынан саҕаламмыта.
Быйылгы сезон Саха сирин түөрт нэһилиэнньэлээх пуунун хабан үлэлиэҕэ: Депутатскай бөһүөлэгэр (Усуйаана), Сааскылаах сэл. (Анаабыр), Баатаҕай уонна Эһэ Хайа бөһүөлэктэригэр (Дьааҥы).
Быйыл да Тиксиигэ Москва к., Московскай, Новгородскай, Ярославскай уобаластартан, Хабаровскай кыраайтан волонтердар көтөн кэллилэр. Кинилэргэ Ил Дархан Айсен Николаев холбоһон, бу бэртээхэй дьыалаҕа бииргэ үлэлэстэ. Нэдиэлэ иһигэр бэйэлэрин баҕаларынан үлэлээччилэр 23,5 туонна хаарбах тимири, 25 туонна хомунаалынай бөҕү-сыыһы хомуйдулар, 4 гаттан улахан сири ыраастаатылар. Тиксиигэ киһи хомуйуох айылааҕа элбэх: хаарбах тимир, буочукалар, быраҕыллыбыт тиэхиньикэ арааһа, көтүрүллүбүт дьиэлэртэн хаалбыт мас.
Айсен Николаев этэринэн, Тиксии Саха сирин муоратын аана буолар, онон хотугу муора суола тэтимнээхтик сайдан истэҕин аайы, кини суолтата өссө улаатан иһиэ. “Ыраас Арктика” – бу экологическай-сырдатар аахсыйа эрэ буолбатах, бу биһиги айылҕабыт баайын чөл хаалларар үлэбит буолар”, – диэн кини куруук бэлиэтиир.
Быраҕыллыбыт “Днепр” аалга хаалбыт ньиэп бородуукталарын ыраастааһын
Бу суудунаны волонтердар биир эспэдииссийэлэрин кэмигэр булбуттара, кытылга аал үс гыммыт биирэ эрэ сытара, атына тимирбит этэ. Суудуна куорпуһун устатын тухары хайа ыстаммыт этэ, онтуката хас уу хамсааһынын аайы улаатан иһэрэ. Трюмугар ньиэп бородууктата ууну кытары мунньуллан сытара. Росприроднадзор исписэлиистэрэ кэлэн, трюмтан боруобалары ылан, эспэртиисэҕэ ыыппыттара. Чинчийии көрдөрбүтүнэн, ньиэп бородууктата ууну киртиппитин, ол аата муораҕа уонна буорга түстэҕинэ, экологическай кутталы үөскэтэрэ биллибитэ.
Ил Дархан туһааннаах биэдэмистибэлэри ньиэп бородууктатыттан суудунаны ыраастыылларыгар сорудахтаабыта. Ыраастыырга сөптөөх технологияны эрэгийиэннээҕи билим тэрилтэлэрэ, академическай институттара, биисинэс бэрэстэбиитэллэрэ уонна “РусГидро” оҥорон таһаарбыттара. Билигин үлэлэр бара тураллар, тымныы түһүөн иннинэ бүтүөхтээхтэр.
“Сыл анараа өттүгэр быраҕыллыбыт “Днепр” аалы ыраастыыр соругу туруорбутум. Манна уонунан сыллар тухары ньиэп бородуукталара тоҕуллубуттар этэ. Бу улахан бырайыакка кыттыыны ылбыт хамаанда көмөтүнэн ыраастыыр үлэлэр бара тураллар, сүрүнэ, экологическай куттал суоһаабат буолла”, – диир Айсен Николаев.
“Эрэгийиэн сүрдээх улахан үлэни оҥордо. Аалы ыраастааһын олус уустук, ылбычча кыайтарбат дьыала. Бары бииргэ ылсыбыппыт түмүгэр кыайтаран эрэр, онон атын быраҕыллыбыт ааллары кытта хайдах үлэлиири биллибит”, – диэн түмүктээтэ Нагибин.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: