Хотугу муора суолун устун хамсааһыны орбитаттан кэтиэхтэрэ
2024 сылга Арассыыйа орбитаҕа спутниктар арктикатааҕы бөлөхтөрүн ыытыаҕа. Аппарааттар кэтээн көрүүгэ, радиолокацияҕа, хотугу муора суолугар гидрометеорологическай балаһыанньаны кэмнииргэ туһаныллыахтара. Ити туһунан РФ бэрэсидьиэнигэр Уһук Илин федеральнай уокурук боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев уонна Роскосмос генеральнай дириэктэрэ Юрий Борисов Восточнай космодромҥа буолбут мунньах иитинэн иһитиннэрдилэр.
— Маҥнай “Арктика-М” икки аппараатын ыытары былаанныыллар. Балар күнү-дьылы уонна сир полярнай өттүгэр (высокие широты) балаһыанньаны итиэннэ үс аппараат радиолокационнай кэтээн көрүүлэри оҥоруохтара.
— 2026 сылга куйаар ситимигэр көҥүлү биэриигэ (широкополосный доступ) “Экспресс-РВ” түөрт спутнига былааннанар.
Үлэ хотугу муора суолун кыаҕын күүһүрдүүнү кытта тэҥҥэ барар. Арктикатааҕы муора суола 2024 сылга диэри таһаҕаһы тиэйии кээмэйин сылга 80 мөл. туоннаҕа диэри улаатыннарыахтаах.
“Хотугу муора суола баар уонна тырааныспар сүрүн “көрүдүөрүнэн” буоларын туһугар ледокольнай флоту, порт инфраструктуратын кэҥэтиэхтээхпит уонна саҥардыахтаахпыт, куттал суох буолуутун итиэннэ суудуналар сылдьыыларын хааччыйыахтаахпыт”, — диэн Юрий Трутнев бэлиэтээтэ.
Хотугу муора суолун хааччыйар инфраструктура:
— гидро уонна метеоинформацияны тиһигин быспакка хааччыйыы,
— кутталлаах көстүүлэри сабаҕалааһын,
— муора уонна салгын суудуналарыгар кэмигэр иһитиннэриини тэрийии,
— харгыһы (шельф) хонтуруоллааһын уонна муус балаһыанньатын кэтээн көрүү,
— суудуналары, о.д.а. кэтээн көрөр автоматическай информационнай систиэмэни сайыннарыы.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: