Быйыл Норуоттар сомоҕолоһууларын күнэ Арассыыйаҕа 18‑с сылын бэлиэтэнэр. Бу бырааһынньыгы РФ Судаарыстыбаннай Дуумата 2005 сыллаахха сэтинньи 4 күнүгэр бэлиэтэнэр гына олохтообута. 1612 сыллаахха земскэй ыстаарыста Кузьма Минин уонна кинээс Дмитрий Пожарскай Москваны польскай интервеннэртэн босхолообут дириҥ ис хоһоонноох бэлиэ күнэ Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүнэн биллэриллибитэ.
Арассыыйаҕа олорор норуоттар араас уустук ыарахаттары бары бииргэ сомоҕолоһон, өйөһөн туораан кэллилэр. Онон Норуоттар сомоҕолоһууларын күнэ өбүгэ саҕаттан бэйэ-бэйэни өйөһүүгэ, үтүөҕэ тардыһыыга, култуурунай сыаннастары бииргэ сайыннарыыга туһуланар. Ордук билигин аан дойдуга, Арассыыйаҕа буола турар уустук быһыы-майгы буола турар кэмигэр Норуоттар сомоҕолоһууларын күнэ хаһааҥҥытааҕар да күндүтүйдэ, сыаналанар буолла.
Ордук элбэх араас омук биир дьиэ кэргэн курдук сомоҕолоһон олорор дойдутунан Саха сирэ буолар. Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин иһинэн араас омук национальнай түмсүүлэрэ тэриллэн үлэлииллэр. Бүгүн олортон көхтөөх үлэтинэн биллэр Аҕыйах ахсааннаах норуоттар ассоциациялара ыытар үлэтин туһунан билиһиннэрэбит. Уопсастыбаннай тэрилтэ 1989 сыллаахха ахсынньы 12 күнүгэр тэриллибитэ. Онон эһиил тэриллибитэ 35 үбүлүөйдээх сылын бэлиэтиир. Эбээн, эбэҥки, долган, юкагир, чукча норуоттара, ону тэҥэ Саха сирин арктическай улуустарыгар XVII үйэттэн олохсуйбут нууччалар холбоһон, Саха сирин Хотугу төрүт хотугу норуоттарын сийиэһигэр тэрийбит уопсастыбаннай тэрилтэлэрин өр сыллар тухары СӨ норуодунай суруйааччыта, өрөспүүбүлүкэ бочуоттаах олохтооҕо, СӨ бэлитиичэскэй уонна уопсастыбаннай диэйэтэлэ Андрей Кривошапкин салайар.
Аҕыйах ахсааннаах норуоттар ассоциациялара отуттан тахса сыл үлэлээбитин тухары былаас уорганнарын кытта уопсай тылы булан, Саха сирин уопсастыбаннай олоҕор биир биллэр-көстөр бастыҥ үлэлээх тэрилтэ. Төрүт олох укулаатыгар сонун сүүрээннэри киллэрии, төрөөбүт тылы харыстааһын, бэйэ норуотун култууратын, сиэрин-туомун сайыннарыы — бу ассоциация сүрүн соруга. Ол да иһин үлэтин ыыра кэҥээн, билигин Арассыыйа арктическай эрэгийиэннэрин, Уһук Илин хотугу норуоттарын уопсастыбаннай тэрилтэлэрин ортотугар уопсастыбаннай тэрилтэ аатын дорҕоонноохтук ааттатар.
Саха сиригэр 200‑тэн тахса төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттар уопсастыбаннай тэрилтэлэрэ баара биллэр. Ордук элбэх түмсүүлэри хотугу улуустарга олорор норуот
маастардара тэрийэн үлэлэтэллэр. Кинилэри кытта ыкса сибээһи тутуһан үлэлэһэр киһинэн «Симэх» национальнай галерея салайааччыта, уопсастыбаннай диэйэтэл, РФ уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Яна Игнатьева буолар.
— Өрөспүүбүлүкэ салалтатын сүрүн болҕомтотун арктическай улуустарга Норуот оҥоһуктарын дьиэлэрин тэрийиигэ туһаайбыта, биһиги үлэбитигэр сайдыы суолун тэлиигэ олус улахан өйөбүлү оҥорор. Ол курдук, сылга арктическай оройуоннарга иккилии маннык айар дьиэни олоххо киллэрии соруга турар.
Быйыл олунньуга Дьокуускайга «Симэх» национальнай галерея иһинэн үлэлиир норуот маастардарын түмэр “Хотугу күн” («Полярное солнце») Арктическай киини үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйбыппыт. Онно 13 арктическай уонна хотугу улуустар маастардара, ааттаах-суоллаах иистэнньэҥнэрэ бааллар. Бу уопсастыбаннай кииҥҥэ «Сирэктэ», «Аборигенка», «Северянка» түмсүүлэр үлэлииллэр. Кинилэр араас таһымнаах быыстапкаҕа кыттыыларын тэрийэбит. Сүрүн сорукпут — норуот маастардарын үүннэрии. Төрүт буолбут үгэстэрин өр сылларга киэҥ араҥаҕа тарҕата сылдьар дьон биллибэккэ-көстүбэккэ хаалаллара баар суол. Ол иһин ити үлэҕэ сүрүн болҕомтобутун уурабыт. Арктическай кииммитигэр национальнай таҥастары тигиигэ маастар-кылаастары ыытабыт, лиэксийэлэри, төгүрүк остуоллары тэрийэбит.
Быйыл саас Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр бэһис төгүлүн «Мир Арктики» быыстапка үгүс киһини түмпүтэ. Хотугу аҕыйах ахсааннаах
норуоттар үгэстэрин, култуураларын билиһиннэрэр быыстапкаҕа 19 улуустан уонна Таймыыртан, Камчаткаттан 100 маастар кыттыыны ылбыта — Хотугу аҕыйах ахсааннаах
норуоттар култуураларын дьон-сэргэ сэргиирин чаҕылхай туоһута, — диэн бэлиэтиир «Симэх» национальнай галерея салайааччыта Яна Игнатьева.
Оттон сыл аайы Москваҕа ыытыллар “Сокровище Севера” Арассыыйа маастардара уонна худуоһунньуктара кыттар быыстапка-дьаарбаҥкаларыгар хотугу норуоттар маастардара “орох тэппиттэрэ” быданнаата.
Манна дойду араас эрэгийиэниттэн кэлбит маастардары кытта Саха сириттэн тиийбит хоту дойду тарбахтарыгар талааннаахтара бэйэлэрин норуоттарын олохторун-дьаһахтарын, ураты хатыламмат култуураларын, үгэстэрин, идэтийбит дьарыктарын көрдөрөн, дьон-сэргэ сөҕүүтүн-махтайыытын эрэ буолбакка, тэрээһин бары бириистэрин, наҕааадаларын хомуйан кэлэллэр.
Ити курдук, Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө Аҕыйах ахсааннаах норуоттар култуураларын сайыннарыыга ыытар үлэлэрин туһунан кылгастык сырдатан ыллыбыт. Бу олус түмсүүлээх норуоттар, төһө да уустук килиимэттээх сиргэ олордоллор, санааларын күүһүнэн, олоххо тардыһыылара күүстээҕинэн бары норуоттарга холобурунан буолаллар.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…