Хотугу норуоттар ырыаһыттарын бэстибээлэ саҕаланна
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «Эхо тундры и тайги-2024» диэн XII эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэстибээл-куонкурустара саҕаланна.
Бэстибээл Дьиэ кэргэн уонна Оҕо аймах сылларыгар ананар. Дьокуускайга хотугу улуустартан, Магадаан уобалаһыттан, Красноярскай кыраайтан барыта 60-тан тахса артыыс кэлэн, кытта сылдьар.
Кыттааччылар иккилии ырыаны ыллыыллар: бастакылара төрөөбүт тылларынан буолуохтаах, иккис ырыа ханнык баҕарар тылынан буолара көҥүл.
Маны тэҥэ, култуура дьиэтигэр хотугу норуоттар ырыаларын, фольклордарын уратытыгар маастар-кылаастар, эспиэрдэр брифиннэрэ, «Дуннэдув» («Земле моей») оҥоһук быыстапката, «Строганина-тала-2024» бэстибээл-куонкурус ыытыллыахтара.
Ахсынньы 12 күнүгэр СӨ аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктарын ассоциацията тэриллибитэ 35 сылын туолар. Бу күн бэстибээл финалистар гала-кэнсиэртэринэн түмүктэниэҕэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: