Хотугулуу-Илиҥҥи Сибиир Нуучча судаарыстыбатыгар холбонуоҕуттан (1629 с.) бүтүн биир үйэ ааспытын эрэ кэнниттэн, эрэгийиэҥҥэ киини кытта ситимниир балай эмэ туруктаах сылдьыһыы суола баар буолбута. Ол 1743 сыллаахха Иркутскай – Дьокуускай дьаам суолун олохтонуутун кытта быһаччы ситимнээх.
Петр I кэмигэр Дьокуускай уонна Санкт-Петербург икки ардыгар почтаны таһар сулууспаны олохтуурга холонуу баара. Ол курдук, 1698 сыллаахха Москубаттан Сибииргэ, Нерчинскэйгэ итиэннэ Дьокуускайга, суругу сайыҥҥы кэмҥэ үстэ тиэрдэр тэрилтэ үлэлээбитэ. Ол эрэн, Илиҥҥи Сибииргэ туруктаах почтанан сибээс суоҕун курдук суоҕа.
1719 сылтан Дьокуускай уеһа Иркутскай провинция састаабыгар киириэҕиттэн, Иркутскайтан Дьокуускайга диэри арыый туруктаах сылдьыһыы, сүрүннээн, сайынын Өлүөнэ өрүһүнэн баар буолбута. Сааһын, күһүнүн кэлии-барыы уурайара, кыһынын, өрүс турдаҕына, мууһунан сырыы аһыллара.
Арай Бастакы Камчаткатааҕы эспэдииссийэ (1725-1730 сс.) кэнниттэн Витус Йоанессен Беринг ыраахтааҕы Анна Иоанновна аатыгар түһэрбит суругар эрэгийиэҥҥэ суол-сырыы туругун тупсарыы туһунан бэйэтин көрүүтүн үллэстиэҕиттэн, кыралаан хамсааһыннар баар буолбуттара. Ол эрэн, XVII үйэ бүтүөр диэри Дьокуускайга диэри тэрээһиннээх сылдьыһыы олохтоммотоҕо. Араас докумуоннары, көскө ыытыллыбыттары Дьокуускай уеһыгар айанныыр хаһаактарынан, биитэр сулууспалаах дьонунан арыаллатан аҕалаллара.
Иккис Камчаткатааҕы эспэдииссийэ (1733-1743 сс.) кэмигэр, командор Витус Беринг туруорсуутунан, суһал кумааҕыны, таһаҕаһы уталыппакка тиэрдиигэ, Охотскай уонна Иркутскай икки ардыгар сылы эргиччи үлэлиир почтанан сибээс олохтоммута. Дьокуускай онно биир тирэх пуунунан буолбута. Кини быһаччы сорудаҕынан Дьокуускай уеһын воеводата, лейб-гвардия поручик капитана Алексей Заборовскай Дьокуускайтан Витимҥэ диэри почта сырыытын тэрийбитэ. Онон, 1738 сылтан Дьокуускай –Витим хайысханан сылдьыһыы олохтонуоҕуттан, Дьокуускайга почта тиһиктээхтик тиэрдиллэр буолбута, ону сэргэ, Санкт-Петербуру Охотскай пордун кытта ситимниир сиринэн сибээс баар буолбута.
Беринг эспэдииссийэтигэр анаммыт таһаҕаһы суһаллык уонна харгыһа суох тиэрдэр инниттэн, Дьокуускай уеһын воеводатын дуоһунаһын толорооччу капитан Иван Остяков сорудаҕынан, сулууспалаах Захар Баишев 1743 сыллаахха Витим уонна Дьокуускай икки ардыгар 28 дьаамы тэрийбитэ уонна олору көрүүнү-истиини олохтоохторго сүктэрбитэ. Кинилэргэ таһаҕаһы, сулууспалаахтары таһыыны сэргэ, дьаамнары көлүүр атынан, аһынан-үөлүнэн хааччыйар эбээһинэстээхтэрэ. Ону олохтоохтор ыарырҕаппыттара, күн судаарга тиийэ бэбииннэстэн босхолуур туһунан үҥсүү түһэрбиттэрэ. 1770 сыллаахха Иркутскай губернатора Адам Бриль, Екатерина II көҥүллээһининэн, сахалары дьаам бэбииннэһиттэн босхолообута, уонна кинилэри көс дьонунан солбуйарга уурбута. Икки сыл буолан баран, баҕалаахтар көстүбэтэхтэринэн, айан суолугар дойду киин күбүөрүнэлэриттэн көскө ыытыллыбыттары олохсутарга дьаһайбыта. Кэлин, кинилэри тутан олоруу хааһынаҕа ночооттооҕунан ааҕан, 1781 сыллаахха Иркутскай кэнсэлээрийэтэ 1775 сыллаахха тэриллибит Өлүөхүмэ, Үөһээ Бүлүү хамыһаарыстыбаларыгар, Хаҥалас, Нам буоластарыгар бэрэһэлиэннээн кэлбиттэри сахаларынан солбуйарга быһаарбыта. Ол эрээри 1781 сыл кэнниттэн даҕаны дьаам сүүрдүүтүгэр, сүрүннээн, көс дьон үлэлээбиттэрэ.
Күн судаар дьаамсыктарын үтүө тылынан суруйааччылар И.Гончаров, В.Короленко, Н.Чернышевскай, чинчийээччилэр Н.Щукин, И.Майнов, Ф.Сафронов, о.д.а. ахтыбыттарын билэбит. Кинилэр ыччаттара Өлүөнэ дьаамсыктарын ураты майгыннаах култуураларын төрүттээбиттэрэ, Саха сирин устуоруйатын ити кэрчик кэмигэр дьоһун оруолламмыттара.
XVIII үйэ ортотугар Иркутскай – Дьокуускай айан суола уобалас киинин Илин Сибиири кытта ситимниир соҕотох суолунан буолбута. Сыыйа-баайа кэлии-барыы элбээбитэ, ону кытта дьаам ыстаансыйаларын ахсаана эбиллэн барбыта, 90-тан тахса буолбута. Дьокуускайтан почта салгыы Айан, Дьааҥы, Бүлүү суолларынан айанныыра. 1867 сылга, Алясканы атыылыахтарыгар диэри, бу суол Хотугулуу-Илиҥҥи Сибиири Нуучча Америкатын кытта сибээстиир сүрүн аартыгынан буолбута.
Кыһынын суол алтынньы ортотуттан муус устар ортотугар диэри үлэлиирэ. Ыам ыйыттан сайыҥҥы суол аһыллара. Манан сыллата тыһыынчанан киһи айанныыра, сүрүннээн, атыыһыттар, хаһаактар, воеводалар. Олору сэргэ, холуобунай буруйдаахтар, сыылынайдар, араас эспэдииссийэлэр кыттыылаахтара, үс көлүөнэ революционердар эмиэ бу суолунан кэлэн ааспыттара.
Ол эрээри, төһө да “почта трага” диэн дарбатыылаахтык ааттаннар, оччолорго оҥоһуулаах суол суоҕун тэҥэ этэ, этэргэ дылы, аҥардас туһаайыы эрэ баара. Ити сылларга манан Бүлүүгэ кэлэн ааспыт материалист-философ Николай Чернышевскай бэл ис Африка устун айантан быдан кутталлааҕын, ыараханын туһунан бэлиэтээн хаалларбыта.
ХХ үйэ саҕаланыытыгар Иркутскай уонна Дьокуускай икки ардыгар телеграф уонна боруобат сибээһэ олохтонуоҕуттан итиэннэ Өлүөнэнэн борохуот сырыыта оннун булуоҕуттан, айан суолунан кэлии-барыы сэдэхсийбитэ. 1917 сыллааҕы Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ, ону даҕаспытынан саҕаламмыт гражданскай сэрии эмиэ алдьатыылаах охсууламмыттара.
Кэлин, Алдаҥҥа көмүһү хостооһун тэриллиэҕиттэн, Амур — Дьокуускай суол ордук суолталанар буолбута. Тырааныспар саҥа көрүҥэ (массыына, авиация) сайдыаҕыттан, Иркутскай — Дьокуускай дьаамнарыгар наадыйыы сыыйа-баайа сүппүтэ. Кыраайы үөрэтээччи Анатолий Соколов дьаамынан тиһэх почта 1959 сыл муус устарыгар кэлбитин этэр.
Арай XXI үйэ саҕаланыытыгар, сир баайын туһаҕа таһаарыы далааһыннаммытынан, Саха сирин арҕааҥҥы өттүн Илин Сибиир киин оройуоннарын кытта сиринэн сылдьыһыыны ирдиир. Онон “Бүлүү” айан суолун тутууну ситэрии Арассыыйаҕа тырааныспары сайыннарыы былааныгар киллэриллибитэ. Аны аҕыйах сылынан Дьокуускай – Бүлүү – Мирнэй – Ленскэй массыына суола Ангара өрүс биэрэгэр тахсыаҕа.
XVIII үйэ 70-с сылларыттан тиһигин быспакка үлэлээбит айан суола Саха сиригэр почтанан сибээс сайдыытын бэриэччитинэн буолбута, итиэннэ эргиэн, култууралар сибээстэрэ бөҕөргөөһүнүгэр дьоһун суолталаммыта.
География билимин дуоктара Вадим Покшишевскай Дьокуускайдыыр тракт сэбиэскэй кэмҥэ диэри Саха сиригэр сүрүн уонна соҕотох “киирэр аанынан” буолбутун бэлиэтээбитэ. “Саха АССР устуоруйата” академическай таһаарыыга сахалары “тырааныспар бэдэрээтигэр” —почтаны таһыыга, дьаамнары тутан олорууга — кытыарыы норуот материальнай уонна духуобунай култууратыгар улахан сабыдыалламмыта ыйыллар.
ХХ үйэ саҕаланыытыгар суол уһуна 2 950 км тэҥнэспитэ, манна 126 ыстаансыйа баара. Чинчийээччилэр, сыллата Иркутскайтан Кучугка диэри 1 600 туонна таһаҕас таһыллара, Өлүөнэнэн 4 800 туонна бурдук уһаарыллара, Саха уобалаһыттан кыһыл көмүс, күндү түүлээх, сэлии оҕуһун муоһа тиэллэрин ыйаллар. Атыыһыттар Дьокуускайтан күндү түүлээҕи дойду улахан дьаарбаҥкаларыгар илдьэллэрэ, бэл Лондон, Лейпциг аукционнарыгар тиийэ атыылыыллара.
Роман Попов
Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ. -…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…