Салгыы
Хотугу сир туруктаах сайдыытын пуорумугар 700-тэн тахса киһи кыттар

Хотугу сир туруктаах сайдыытын пуорумугар 700-тэн тахса киһи кыттар

29.11.2022, 19:50
Бөлөххө киир:

Хотугу сир туруктаах сайдыытын IV пуорума салҕанан барар. Пуорумҥа Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн уонна тас дойдулартан  700-тэн тахса киһи кытта сылдьар. Түөрт күннээх пуорумҥа күн аайы араас тэрээһиннэр ыытыллаллар.

Пуоруму аһар пленарнай мунньахха элбэх санаа этилиннэ.

Гаврил  Кириллин, СӨ тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистирэ:

Быйылгы Хотугу пуорум сүрүн дьүүллэһиллэр тиэмэтинэн Арктика энергията буолбута оруннаах, билиҥҥи бириэмэҕэ сүдү суолталаах. Бүгүҥҥү пуорумҥа 700-тэн тахса киһи, ол иһигэр Арассыыйа  уонча  эрэгийиэниттэн, 8 атын дойдуттан кытта сылдьаллар. Пуорум чэрчитинэн өссө 36 тэрээһин ыытыллыа. Быйылгы пуорум «Арктика энергията: саҥа ыҥырыы, саҥа быһаарыылар уонна технологиялар» диэн. Аата да этэрин курдук, энэргиэтикэҕэ туһуланар саҥа технологияларга болҕомто ууруллуо. Пуорум түмүгүнэн сөбүлэһиилэр түһэрсиллэн, Арктика сайдыытыгар саҥа саҕахтар арыллыахтара.

Виктор  ХАЙКОВ, ньиэп-гаас сервиһин  национальнай ассоциациятын бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ:

— Бүгүҥҥү мунньахха энэргиэтикэҕэ саҥа хайысхалар хоту сир, Арктика эрэгийиэннэрин сайдыытыгар сабыдыалларын туһунан кэпсэттибит. Аан дойду үрдүнэн сүдү уларыйыылар бараллар, онуоха Арассыыйа углеводородун тас дойду ырыынагар атыылыыра хааччахтанар кэмигэр биһиги иннибитигэр турар сүрүн боппуруостары дьүүллэһэбит. Ньиэби, гааһы оҥорон таһаарыы эрэгийиэн экэниэмикэтин хамсатар сүрүн хайысха, ол иһин туох буола турарын, инникитэ хайдах буолуон өйдүөх тустаахпыт. Мантан сиэттэрэн биһиги бүгүн эрэгийиэннэргэ туох бырайыактар баалларын, политика хайдах барарын баһылыктартан бэйэлэриттэн истибиппит улахан суолталаах. Итини таһынан энэргиэтикэ хайысхатыгар саҥа технологиялаах бырайыактар научнай төрүккэ олоҕуран оҥоһуллуулара, Арктика, хоту сир сайдар кыахтарын саҕыахтара. Суола-ииһэ суох, уот линията кыайан тардыллыбат, кый ыраах сытар сирдээх-уоттаах, Сибиир, Арктика, хоту эрэгийиэннэрин, күн, тыал энергиятынан хааччыйыы сайдар саргылаах.

Виктор  Демин, Томскайдааҕы судаарыстыбаннай университет бастакы проректора:

— Арктиканы чинчийии туһунан сөбүлэһиигэ илии баттанна. Бу хас да дойду научнай-үөрэтэр, чинчийэр холбоһуга буолуо. Арктика хайысхатынан консорциум элбэх. Биһиги кэлэр сыл муус устар 22 күнүгэр Томскайга Консорциум ассоциациятын бэрэстэбиитэллэрин пуорумун ыытар былааннаахпыт, онно чинчийэр үлэбит-хамнаспыт туһунан сүбэлэһиэхпит. Арктиканы чинчийии бары хайысхата, бииргэ түмсэн үлэлээһиҥҥэ олоҕуруохтаах. Бу манна Азия уонна Арассыыйа уонтан тахса үрдүк үөрэҕин тэрилтэтэ, ол иһигэр ХИФУ, Томскайдааҕы судаарыстыбаннай университет, Ирбэт тоҥу үөрэтэр институт, о.д.а. Арктиканы интэриэһиргиир учуонайдар киирдилэр. Бу консорциум үлэтин түмүгүнэн бырайыактары ырытан оҥорон, бары хайысхатынан, түһүмэҕинэн тиһэҕэр тириэрдэн олоххо киллэриэхтээхпит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: