Хотугу таһаҕаһы тиэйии кыһалҕалара
Хотугу таһаҕаһы тиэйии хайдах ыытылларын уонна инфраструктуратын хайдах саҥардыахха сөбүн туһунан норуот дьокутааттара, салайааччылар, наука бэрэстэбиитэллэрэ кэпсэттилэр. Ол туһунан кылгастык манна ааҕыҥ:
Бүгүн СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) “Хотугу таһаҕаһы тиэйии инфраструктуратын саҥардыы” тиэмэҕэ “төгүрүк остуол” ыытылынна. Кэпсэтиини Ил Түмэн экэниэмикэҕэ, инвестиция уонна бырамыысыланнас бэлиитикэтигэр сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Павел Петров салайда.
СӨ тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Семен Коркин иһитиннэрбитинэн, киэҥ сирдээх-уоттаах Саха сиригэр 36 муниципальнай тэриллииттэн 13 оройуон Арктикаҕа сытар уонна уустук суоллаах-иистээх. Онон бу оройуоннары олоххо-дьаһахха наадалаах табаардарынан, аһынан-үөлүнэн, оттук ресурсаларынан хааччыйыы соруга турар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр уу суолунан 3 мөл. туонна таһаҕас тиэйиллэр, ол иһигэр Арктика оройуоннарыгар 300 тыһ. туонна таһаҕас тиэрдиллэр. Айылҕа, сир-уот уустук усулуобуйатынан таһаҕаһы уу суолун тэҥэ, тимир суолунан, массыына тырааныспарынан эмиэ илдьэллэр. Миниистири солбуйааччы тырааныспарынан тиэйиигэ баар кыһалҕаларга тохтоото. Онуоха өрүһү дириҥэтэр үлэлэри ыытыы, флоту саҥардыы, Арктикаҕа баар аэропуортары реконструкциялааһын уо.д.а ирдэниллэр. Хотугу таһаҕаһы тиэйиигэ наука эмиэ оруоллаах буолуохтаах. ХИФУ ректорын солбуйааччы Александр Кугаевскай хотугу таһаҕаһы тиэйиини тэрээһин, технологическай, сокуон-норматив уонна үбүлээһин өттүнэн ырытта. Баларга сигэнэн сайдыахтааҕа этилиннэ. Арктиканы сайыннарыыга миниистир Владимир Черноградскай тиэрдиллибит таһаҕаһы харайар сир суоҕун ыйда (ыскылааттар, камералар, овощехранилищелар эҥин). Ол да буоллар, быйыл эргиэн-логистика 5 киинин тутууну саҕалаабыттар. Хотугу таһаҕаһы тиэрдии тутула уонна толоруллуута олох дьэҥкэ буолуохтааҕын “Якутоптторг” тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Николай Алексеев саамай сөпкө бэлиэтээтэ. “Ити кыаллара буоллар, “күөх рейстэри” тиэрдии кыраапыгын бачча чыыһылаҕа, манна тиэрдэбит диэн таһаарыа этибит”, — диир. Владимир Черноградскай эппитин курдук, кини эмиэ Арктикаҕа ыскылаат суоҕа харгыстыырын, бэл, 1963 с. тутуллубут сарайдары туһаналларын бэлиэтээтэ. Уонна биир кыһалҕалаах боппуруоһу – килиэби астыыр тэриллэр 90 быр. эргэрбиттэрин эттэ. Онон хотулар килиэбэ суох олорон хаалыахтарын сөп.
Таһаҕаһы тиэрдиигэ суолу-ииһи бэлэмниир “Арктика суоллара” 2014 с. тэриллэн үлэлиир. Тиэхиньикэнэн хааччыллыбыттар эрээри, хоту дойдуга үлэлииргэ каадырдар тиийбэттэр. Муус хойутаан туруута кыһыҥҥы суолу арыйыыны тардар, онон кыһыҥҥы суолу туһаныы кэмэ аччыыра бэлиэтэннэ.
Саха сирин айылҕата, суолун-ииһин уустуга таһаҕаһы уона уматыгы-оттугу тиэрдиини 1-1,5 сыл урутаан илдьиини ирдиирин “төгүрүк остуол” кыттыылахтара бэлиэтээтилэр.
Түмүккэ салгыы хайдах хотугу таһаҕаһы тиэйиини тупсарарга сүбэ ылыннылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: