Салгыы
Хотун Төҥүлүгэ «Алаас ыала» түмсүү бэлиэ күнэ

Хотун Төҥүлүгэ «Алаас ыала» түмсүү бэлиэ күнэ

22.05.2023, 17:30
Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспатын хаартыската
Бөлөххө киир:

Ааспыт өрөбүл күн Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлүтүгэр «Алаас ыала» түмсүү төрүттэммитэ 15 сылын бэлиэтээтилэр.Ол туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Улуус үрдүнэн 50 кэриҥэ ыал сүөһү иитиитинэн, отонноох мастары олордуунан, сибэкки эгэлгэтин үүннэриинэн, уо.д.а. дьарыктанар. Төҥүлү нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ эмиэ хамсааһыҥҥа биир санаанан кыттыһаллар.

«Алаас ыала» уопсастыбаннай түмсүүнү улууска Мария Шарина 1997 сыллаахха тэрийбитэ. Онтон 2008 сылтан Төҥүлү нэһилиэгэр бу хамсааһын салайааччытынан Марта Романова үлэлээбитэ номнуо быйыл 15 сыла буолбут.

Бэлиэ күн быыстапка-дьаарбаҥкатыгар оҕуруот аһыттан саҕалаан сибэккилэр арассаадаларыгар, сахалыы таҥаска, бэйэ буһарбыт аһыгар тиийэ атыыланна. Тэрээһиҥҥэ ыраахтан-чугастан ыалдьыттар кэлэн кытыннылар.

Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар Улуус баһылыгын социальнай уонна имиджевэй бэлиитикэҕэ солбуйааччыта Альбина Григорьева Мэҥэ Хаҥалас улууһун тыатын хаһаайыстыбатын салаатыгар үтүө суобастаахтык, өр сылларга сыралаахтык үлэлээбит «Алаас ыала» уопсастыбаннай түмсүү үбүлүөйүнэн Марта Романоваҕа «Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар кылаатын иһин» анал бэлиэни туттарда.

Нэһилиэк баһылыга Петр Эверстов, социальнай бэлиитикэ салалтатын салайааччыта Октябрина Кулешова, «Эгди» дьиэ кэргэн уонна биизинэс киинин дириэктэрэ, уопсастыбанньык Алеся Сосина, Доллу нэһилиэгин баһылыга Николай Сивцев, Араҥас нэһилиэгин дьаһалтатын сүрүн исписэлииһэ Анисия Максимова, «Алаас ыала» түмсүү бастакы тэрийээччитэ, аҕа сүбэһитэ Мария Шарина бу үөрүүлээх күнүнэн тыл этэн эҕэрдэлээтилэр, түмсүү хамсааһыныгар кылааттарын киллэрбит үтүө үлэһит дьоҥҥо махтал суруктарын туттардылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
20 сентября
  • 2°C
  • Ощущается: -0°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: