Салгыы
Христина Бурнашева кэлиэксийэтэ сөхтөрдө

Христина Бурнашева кэлиэксийэтэ сөхтөрдө

11.10.2022, 18:26
Бөлөххө киир:

“Кэлиэксийэ — ураты умсулҕан”, —  диэн  Лөгөй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ уус-уран оҥоһуктарын ускуустубатын маастара, улуус, Лөгөй нэһилиэгин иискэ маастардара, улуус култуурата сайдыытыгар кылаатын иһин бэлиэлээх, элбэх оҕо ийэтэ, сиэннэр  эбэлэрэ, хос эбэ сытын ылбыт Христина Михайловна Бурнашева олус сөпкө этэр. Оҕо сааһыгар кэмпиэт суутун, кэмбиэр мааркаларын, аккырыыккалары мунньууттан саҕаланан, дьэ,  ураты умсулҕаҥҥа ылларбыт.

Сааһырбыттар декадаларын чэрчитинэн,  култуура киинин кэлэктиибин тэрээһининэн сыанаҕа  баай кэлиэксийэ быыстапкалара көрдөрүүгэ турбуттарын киһи эрэ сөҕөн, кэрэхсээн көрдө.

1961 сылтан мунньуллубут И.Дергилёв — 362, А.Исаков — 105, Л.Похитонова— 110, Е.Куртенко — 101, Саҥа дьыллааҕы – 571,  урукку сыллары санатар аккырыыккалар билигин өссө күндүркэйбиттэрин быыстапкаҕа көрөн өйдөөтүбүт. Өссө Өктөөп, ыам ыйын 1 күнэ, Дьахтар күнүн аккырыыккалара кэккэлэспиттэр. Кэмпилиэк-аккырыыкка 300 устуука баара сөхтөрдө. Испиискэ этикеткэтэ 204 анал паапкаҕа сыһыарыллыбыт.1000-ҕа тиийэр хармааҥҥа угуллар халандаардар, 100-тэн тахса устуука тиэмэлэринэн паапкалар кэлиэксийэни байыппыттар.

Христина Михайловна бу хаһыаттан, сурунааллартан кырыйыллыбыт матырыйааллара оскуола бибилэтиэкэтигэр  үлэлиир сылларыгар көмөлөспүттэрин, учууталлар, култуура үлэһиттэрэ, лиэктэрдэр үлэлэригэр туһанаары инники сылларга уларсалларын эттэ. Ордук оҕолоро, үөрэнээччилэр научнай дакылаакка тутталлар эбит. Кэргэнэ Алексей Петрович Бурнашев география учуутала, оскуола дириэктэрэ, сэбиэт бэрэссэдээтэлэ өй уган, тиэмэнэн паапкалары мунньубутун кэпсээтэ.

Үүнээйилэргэ, кыылларга, көтөрдөргө аналлаах энциклопедиялар киһи эрэ болҕомтотун тартылар. Сааһыран баран чаанньыктары мунньубут. Араас сылабаардар алтантан саҕалаан, чаанньыктар омук сирдэриттэн аҕалыллан, дойдулар ааттарынан таас чааскылар, былыргыттан быйылгыга диэри чаһылар харах ылбат элбэҕэ буолан биэрдэ.

Улуус, СӨ кэлэксийэниэрдэрин  сойууһугар ылыллыбыт, элбэх быыстапкаларга кэлиэксийэтэ кэрэхсэммит Далбар Хотуммут ииһин,кыбытыгын быыстапката Дьокуускай куоракка уонтан тахса сыллааҕыта аан бастаан турбута. “Үһүс саас оскуолата” аһыллан,  эдэр ийэлэри,  кыбытык куруһуогун аһан үөрэппитинэн барбыта. “Саха соно” түмсүүнү тэрийэн,  быйыл саас Дьокуускайга, сайын Бороҕоҥҥо ыытыллыбыт оонньууларга хаамсан элбэҕи көрөн кэлбиттэриттэн сүргэтэ көтөҕүлүннэ.

Өбүгэ аһын кийиит буолан кэлээт урууларга, үөрүүлэргэ астаан сөхтөрбүтэ. Ииһинэн эрэ буолбакка,  туоһунан тойук туойан, хомуска баҕалаахтары үөрэтэн, оҕуруонан, быысапканан, куруһубанан дьарыктанан,  элбэх үлэтин  дьиэтигэр көрүөххэ эмиэ сөп.

Оҕуруота, сибэккитэ барыта ситэр сиэдэрэй киһибит дьоро чааһын Кэптэни кэлэксийэниэрдэрин салайар Вера Сыроватская ыытта. “Лөгөй махтала” бэлиэни, Култуура киинин кэлэктиибин эҕэрдэтин дириэктэр  Владимир Прядезников, Мүрү “Умсулҕан” түмсүүтүттэн эҕэрдэлэрин Мотрёна Москвитина, Иван Тордуянов туттардылар уонна улуус бэтэрээннэрин сүбэтин Бочуотунай грамотатынан наҕараадаланна. Сэргэй Баһылайап эппитинии, “Киһи өҥнөөх буолуохтаах” диэн кэрэ өйдөбүл Христина Михайловнаҕа анаммыт курдук.

Ульяна БУРНАШЕВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: