Салгыы
Христина Софронова: «Уол оҕо – эр киһи»

Христина Софронова: «Уол оҕо – эр киһи»

Ааптар:
02.11.2022, 11:08
Бөлөххө киир:

“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.

Куонкуруспут 57-с кыттааччыта Кэбээйиттэн  Христина Ивановна  Софронова:

Уол оҕо – эр киһи

Уол оҕо — ат кулун,

Уол оҕо — эстибэт күүс!

Уол буолар —  дурда-хахха!

Уол буолар – олох төрдө!

Доҕор, атас, табаарыс —

Көмүскэс  санаалаах эр бэрдэ.

Кини куруук инники күөҥҥэ,

Бигэтик эрэлин толорор.

Ийэ дойдуга ананан кэлэн,

Ытык иэһин төлүөхтээх.

Эркин, эрэл  – саллаат буолан

Дойдутун көмүскүөхтээх.

Дойдутун туһугар  ыарахан түгэҥҥэ

Кэннинэн кэхтиэ суохтаах.

Уоттаах да сэриигэ

Кыайыыны уһансыахтаах.

Ыал олоҕо, тэнийэр кэскилэ,

Ыал тирэҕэ, аҕатыгар.

Сылаас дьиэни  туттан киирэр,

Олоҕу түстүүр – эр киһи.

Ийэ күүстээх  таптала —

Уолугар бэриллиэхтээх.

Олох салҕанар уйгута

Уол оҕоҕо, эр киһиэхэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 июля
  • 18°C
  • Ощущается: 18°Влажность: 88% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: