Кэлиҥҥи сылларга художественнай гимнастиканан дьарыктанар спортсменнар бэрт үрдүк көрдөрүүлэри ситистилэр.
СӨ художественнай гимнастикатын федерациятын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Ил Дархан Айсен Николаев «Азия оҕолоро» VIII спортивнай оонньууларын уотун уматыы сиэригэр -туомугар тыл этэригэр, кэлиҥҥи үс сылга 12 гимнастка Арассыыйа успуордун маастарын нуорматын толорбут. Билигин художественнай гимнастиканы өрөспүүбүлүкэ иһигэр сайыннарыы сүрүн соругунан буолар. Онуоха сөптөөх усулуобуйаны тэрийиэххэ наада.
СӨ художественнай гимнастикатын федерациятын бэрэсидьиэнэ Людмила Николаева: «Успуорт бу көрүҥүн үс хайысханан сайыннарыы соруга турар: Дьокуускай куорат таһыгар баар улуустар; арҕаа – Мииринэй куорат эҥэр; Саха сирин соҕуруу өттө — Нерюнгри куорат эҥэр. Маны таһынан, Алдан уонна Ленскэй улуустарыгар успуорт бу кэрэ көрүҥүн эмиэ сайыннарар соруктаахпыт», — диэн бэлиэтиир.
Ньурба уонна Покровскай гимнасткалара кимнээҕэр табыллыбыттар – манна спортивнай оскуолалар истэринэн отделениелар аһыллан тураллар. Ол эбэтэр бу диэки дьарыктанарга баазалаахтар. Хас да сыллааҕыта гимнастика стандартыгар түбэһэр биир да саала суох эбит буоллаҕына, бүгүҥҥү күҥҥэ саҥа спортивнай эбийиэктэри тутууга федерация салайааччыта Людмила Николаева бырайыактыырга бу ирдэбил кытаанахтык тутуһулларыгар этии киллэрбитэ.
Художественнай гимнастиканы утумнаахтык сайыннара сылдьар киһинэн Хаҥаластааҕы Оҕо спортивнай оскуола тириэньэрэ Тамара Борисова буолар. Кини Дьөппөн, Мохсоҕоллоох, Ой нэһилиэктэрин кыргыттарын гимнастикаҕа эмиэ бэлэмниир.
— Гимнастика курдук көрүҥү Оскуола оҕолорун өрөспүүбүлүкэтээҕи спартакиадатыгар киллэрбиттэр этэ. Ол эрээри булгуччулаах усулуобуйа баара: успуорт бу көрүҥэ 9 муниципальнай тэриллиигэ сайдыбыт буолуохтаах. Бу иннинэ гимнастиканан Дьокуускайга, Мииринэйгэ, Нерюнгригэ, Ньурбаҕа уонна Покровскайга эрэ дьарыктыыллара. Мин Нам улууһугар уонна Хатаска успуорт бу көрүҥүнэн дьарыктаналларын көҕүлээбитим. Хатаска 4-7 саастаах 30 оҕо гимнастиканан дьарыктанар. Уочаракка – Мэҥэ Хаҥалас улууһа турар. Бэртээхэй спорткомплекс Аллараа Бэстээххэ баар. Онно тириэньэр көрдүүбүт. VIII спортивнай оонньуулар бырагыраамаларыгар киирбит гимнастика курдук успуорт көрүҥэ күрэхтэһиигэ кыттааччыларга салгыы күүстээх сайдыы олугун ууруоҕар эрэнэбит, — диэн тириэньэр Тамара Борисова санаатын үллэһиннэ.
«Триумф» успуорт уораҕайыгар саҥа тренажернай саалана арыйар лиэнтэни быһыы үөрүүлээх тэрээһинигэр Арассыыйаҕа чэпчэки атлетикаҕа успуорт…
Дьокуускайга сэтинньи 16 күнүгэр Ойуунускай уулуссаҕа элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ тахсыбыт баһаар кэнниттэн үгээрдээн икки оҕо 1-кы…
Амма улууһа мас тардыһыыга Федерация Куубагын күрэҕин түмүгүнэн Үөһээ Бүлүү улууһун хамаандатын кытта күүстээх киирсиитин…
Ахсынньы 14 күнүгэр сарсыарда 11 чаас саҕана Амур уобалаһын өттүттэн Нерюнгри диэки хайысханан айааннаан испит…
Соторутааҕыта Уус Алдан улууһун Эһэлээх сэлиэнньэтин таһыгар булчуттар бөрө үөрэ сиэбит сылгы өлүгүн булбуттара. Бу…
Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…