Салгыы
Худуоһунньук дьоруойдара — үлэ дьоно

Худуоһунньук дьоруойдара — үлэ дьоно

29.12.2024, 21:32
Хаартыска: Амалия Атласова тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ СӨ Национальный художественнай мусуойугар Саха сирин народнай худуоһунньуга Николай Иннокентьев 80 сааһыгар  анаммыт үбүлүөйдээх быыстапка үлэлээтэ.

Тэрээһин туһунан култуура үлэһитэ Амалия Атласова билиһиннэрдэ:

— «Худуоһунньук-учуутал. Нэһилиэстибэ» быыстапкаҕа норуот худуоһунньугун бэйэтин үлэлэрэ, ону тэҥэ үөрэнээччилэрэ уонна кыргыттара – Мария, Ньургуйаана уонна Айталина 60-тан тахса үлэлэрин билиһиннэрдилэр.

Николай Иннокентьев сүрүннээн дьон мэтириэтин табыллан суруйар маастар. Маныаха киһи майгытын, олоххо сыһыанын толору көрдөрөр. Худуоһунньук хартыынатыгар тыа сирин тиэмэтэ ураты миэстэни ылар. Ол курдук, тыа киһитин күннээҕи олоҕун кытта сибээстээх нэһилиэк олоҕун тиэмэлэрин уонна айылҕа кэрэ көстүүтүн ыкса ситимнээн, киһи дууһатын хаппахчытын арыйар. Ол, биллэн турар, ис иһиттэн норуокка чугас тыыннаах буолан, көрөөччүнү бэйэтигэр тардар. Үгүс хартыына  көлүөнэлэр сибээстэринэн, сирдээҕи олох-дьаһах туһунан толкуйдуурга төрүөтү үөскэтэр. Худуоһунньук өҥү табыгастаахтык оонньоторунан хартыына ис хоһоонун дириҥ суолталыыр. Ол  курдук, Николай Иннокентьев күн уотугар умса түспүт мастар күлүктэрин,  сайыҥҥы хонууга куйаастан күөх үүнээйи нуоҕайан түспүтүн, тыа сирин салгына  ураты  “сыттааҕын” ойуулаабытын – бу маны барытын көрөр-истэр киһи толору бэйэтигэр ылынар.

Маны таһынан, норуот худуоһунньуга үлэ дьонун күннээҕи түбүгүн арыйар хартыыналара болҕомтону тардаллар. Ол курдук, БАМ тутааччылара, табаһыттар, тыа сирин үлэһиттэрэ уо.д.а. норуот хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах идэлээх дьон — сүрүн дьоруойдар. 

Ньурба Маалыкайыттан төрүттээх, Саха сириттэн Норуоттар Доҕордоһуулара уордьаннаах соҕотох худуоһунньугу биир дойдулаахтара кэлэн эмиэ эҕэрдэлээтилэр. “Биир түөлбэттэн  төрүттээхпитинэн киэн туттабын: кини төрөөбүт Маалыкайа мин Чаппандабыттан ырааҕа суох. Николай Николаевич айылҕа уонна мэтириэт жанрдарын нөҥүө киһини, кини духуобунай ис эйгэтин арыйбыт уһулуччу маастар-худуоһунньук”, — диэн бэлиэтээбитэ быыстапка аһыллыытыгар искусствовед Зинаида Иванова-Унарова.

1973 сылтан Николай Иннокентьев П.П.Романов аатынан художественной училище преподавателинэн үлэлээбитэ. Онтон ыла сүүсчэкэ ыччат Николай Николаевич үрдүк таһымнаах оскуолатын ааспыта. Кини үөрэнээччилэрэ үгүстэрэ дойду саамай ааттаах-суоллаах үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар — Санкт-Петербурга уонна Москваҕа үөрэхтэрин салҕаан, идэтийбит худуоһунньук, архитектор, дизайнер, искусствовед буолбуттара. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, аҕаларын туйаҕын кини төрөппүт кыргыттара хатаран, ааттах-суоллаах худуоһунньук буола үүммүттэрэ.

Николай Иннокентьев хартыыналара кини төрөөбүт Сахатын сирин художественнай баайынан уонна нэһилиэстибэтинэн буолаллар. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 января
  • -52°C
  • Ощущается: -52°Влажность: 64% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: