Худуоһунньук Екатерина Суржанинова быыстапката арылынна
Кулун тутар 15 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” устуоруйа пааркатыгар худуоһунньук Екатерина Суржанинова быыстапката арылынна.
Быыстапка сотору бэлиэтэнэр Арктика күнүн чэрчитинэн ыытыллар. Екатерина үлэтэ сүрүннээн хотугу норуоттары, Арктиканы, сирин-уотун хоһуйар. Худуоһунньук бу үһүс быыстапката. Кэнники сылларга Екатерина хоту улуустарга хаста да айаннаан, көрбүтүн хартыынаҕа кубулуппут. Быыстапка дьүкээгир тылынан ааттаммыт, “Мит чайлэ” диэни быһа холоон “Биһиэхэ анаммыт сырдык” диэн тылбаастыахха сөп.
Суржанинова күн-дьыл туругуттан чаҕыйбакка, тымныыга, бырдах үгэнигэр айылҕа ортотугар туран уруһуйдуур. Тус бэйэм, кини пейзажтарын ордук сөбүлүүбүн, кини курдук чопчутук хотугу күн хаары сырдатарын тиэрдибит худуоһунньук аҕыйах дии саныыбын.
Быыстапка муус устар 14 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ. Сылдьыҥ, кэрэхсээҥ.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: