Бүгүн Ил Түмэҥҥэ Өймөкөөн улууһун 1-кы гильдиялаах меценат-атыыһыта Н.О. Кривошапкин төрөөбүтэ 185 сылыгар анаммыт суолталаах мунньах буолан ааста.
Үбүлүөйдээх мунньахха Ил Түмэн дьокутааттара, кэккэ улуус салайааччылара, Дьокуускай куорат уонна Өймөкөөн улууһун уопсастыбаннаһа кыттыыны ыллылар. Тэрээһини улуус баһылыга Иннокентий Сивцев салайан ыытта.
Үөрүүлээх мунньах сүрүн бэбиэскэтэ — А. С. Бочкарева-Иннокентьева-Сууралдьыма Өймөкөөн улууһун олохтоохторо хомуйбут харчыларынан биир дойдулаахтара, меценат атыыһыт Н.О. Кривошапкин олоҕун-дьаһаҕын кэпсиир 5 хартыынаны ойуулаан суруйбут биһирэмэ уонна кыраайы үөрэтээччи, Өймөкөөн улууһун Бочуоттаах гражданина Тамара Васильева Өймөкөөн аатырбыт атыыһыта Ньукулай Кырбаһааҥкын 185 сыллаах үбүлүөйүгэр анаан архыыптан булбут докумуоннарын тиһэн, хаартыскалары мунньан таһаарбыт кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла.
Мунньах бастакы чааһыгар РФ үтүөлээх учуутала, Өймөкөөн улууһун бочуоттаах олохтооҕо Мария Боярова Ньукулай Кырбаһааҥкын олоҕун туһунан дириҥ ис хоһоонноох дакылааты аахта.
Онтон Н.О. Кривошапкин аатынан Дьокуускай куорат 5 №-дээх орто оскуолатын учууталлара уонна үөрэнээччилэрэ меценат-атыыһыт туһунан биллибэтэх чахчылары архыыптан булбуттарын билиһиннэрдилэр.
Дьэ, онтон үөрүүлээх түгэн саҕаланна — Арассыыйа худуоһунньуктарын чилиэнэ, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Александра Бочкарева-Иннокентьева – Сууралдьыма бэйэтэ уруһуйдаабыт хартыынатын дьүүлгэ таһаарыыта буолла.
— Мэтириэти суруйуу — холустаҕа киистэни ыллыҥ да, уруһуйдаан барыы буолбатах. Бу олус дириҥ үлэ — дьоруойуҥ туһунан, кини үлэтин-хамнаһын билэр буоллаххына уонна ону дьоҥҥо тиэрдиэм диэн улахан далааһыннаах киһи мэтириэтин суруйарга ылсаҕын. Салгыы ситэрэн суруйан, Олоҥхо Ыһыаҕар тиийэн, анаан үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлэхтиэм, — диэн бэлиэтээтэ Саха сирин аатырбыт худуоһунньуга Александра Бочкарева-Иннокентьева – Сууралдьыма уонна хартыынаны хомуллар гына оҥорбут мас ууһа Владислав Малгины кытта долгуйан туран арыйдылар.
Ил Түмэн дьокутаата Сахамин Афанасьев «Хартыынаҕа Ньукулай Уоһукабыс олоҕун биэс түһүмэҕэ ойууламмыта — кини сахатын норуотугар хаалларбыт сүрүн кылаата, өйдөбүнньүгэ», — диэн санаатын тиэртэ.
Култуура уонна ускуустуба Арктическай институтун профессора, социология билимин дуоктара Ульяна Винокурова бүгүҥҥү Волонтер күнүнэн эҕэрдэлээн туран, «Сахабыт сирин бастакы волонтерун бүгүн чиэстии уонна кини холобурун анаан-минээн тарҕата кэлэн олорор курдукпут», — диэн эппитэ олус да иһирэхтик иһилиннэ!
Улуус баһылыга Иннокентий Сивцев «Өймөкөөн улууһун олохтоохторо бары турунан биир дойдулаахтарын Ньукулай Кырбаһааҥкыны холустаҕа үйэтитэргэ сананан, бэйэлэрэ үбүлээн уруһуйдаппыттара, холобур буолуон сөптөөх дьыала. Хартыынаны уруһуйдатар үп аҕыйах күн иһигэр хомуллубута. Бу хартыынаны дьоҥҥо-сэргэҕэ аан бастаан көрдөрөн саҕалааһыммыт. Аны салгыы нэһилиэктэринэн, мусуойдарынан, оскуолаларынан, бибилэтиэкэлэринэн көрдөрүөхпүт. Биһиги Өймөкөөммүт кэрэ айылҕата, очур таас хайалара 1-кы гильдиялаах меценат-атыыһыт Николай Кривошапкин оҥорбут үтүө дьыалаларын кытта биир ситимнээх буолан, улууспут устуоруйатын быһыытынан биир хартыынаҕа батан, биир улахан мэтириэт буолан суруллубута — сонун көстүү», — диэн махтанан туран, Александра Бочкарева-Иннокентьева – Сууралдьымаҕа тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уонна Махтал суругу туттарда.
Быйыл улууспутугар Саха сирин киэн туттуута, Өймөкөөн меценат атыыһыта Н.О. Кривошапкин 185 сылыгар анаан Үтүө дьыала сылынан биллэриллибитэ. Онон бу суолталаах сылга Александра Самсоновна бэйэтин үтүө дьыалатынан эмиэ кыттыһан, Өймөкөөн улууһун дьонугар тугунан да сыаналаммат бэлэҕи оҥордо.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…