«Һунтаар һаҥа һыла — Хатаска»
Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх, Хатас нэһилиэгэр дьаакырдарын түһэрэн олорор биир дойдулаахтарбыт Саҥа Дьыл чөкө киэһэтигэр ыҥыран ыалдьыттаттылар.
Биһиги 5 ыал тэринэн, Хатаска «Махтал» диэн банкеттыыр саалаҕа тиийэн, Саҥа дьылы көрсөр дьоро киэһэҕэ кыттан, олус астынан, дуоһуйан куораппытыгар төнүннүбүт. Бырааһынньыгы Сунтаар Кириэстээҕиттэн төрүттээх Маргарита Индеева көҕүлээһининэн, Хатас «Тускул» Култуура дьиэтин норуодунай тыйаатырын салайааччыта Евдокия Семенова-Ичээнэ уонна илиҥҥи үҥкүүлэргэ маастар-үҥкүүһүт Анастасия Габышева-Сыдьаайа, кини олоҕун тапталлаах аргыһа, тиэннискэ успуорт маастара Аркадий Иванов иилээн-саҕалаан ыыттылар.
Өрөспүүбүлүкэ биллиилээх оһуохайдьыта, Дархан этээччи Антонина Алексеева бастакы оһуохай түһүлгэтин саҕалаан, сылаас ытыспытынан ыга тутуһан бырааһынньыкпытын саҕалаатыбыт.
Биһиги, түмэр сүбэ ыҥырыытынан кэлбит дьон, биир дойдулаахтарбытын кытары ирэ-хоро сэлэһэн, үөрэн-көтөн дуоһуйан бырааһынньыктаан бардыбыт. Чөкө саала олус сэргэхтик киэргэтиллэн, остуол тардыллан, иһит-хомуос ууруллан бэлэм турар. Барыта 60-70 ыалдьыт баар. Хатаска дьаакырдарын түһэрбит дьон дойду ахтылҕанын таһаарар санааттан тэрийбит бырааһынньыктара тэрээһиннээхтик ааста. Ол иһигэр, үлэ бэтэрээннэрэ өр көрсүбэтэх биир дойдулаахтарын көрсөн сэлэһэн тириилэрэ тэнийбитэ буолуо диэн сэрэйэҕин… Дойдуларын ахтылҕанын таһааран, өр кэмҥэ көрсүбэтэх доҕотторун кытта сэлэһэн, астыныы долгунугар устубуттара буолуо, урукку, билиҥҥи кэмнэри ахтан-санаан аастахтара…
«Ыаллыылар» дьүөгэбит, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр ырыа айааччы, СӨ култууратын туйгуна, биһиги киэн туттар кыыспыт, дьүөгэбит Фатина Иванова матыыбыгар хаар туһунан ырыаны ыллааммыт, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ыллыбыт быһыылаах…
Өр кэмҥэ көрбөтөх биир дойдулаахтарбытын кытта кэпсэтэн, ыраахтан сырдык мичээрбитин утары бэрсэн, дууһабытыгар сып-сылаас иэйиини киллэрэн олохсуттубут.
Тэрийээччилэргэ барыгытыгар, Хатас нэһилиэгин Сунтаарын дьонугар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Бары этэҥҥэ сылдьан олох кэрэтин билэн, үөрүү түһүлгэтигэр бу курдук түмсэн, дьоллоох, иэйиилээх түгэннэргэ (түһүлгэҕэ) өссө да муста сылдьыаҕыҥ. Бары доруобай, чэгиэн буолуҥ, биир дойдулаахтарбыт барахсаттар.
Антонина СТЕПАНОВА, СӨ үтүөлээх үлэһитэ, Сунтаар Күүкэйиттэн төрүттээх.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: