«Һунтаар һаҥа һыла — Хатаска»

Share

Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх,  Хатас нэһилиэгэр дьаакырдарын түһэрэн олорор   биир дойдулаахтарбыт Саҥа Дьыл чөкө киэһэтигэр ыҥыран ыалдьыттаттылар.

Биһиги 5 ыал тэринэн, Хатаска «Махтал» диэн банкеттыыр саалаҕа тиийэн, Саҥа дьылы көрсөр дьоро киэһэҕэ кыттан, олус астынан, дуоһуйан куораппытыгар төнүннүбүт. Бырааһынньыгы Сунтаар Кириэстээҕиттэн төрүттээх Маргарита Индеева көҕүлээһининэн, Хатас «Тускул» Култуура дьиэтин норуодунай тыйаатырын салайааччыта Евдокия Семенова-Ичээнэ уонна илиҥҥи үҥкүүлэргэ маастар-үҥкүүһүт Анастасия Габышева-Сыдьаайа, кини олоҕун тапталлаах аргыһа, тиэннискэ успуорт маастара Аркадий Иванов иилээн-саҕалаан ыыттылар.


Өрөспүүбүлүкэ биллиилээх оһуохайдьыта, Дархан этээччи Антонина Алексеева бастакы оһуохай түһүлгэтин саҕалаан, сылаас ытыспытынан ыга тутуһан бырааһынньыкпытын саҕалаатыбыт.
Биһиги, түмэр сүбэ ыҥырыытынан кэлбит дьон, биир дойдулаахтарбытын кытары ирэ-хоро сэлэһэн, үөрэн-көтөн дуоһуйан бырааһынньыктаан бардыбыт. Чөкө саала олус сэргэхтик киэргэтиллэн, остуол тардыллан, иһит-хомуос ууруллан бэлэм турар. Барыта 60-70 ыалдьыт баар. Хатаска дьаакырдарын түһэрбит дьон  дойду ахтылҕанын таһаарар санааттан тэрийбит бырааһынньыктара тэрээһиннээхтик ааста. Ол иһигэр, үлэ бэтэрээннэрэ өр көрсүбэтэх биир дойдулаахтарын көрсөн сэлэһэн тириилэрэ тэнийбитэ буолуо диэн сэрэйэҕин… Дойдуларын ахтылҕанын таһааран, өр кэмҥэ көрсүбэтэх доҕотторун кытта сэлэһэн, астыныы долгунугар устубуттара буолуо, урукку, билиҥҥи кэмнэри ахтан-санаан аастахтара…
«Ыаллыылар» дьүөгэбит, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр ырыа айааччы, СӨ култууратын туйгуна, биһиги киэн туттар кыыспыт, дьүөгэбит Фатина Иванова матыыбыгар хаар туһунан ырыаны ыллааммыт, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ыллыбыт быһыылаах…
Өр кэмҥэ көрбөтөх биир дойдулаахтарбытын кытта кэпсэтэн, ыраахтан сырдык мичээрбитин утары бэрсэн, дууһабытыгар сып-сылаас иэйиини киллэрэн олохсуттубут.
Тэрийээччилэргэ барыгытыгар, Хатас нэһилиэгин Сунтаарын дьонугар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Бары этэҥҥэ сылдьан олох кэрэтин билэн, үөрүү түһүлгэтигэр бу курдук түмсэн, дьоллоох, иэйиилээх түгэннэргэ (түһүлгэҕэ) өссө да муста сылдьыаҕыҥ. Бары доруобай, чэгиэн буолуҥ, биир дойдулаахтарбыт барахсаттар.

Антонина СТЕПАНОВА, СӨ үтүөлээх үлэһитэ, Сунтаар Күүкэйиттэн төрүттээх.

What’s your Reaction?
+1
9
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2
+1
3

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Социальнай пуонда биэнсийэни уонна оҕо босуобуйатын эрдэ төлүөҕэ

Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата биллэрбитинэн, 2025 с. тохсунньу ыйдааҕы биэнсийэни уонна босуобуйаны түҥэтии болдьоҕо…

14 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Моҕой сыла хайдах буолуой?

Кэлэн иһэр 2025-с Моҕой сыла, астрологтар этэллэринэн, икки өрүттээх буолуоҕа: сорохторго ситиһии, үтүө уларыйыылар тосхойуохтара,…

53 минуты ago
  • Сонуннар

Махталбын биллэрэбин

Олохпун, үлэбин кэрэ абылаҥнаах үҥкүүгэ анаабыт кэрэ кэмнэрим дьонугар уонна кэнники аттыбар буолан олохпун күн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьыллааҕы бит-билгэ

Хантан кэлбитэ, ким айбыта биллибэт эрээри, Саҥа дьыл бэйэтэ туспа үгэстээх, биттээх-билгэлээх. Сорох дьон маны…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мас ууһун идэтин баһылаабыт уол олоҕор толору бэлэмнээх буолар

Бу күннэргэ Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар мас ууһун уонна кыра массыыналары көрүү-истии, өрөмүөннээһин сатабылларын төһө иҥэриммиттэрин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Сунтаарга буокса күрэһэ

Сунтаарга бу күннэргэ үс күн устата Алквиад Иванов аатынан Оҕо спортивнай олимпийскай эрэллэри бэлэмниир оскуолаҕа…

4 часа ago