Өлүөхүмэ оройуонун I Нөөрүктээйи нэһилиэгин бэтэринээринэй учаастагар субуотунньук буолла. Бу бэтэринээринэй учаастакка «Для СВОих» диэн байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаан көмө хомуйар кулууп олохтонуохтаах.
Нэһилиэк дьаһалтата улуус бэтэринээринэй управление салайааччытыгар Светлана Александровна Мироноваҕа уонна Нөөрүктээйи бэтэринээринэй учаастагын сэбиэдэссэйэ Николай Егорович Горбуновка махталын биллэрдэ.
Субуотунньук күн икки былаастык түннүгү олордон, дьиэ ис барааныгар соҕуруойка туруоран, кирилиэһи өрөмүөннээн үлэ күөстүү оргуйбут. Кулууп кыттыылаахтара, дьахталлар уонна бэтэрээннэр сэбиэттэрэ салгыы косметическай өрөмүөнү оҥоруохтаахтар.
Ахсынньы 4 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ "Саха киинэтин сайдыыта" диэн "төгүрүк остуол" буолла. Манна саха киинэтин…
Ньурба оройуонун Маалыкай уонна Хатыы сэлиэнньэлэригэр “Саха сүөһүтэ” генофонднай хааһына тэрилтэтэ сылгы баазаларын…
Биллэрин курдук, Саха сирин сайдыытыгар улахан үлэни ыыппыт “Мин Сахам сирэ 21-с үйэҕэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө…
Ахсынньы 4 күнүгэр Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтар идэлэрин баһылааһыҥҥа…
Ахсынньы 3 күнүгэр Таатта улууһун олохтоох дьаһалтатыгар «Манчаары оонньууларын» тэрийиигэ уонна ыытыыга аналлаах сүбэ мунньах…
Чурапчы улууһун Толоон сэлиэнньэтигэр саҥа култуура дьиэтин тутуута түмүктэннэ. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн бырайыактыыр докумуон ирдэбилигэр сөп…