И.П. Михайлов-Харачаас туһунан киинэ уһуллан сүрэхтэннэ
27.06.2024, 18:15
Хаартыска: «Амма олоҕо» хаһыат
Бөлөххө киир:
Бэс ыйын 27 күнүгэр Амма Сулҕаччытыгар Номоххо киирбит сахалартан бастакы Бойобуой Кыһыл Знамя Уордьан кавалера И.П. Михайлов-Харачаас хорсун сырыытын туһунан «Харачаас» уус-уран киинэ сүрэхтэниитэ буолла.
Христофор Максимов аатынан Култуура киинигэр «лыык» курдук дьон муһунна. Киинэ бырайыагын ааптара — Алексей Ильич Никифоров. Режиссер Рустам Пудов, сценарийы Татьяна Павлова суруйда, киинэни устар бөлөҕү Василий Неустроев, Надежда Владимирова салайдылар.
Сүрүн оруолга оонньоотулар — Герман Христофоров — Харачааһы, Александр Неустроев — Чурины, Данил Михайлов — Байанай Сэмэни, Георгий Степанов — Үрүҥ бандьыыт тойоно Үүттүүр уолун.
Бэлиэтээн эттэххэ, киинэ олунньу ый томороон тымныытыгар, -50 кыраадыс сатыылаан турдаҕына уһуллубута.
+1
6
+1
+1
+1
1
+1
+1
1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: