Идэҕэ бэлэмниир 12 мастарыскыай аһыллыаҕа
Быйыл Саха сирин 12 профессиональнай үөрэх кыһатыгар сүрүн идэлэргэ бэлэмниир мастарыскыайдар баар буолуохтара. Ол бэрэсидьиэн Уһук Илиннээҕи субсидиятынан тэриллэр. 2025 сыл бүтүөр диэри барыта 46 мастарыскыай аһыллыаҕа.
2023 сылга 12 мастарыскыай тэриллиэҕэ, ол иһигэр Черскэйгэ Арктикатааҕы хотугу норуоттар кэллиэстэригэр уонна «Арктика» оробуочай каадырдары бэлэмниир киин салааларыгар — Баатаҕайга, Эдьигээҥҥэ, Тиксиигэ. Билигин анал тэрилинэн хааччыйыы үлэтэ барар.
Холобур, Баатаҕайга «Сетевое и системное администрирование», «Управление бульдозером» диэн мастарыскыайдар аһыллыахтара. Көмпүүтэргэ үөрэниэхтэрэ уонна бульдозерист идэтигэр үөрэнэр кыах баар, онон бырамыысыланнаска баран үлэлиэххэ сөп. Мастарыскыайга бульдозер тренажерын, аныгы көмпүүтэрдэри туруора сылдьаллар.
Эдьигээҥҥэ «Фотография», «Технология моды» хайысхаларынан мастарыскыайдар аһыллыахтара, онно фотографтары, видеографтары, таҥас дизайнердарын бэлэмниэхтэрэ.
Тиксиигэ «Эксплуатация беспилотных авиационных систем», «Ремонт и обслуживание легковых автомобилей» мастарыскыайдар аһыллыахтара. Олохтоох дьон пилота суох көтөр тэриллэри салайарга, массыынаны өрөмүөннүүргэ, массыына ыытарга үөрэниэхтэрэ. Үс массыына кэллэ.
Черскэйгэ Арктикатааҕы хотугу норуоттар кэллиэстэригэр «Обработка водных биоресурсов», «Сельскохозяйственные биотехнологии» мастарыскыайдар аһыллыахтара.
Маны тэҥэ, быйыл Ленскэйдээҕи технологическай техникумҥа уонна Нерюнгритээҕи мэдиссиинэ кэллиэһигэр арыйыахтара.
Саҥа мастарыскыайдарга идэ маастарыстыбатыгар куонкурустар, идэҕэ туһаайыы уонна эксээмэннэр ыытыллыахтара.
Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, 2027 сылга диэри 25 профессиональнай үөрэх кыһаларыгар хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыаҕа.
«Үөрэҕирии» национальнай бырайыак чэрчитинэн, 2020-2023 сылларга Саха сиригэр профессиональнай үөрэх кыһаларыгар 55 аныгы мастарыскыайдар аһыллан, үлэлии тураллар.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһүалтатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: