Идэҕэ эрдэттэн туһаайыы сүрүн тэрээһинэ буолуоҕа
Биир эрэ күн, сэтинньи 3 күнүгэр, Дьокуускай куорат “Куруһаала” атыы-эргиэн киинигэр “ПРОФОРИЕНТАЦИЯ-2025” үөрэх миэстэтин уонна идэ эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы быыстапка-дьаарбаҥкатын ыытыахтара.
Сэтинньи 3 эрэ күнүгэр дойду үрдүк уонна орто анал үөрэҕин тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ Дьокуускайга, эһиэхэ анаан түмсүөхтэрэ.
Бу эрэ күн эһиги билиэххит:
— туттарсар үөрэххитигэр киирэр туһугар биир кэлим эксээмэҥҥэ ханнык биридимиэттэри өрө тардар ирдэнэрин;
— Дойду Уһук Илин, Урал, Сибиир, киин федеральнай уокуруктарын куораттарыгар баар үрдүк уонна орто үөрэх кыһаларын кытта билсиэххит;
— Профориентолог-эспиэрт идэҕэ эрдэттэн туһаайыыга аналлаах ыыппыт тиэһин биирдиилээн ырытыаҕа;
— Эксээмэннэргэ хайдах сөпкө бэлэмнэнэр туһунан сүбэ-ама биэриэхтэрэ;
— Туттарар биридимиэттэргит эрэпэтиитэрдэрин булуоххут;
— Эксээмэннэргэ (ОГЭ, ЕГЭ) бэлэмнэнэргэ ирдэнэр матырыйааллары булуоххут;
— Улахан кылаас үөрэнээччилэригэр, төрөппүттэргэ, педагогтарга, оскуола дириэктэрдэригэр, солбуйааччыларыгар, үөрэх управлениетын начаалынньыктарыгар, солбуйааччыларыгар, урукку сылларга оскуоланы бүтэрбиттэргэ аналлаах өрөспүүбүлүкэ уонна дойду эспиэртэрэ кыттыылаах “Профориентация и кадры. Преображение профессионального самоопределения” тиэмэлээх босхо дискуссионнай былаһаакка ыытыллыаҕа. Тус сыаллаах үөрэҕи сиһилии ырытыахтара.
Дьаарбаҥка кэмигэр ПрофЯКТ босхо 2025 сыллааҕы халандаары түҥэтиэҕэ итиэннэ М.В.Ломоносов аатынан Москватааҕы судаарыстыбаннай университет психолог-учуонайдара оҥорбут идэҕэ эрдэттэн туһаайыы тиэстэрин киирэн толорорго ураты көҥүл бэриллиэҕэ.
Сиһилии иһитиннэрии profykt.ru саайтка баар буолуо диэн суруйаллар. Тэрээһиҥҥэ киирии БОСХО.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: