Идэҕэ үөрэтэр тэрилтэлэргэ үөрэнэр элбэх оҕолоох ыал оҕолоро босхо аһынан хааччыллаллар

Share

Элбэх оҕолоох ыал туругун үрдэтэргэ усулуобуйа тэрийэр инниттэн, судаарыстыбаннай аккредитациялаах идэҕэ бэлэмниир үөрэх кыһатыгар күнүскү көрүҥҥэ үөрэнэр элбэх оҕолоох ыал оҕолорун босхо аһылыгынан хааччыйыы бэрээдэгэ олохтоммутун туһунан, Саха сиринээҕи Юстиция министиэристибэтин управлениета иһитиннэрэр.  

Маннык докумуоннар ирдэнэллэр: чахчы кини буоларын туоһулуур дастабырыанньа (пааспар) куоппуйата; 2024 сыл алтынньы 1 күнүттэн бэттэх элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн дастабырыанньата эбэтэр Судаарыстыбаннай өҥө порталын нөҥүө элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн туһунан сибэдиэнньэ; тус чахчыны бэрэбиэркэлииргэ сөбүлэҥ.

Харчынан төлөбүр ый ахсын устудьуон тус счетугар 30 күн устата түһэн иһиэҕэ. Сиһилии иһитиннэриини РФ Юстицияҕа министиэристибэтигэр көрүөххүтүн сөп диэн Үөрэх уонна билим министиэристибэтин телеграм ханаалыгар суруйаллар.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Хаартыска/Видео

ХААРТЫСКА: Аллайыахалар хараҥаҕа мэһэйдэппэттэр

Хоту дойдуттан кэлэр сонуннар биһиэхэ олус күндүлэр. Ыраах Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Дьяконова…

21 минута ago
  • Сонуннар

Суоттуга үлэһит үөрэнээччилэри чиэстээтилэр

Суотту агрооскуолата элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин өбүгэ үйэлээх үгэстэригэр, үлэ сатабылларыгар иитэр-үөрэтэр уопута өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр…

50 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тимофей Сметанин стелатыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Кэбээйи улууһун уопсастыбаннаһа фронтовик суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан бүгүн өйдөбүнньүк стелатыгар сибэкки…

1 час ago
  • Сонуннар

«Мас олортум, уол оҕону улаатыннардым, дьиэ туттум…»

 Бу мин суруйаары олорор ыстатыйам дьоруойа чахчы ыстатыйа аатыгар толору барсар олоҕу олорон аастаҕа. “Биирдэ…

1 час ago
  • Сонуннар

«Арктика» айан суола аһылынна

Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, «Арктика» айан суолун 0+000 км – 187+000 км (Бурустаах м. –…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Мэхээлискэ Батаахап. Булчут Мэхээлискэ.

Булчут Мэхээлискэ туһунан суруйарга сананным. Дьиҥинэн, бука  соччо улаатан баран алтыспатах буоламмын, суруйа да сананыам…

1 час ago