Идэһэ – үөрүүлээх кэм

Идэһэ – үөрүүлээх кэм

19.11.2022, 16:00
Бөлөххө киир:

Сэтинньи – идэһэ кэмэ. Миитэрэйэп күнүттэн – сэтинньи 8 күнүттэн ыал кыстык устата сиир идэһэтин бэлэмнээбитинэн барар. Идэһэ кэмэ бэйэтэ туспа үөрүүлээх, сүүрүүлээх-көтүүлээх түгэн. Кэлин төһө даҕаны убаһа этэ дэлэйбитин иһин, саха миинимсэх. Ынах этин сылы-эргиччи сиирин, миинниирин ордорор. 

Идэһэ сиэрэ-туома

Туох барыта сиэрдээх-туомнаах үгэстээх. Былыргы сахалар сэтинньи бастакы уон күнүн эргин идэһэни тутталлара эбитэ үһү. Ол иннинэ сүөһү түүтүн кырыйан ылан, суораттаах иһиккэ кутан, үс хонук устата хотон сэбэргэнэтигэр туруоран, ону сүөһү көхсүгэр сотон көрдөһөн баран биирдэ өлөрөллөр эбит.

Аныгы олох сиэринэн, билигин сорох ыал бэйэтин сүөһүтүн идэһэлэнэригэр, кыра харчылаан дьонунан астатар. Маны сахалыы толкуйдаах дьон ылыммат, дьиэлээхтэр бэйэлэрэ көрдөһөн туран сыа-сым курдук тутан дьаһайаллара ордук диэн этэр.

Сүөһүнү туттууга көрдөһүү

“Бичик” кинигэ кыһатыгар 2016 сыллаахха тахсыбыт “Араас сиэр-туом алгыстара” диэн ытыс саҕа алгыстар кинигэлэригэр “Сүөһүнү туттуу” диэн маннык тэттик көрдөһүү суруллар:

Үөргүн-сүүрүккүн,

Үүккүн, уруугун тиэргэҥҥэр хааллар,

Уйгугун-быйаҥҥын,

Кэтит кэскилгин кэбиһэн биэр.

Эҥээҥҥин эмти тэп,

Туйаххын туура тэп,

Тэрийбит тиэргэниҥ,

Өрөөбүт өтөҕүҥ этэ.

Кыараан, өһөөн кыамматыбыт,

Ынырык дьыл олуйан

Ытыгылаатыбыт.

Саха отунан аһаабат

Күн бүгүҥҥэ диэри “саха отунан аһаабат” диэн эбэтэр Саха сиригэр вегетарианецтар кыайан олорботтор диэн этиини элбэхтик истэбит. Эт белок буолар. Эккэ-хааҥҥа белок тиийбэтэҕинэ араас эттиктэр атастаһыылара кэһиллэр, аһылык иҥпэт. Учуонайдар эккэ-хааҥҥа эт тиийбэт буолуута оннооҕор майгыга-сигилигэ кытта дьайар диэн быһаараллар. Биһиги курдук тыйыс тымныылаах сиргэ олохтоох эт аһылык ордук суолталаах.

Ынах сүөһү этигэр белок, В битэмиин көрүҥнэрэ, калий, тимир, фосфор, цинк, уо.д.а. эттик элбэх диэн ыйаллар.

Былыр бэйэлэрин сатабылларынан, айылҕа тугу биэрбитинэн астыыр уонна хаһаанар ньымалара үгүс эбит: ууга, үүккэ, арыыга буһарыы, кылгас эбэтэр уһун кэмҥэ буһарыы, уокка үтэн, үөлэн, саллан, халахытан, күҥкүтэн, сырайан буһарыы, хатарыы, тоҥоруу, о.д.а.

Эттэн бүлүүдэлэр

Үөс тардар

Идэһэ өлөрдөхтөрүнэ бастакынан үөс тардары буһаран көмөлөспүт дьону, оҕолору күндүлүүллэр. Сорохтор үтэһэҕэ үөлэллэр, оһох иэдэһигэр эбэтэр билиитэ үрдүгэр сыһыаран буһараллар. Буһарын саҕана кыратык туус таммалаталлар. Атыттар ынах сүөһү мэйиитин кыра ууга күөх лууктаан буһаран сииллэрэ эмиэ баар суол.

Хатарба

Бу эти хаһааныы биир ньымата диэххэ сөп. Ууга эбэтэр уокка саллан буһарбыт эттэрин салгын оонньуур, күн уота көрөр сиригэр ыйаан хатараллар. Маны бэйэтинэн өйүө быһыытынан илдьэ сылдьаллар эбэтэр мииннээри гыннахтарына ууга кутан хаттаан буһараллар. Хатарба ууга киирдэҕинэ үллэр итиэннэ буспут буолан уһуннук илдьиритиллибэт. Тыаҕа сылдьар дьоҥҥо табыгастаах диэн ааттыыллар.

Үөлүллүбүт быар

Быары кыра гына түөрт муннуктуу кырбаан, үтэһэҕэ иилэн уокка саллан сииллэр, кыратык туус таммалаталлар.

Манна даҕатан эттэххэ, оҕо эрдэххэ дэриэбинэ эр дьоно сайын тайах өлөрдөхтөрүнэ быарын миэстэтигэр уокка үтэн аҕалаллара. Маннык буспут быар туохтааҕар да минньигэс буолара.

Чохочуга сууламмыт быар

Чохочуну (ынах иһинээҕи чараас сыата) түөрт муннуктуу быһаллар. Быары эрийэн баран эбэтэр кыра гына кырбаан тума, туус эбиллэр. Бэлэм быары чоҕочуга сууланар. Хобордооххо кыра арыы кутан икки өттүттэн кыра уокка хаппахтаан туран ыһаарыланар эбэтэр 200 кыраадыс итии духуопкаҕа уган ылаллар. Чохочуну итиилии сиэниллэр.

Тыллаах, эттээх саламаат

Саламаат – сахалар тапталлаах астара. Үксүн үрдүк үөрүүгэ, улахан бырааһынньыктарга буһараллар. Кэлин саламаат арааһа дэлэйдэ. Олортон биир бастыҥнарынан астаах (тыллаах, эттээх, балыктаах, тэллэйдээх…) саламаат буолар. Холобур, тыллаах саламааты бэлэмнииргэ бастаан тылы туспа, сымныар диэри ууга буһарабыт. Бүрүөһүнүн ылан баран кыра гына кырбыыбыт. Эриэппэ луугу ынах арыытыгар ыһаарылыыбыт, үрдүгэр тылы кутан буһара түһэбит.

Ынах арыытын, үүтү, ууну, бурдугу, тууһу эбэн олоҕурбут ньыманан саламаат оҥоробут. Бэлэм иһиккэ маҥнай тылы, онтон үрдүгэр саламааты кутабыт, итиилии сиибит.

Симии

Ынах этин уонна иһин (оһоҕос, быар, тыҥа, сүрэх, өрөһө) эриэппэ, күөх луугу кытта мясорубкаҕа эрийтэрэллэр. Онно ирииһи кутан булкуйаллар. Ким тугу сөбүлүүрүнэн тума, чеснок, туус куталлар.

Оһоҕоһу ыраастаан, тиэрэн хаста да сууйан баран биир уһугун быанан баайыллар. Иккис уһугунан сэрэнэн бэлэм маассаны куталлар. Салгынын таһааран баран баайаллар. Бэлэм симиини ууга эбэтэр салгыы арыыга ыһаарылаан сииллэр.

Ынах сүөһү сааһынан аата

Ньирэй – теленок (только родившийся, питающийся только молоком),

Торбос – с потемневшей шерстью теленок после 4-5 месяцев, когда он может питаться исключительно сеном без молока,

Борооску (бороон) – теленок в первую зиму до следующего снега,

Тыһаҕас – теленок во вторую зиму до следующего снега,

Тиҥэһэ – корова, бычок в третью зиму до следующего снега,

Өҥүрүмэр (өҕүрүмэр) – корова, бык в четвертую зиму до следующего снега,

Ынах – корова,

Бургунас – нетель (еще не телившаяся молодая корова),

Туҥуй – молодая корова, первый раз ставшая стельною,

Уулаах (буос) ынах – стельная корова,

Кытарах ынах – яловая, не стельная корова,

Ыанар (ыанньык ынах) – дойная корова,

Баайтаһын ынах – яловая, не дойная, упитанная корова,

Оҕус – бык,

Кунан оҕус – бычок, молодой бык,

Ат оҕус – вол, холощеный бык,

Атыыр оҕус – бык-производитель,

Кур оҕус – бык, находившийся в нагуле в течение года,

Субай сүөһү (субан) – скот, находящийся в нагуле.

(Биология терминнэрин нууччалыы-сахалыы тылдьыта, Г.С.Угаров эрэдээксийэтинэн, 1993 с.)

Ынах сүөһү дьүһүнэ

Хара – черный (бык, корова),

Үрүҥ – белый (бык, корова),

Ала – белобокий,

Маҥаас – беломордый,

Туоһахталаах – с пятном на лбу,

Саппыйалаах – с белой полосой на задней ноге,

Саадьаҕай – с белым чепраком вдоль хребта,

Чуккулаах – белоногий,

Эриэн – пегий,

Тараах күрдьүгэс – рыжий с темными полосами.

(Ойуу тылдьыт, Васильев П.К., Федоров И.Г., 1998 с.).

Хаартыска: СИАтан. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: