Идэһэни астыырга Эдьиий Дора сүбэлэрэ

Share

Бэрт сотору сэтинньи ый буолуо. Идэһэни туттар кэм тиийэн кэлиэ. Идэһэ этэ доруобуйаҕа туһата улахан. Киһи тугу сиириттэн доруобуйата эмиэ тутулуктааҕын бары билэбит. Бэйэ сүөһүтүн кытары хантан эрэ аҕалыллыбыт эти тэҥнээн көрдөххө, Алтаай, Амур, о.д.а. эттэрин хаачыстыбата ханан да тиийбэт.

Сөп ээ, тугу сиэн-­аһаан, туох укуолу ылан кэлбит сүөһү этэ буолара биллибэт. Онон бэйэбит идэһэбит этин өрө тутарбыт орун­наах. Идэһэни өлөрүүгэ өбү­гэлэрбит улахан суолта биэрэн, сиэри-туому тутуһаллара. Холобур, өлөрдүү куттаммыт сүөһү этэ элбэх адреналиннаах буолан, кытаанах, амтана суох. Ону тэҥэ, куттал, абааһы көрүү, ыарыы информацията кистэнэ сылдьар буолуон сөп. Сүөһү да тыыннаах дууһа буоллаҕа… Ол иһин биһиги өбүгэлэрбит сылгыны хараҕын баайан, атын сүөһүгэ көрдөрбөккө эрэ «бу кыһалҕаттан туттан эрэбит, баалаама, туйаҕыҥ суола сүтүө суоҕа» диэбит курдук ботугураан көрдөһөн баран, соһуччу сүүскэ охсоллоро. Хаста да охсон, эрэйдээн өлөрүү эмиэ соччото суох.

Идэһэни өлөрүү туспа сиэрдээх-туомнаах, ымпыктаах-чымпыктаах Онуоха Эдьиий Дора сүбэлээбитин аныгы дьон тутуннуннар диэн, таһаарабыт.

Астааһын кистэлэҥнэрэ

Аһы ас курдук астыахтаахпыт. Сорох киһи убаһатын, кыайан туттарбат диэн, саанан ытар. Бу улахан сыыһа, ханнык да түбэлтэҕэ сүөһүнү, сылгыны ытан өлөрүллүбэт. Хас биирдии ыалга идэһэни астыыр миэстэ баар буолуохтаах. Сылгы турар далыгар, хотон тиэргэнигэр, от кыбыытыгар буолбатах.

Сүөһүнү сүөһүгэ, сылгыны сылгыга көрдөрөн туран астаныллыбат. Сүөһүгүтүн үөрэ-көтө астыахтааххыт. Сороҕор кырдьаҕастар уонна оҕолор, анаммыт сүөһүлээх буоллахтарына, аһыйар идэлээхтэр. Идэһэни аһыйан туран астааһын бобуллар. Киһи кыратык соҥуоран, саҥатыттан матан ылыан сөп. Өлүк салгынын үллэстиэ суохтаах, ол аньыы буолар эбит. Куттанар дьоҥҥо, оҕоҕо көрдөрүллүбэт. Идэһэни өлөрөр күн дьиэлээх хаһаайын дуу, убай-быраат дуу, туохха эрэ тардыллан хойутаан кэллэхтэринэ, ол күн идэһэ сиэммэт, кэмэ кэлэ илик эбит. Сылгыны, сүөһүнү эбэ диэки, ол эбэтэр дьиэлэр быыстарынан, арыы тыаларынан аһаҕас сир диэки хайыһыннарабыт уонна сүүһүн охсобут. Оччоҕо өлүк салгына охсубут киһинэн буолбакка, эбэнэн тахсан барар эбит. Эбэни таҥнары көрдөрөн туран охсуллубат, ити кэһиллибэт улахан сиэр-туом. Идэһэни охторон баран, быатын ньылбы таһы­йан ылан мээнэ элитиллибэт, суулуу, хомуйа тутан, кэлин диэки чөкө ууруллар. Дьэ уонна хабарҕатын хайа тардыллар уонна ыраас хаарга эбэтэр күөх кырыска хаанын чоккураччы тэптэриллэр. Ону кытта өлүк салгына барар. Кини ыылаах, дьаардаах, ыарыылаах буоллаҕына, ону хааны кытта сир оборон ылар. Хабарҕатын хаанын сүүрдэн баран, тааспытын соһон ылан анньабыт, дьиҥнээх субай хаан дьэ кэлэр. Тохтубут хааны киһи тэпсиэ суохтаах. Хоолдьугун эрийэн ылабыт, муоһунан сири хорутардыы чөкө умса уурабыт. Туйахтарын быһаҕынан араартаан ылабыт, сүгэнэн быһыта охсубаппыт, мээнэ элитэлээн кэбиспэппит, илин, кэлин атахтарын кэккэлии төбөтүн аттыгар тиэрэ уурталыыбыт. Кутурук өҥүргэһэ эмтээх. Сүлэрбитигэр эбэ өттүттэн саҕалыыбыт. Убаҕаһын миэстэтин, мааны тэрилин турута ыыппакка ылабыт, кэннин диэки уурабыт, киһилии үчүгэйдик дьаһайабыт. Сүлэр кэмҥэ быһаҕы куҥ эккэ батары анньыллыбат, оннооҕор хаарга туруору аспаккын, сытыары уура сылдьан туттаҕын. Тириитин алдьаппакка сүлэҕин, кутуругун төрдүттэн элийэн ылаҕын. Кутурук өҥүргэһэ эмтээх, ол иһин иһэ-үөһэ, сүһүөхтэрэ ыалдьар киһиэхэ биэриэххэ сөп. Ону оргутан истэҕинэ, көмөлөөх буолуо. Сүрэҕин хаанын били хабарҕа хаана сүүрбүт сиригэр тоҕобут. Быарын сэрэнэн ылабыт, үөһүн иһигэр тоҕуо суохтаахпыт. Тоҕуннаҕына, аһы барытын сутуйар, ол киһи доруобуйатыгар буортулаах.

Үөһүн быраҕыллар, туох да туһата суох. Буотараҕын, ханнын сааҕын, оһоҕоһун ырытыыта барыта биир сиргэ буолар. Итинтэн сиргэниллибэт, ити ыһыы сиэмэтэ, ситэ буспатах от сиэмэтэ. Итинник сиэри-туому тутуһан, биир сиргэ сүөкүү сылдьар буоллахпытына, төһө сүөһүлээхпитий, сылгылаахпытый да, соччонон бу ыһыы сиэмэтэ ходуһаларбытыгар тиийиэҕэ… Онон сүрэҕин чопчутуттан, быарыттан, иһиттэн, этиттэн чэпчэки соҕустук элийэ сотон ылан, хабарҕатын хаана тохтубут сириттэн миэтэрэ аҥаара сиргэ ас тардан кэбиһиэхтээхпит. Манна бу сүөһү ыылаах, чэлкэхтээх, арыый атын салгыннаах буоллаҕына, ыытачаана күдэриккэ күдэн буолан көтөр. Маны сиэбит ыкка көспөт. Ырыган сүөһү да этэ, итинник сиэри тутустахха, миинэ барымтыа буолар эбит. Доруобуйаҕа да туһалаах.

Сылгыны

Сылгыны киирии-тахсыы үмүрүйбүтүн кэннэ киэһээҥҥи дьыбарга эбэтэр дьон тура илигинэ сарсыардааҥҥы дьыбарга, хараҕын маҥан таҥаһынан саба баайан баран, эбэ диэки хайыһыннаран астаныллар. Сылгы наһаа кэбирэх, астанара эмиэ сүөһү курдук. Тыа сирин киһитэ сүгэнэн эттиирэ –биһиги үгэспит. Куоракка олорор дьон электрическэй эрбиинэн эрбэтэн эрдэхтэрэ. Ол эрээри кыаллар буоллаҕына, киһи бэйэтин салгынынан охсон эттиирэ быдан ордук буолуо. Идэһэни хоннорон, тоҥорон баран сиэниллэр. Тымныы сиргэ олорорбут сиэринэн, чаанын таһааран, нууччалыы эттэххэ, стерилизациялаан, сойутан баран сиибит. Ол оннугар иһиттэн, быарыттан, чохочутуттан сэмсэ аһы буһара охсон сиэххэ сөп.

Сэмсэтэ сиэх

Идэһэлэммит бастакы киэһэ өтөрүнэн сибиэһэй эти сии илик ыалга чахчы даҕаны дьоро киэһэ үүнэр. Маннык кэтэһиилээх күҥҥэ араас сэмсэ аһы буһаран сиир үгэс сахаҕа былыр былыргыттан баар. Олортон аҕыйаҕа холобурдуохха.

Үөс тардар миинэ

Өссө ис ырыта сылдьан, итии киллэрэргэ анаан үөс тардартан быһан ылан миин буһарыллар. Хортуоппуй, лапса кутуллар.  Киэһээҥҥи аһылык иннинэ чохочуттан дьоҕус гына быһан, ачаахтаах маска анньан оттуллан турар оһоххо үтүллэр. Өр өтөр буолбат, сүрдээх үчүгэй сыт дьиэ иһин тунуйар, чохочу сыата-арыыта сырылаччы сырдьыгыныыр. Үөрүү-көтүү өрөгөйдүүр! Ону таһааран, улаханныын-кыралыын уоспутунан үллэстэн сиэн кэбиһэбит.

Чохочуга сууламмыт быар

Быары айахха угарга сөп гына быһыталаан, чохочуга суулаан буһарар үгэс уруккуттан баар. Билигин хаһаайкалар чохочуга сууламмыт быары духуопкаҕа уган буһараллар.

Истэн кэтилиэт

Сэлиэйдээх ис миинэ тотоойутунан, искэ-үөскэ туһалааҕынан туохха тэҥнэниэй? Ол эрээри, оҕолор миинтэн хал буола охсооччулар. Онон иһи эрийэн, ириистээн, сымыыттаан уонна араас тумалаан кэтилиэт оҥороллор.

Раиса Сибирякова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru.

What’s your Reaction?
+1
12
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

4 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

5 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

5 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

6 часов ago