Идэһэни туттарга табыгастаах тэрил

Share

Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн… Хас биирдии саха ыала идэһэ амсайар күүтүүлээх күннэрэ кэлиэхтэрэ. Сэтинньигэ ким туох сүөһүнү быйыл туттубутун чугас дьонун кытта үөрэ-көтө үллэстиэҕэ. Идэһэ кэмэ чугаһаабытынан Майа сэлиэнньэтин олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, рационализатор Константин Лонгинов саҥа оҥорбут тэриллэрин аҕалан көрдөрдө.

Бу туһунан «Эркээйи эргиирэ» хаһыат суруйар. Константин Лонгинов бу сырыыга сүөһүнү элбэхтик охсон эрэйдээбэккэ охторор ньыманы толкуйдаан, ыһыы өтүйэнэн саайыллар уһуктаах тимири оҥорбутун билиһиннэрдэ. Маннык ньыманан сүөһү биирдэ эрэ охсуллаат, тута охтор.

Хаартыска: ааптар түһэриитэ

Ол кэннэ тириитин сүлэн баран, икки тэҥ өлүүгэ сиһинэн аҥардыырга сүгэнэн сиирэ-халты охсон эти алдьаппат туһуттан сүгэттэн кэтит, хаптаҕай итиэннэ сытыы биилээх тэрили айан оҥорбут. Тэрил хомуллар-ыһыллар, биилээх өттө анал хааҕа угуллар. Бу ньыманан бэйэ туттар идэһэ сүөһүтүн, сылгытын дьиэ таһыгар, сылгы баазатыгар да астыахха сөп. Маннык тэриллэринэн икки киһи кылгас кэмҥэ идэһэ сүөһү этин ыраастык уонна түргэнник дьаһайар. Тускутугар туһаныҥ.

Марелла Баишева.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
5

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

11 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

12 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

14 часов ago