Идэни таба талыыга босхо тест оҥоһуллар буолла
Дойду бары эрэгийиэнигэр абитуриент үрдүк үөрэх кыһатыгар киирэригэр сайаапка биэриэн сөп буолла.
Маны оҥорорго докумуон анал бакыатын эрдэттэн бэлэмнээн, сайабылыанньаны кытта тэҥҥэ туттарыаххын уонна, наада буоллаҕына, эбии үөрэххэ киирэр эксээмэни туттарыаххын наада.
2024 сылга үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэнэргэ 620 тыһыынчаттан тахса бүддьүөт миэстэтэ уонна биэс сүрүн хайысха көрүлүннэ. Үөрэххэ туттарсыы кэмигэр устудьуоннар идэни талыылара эрэ буолбакка, наадалаах докумуоннары толору хомуйаллара улахан суолталаах. Маныаха психологтар, социологтар уонна ырытааччылар ДальнийВосток2030.рф. саайтка оҥорбут идэни таба талыыга оҥорбут тестэрэ сөптөөх быһаарыыны ылынарга көмөлөһүөҕэ.
Бүддьүөт миэстэтин ахсаанынан 2024 сылга сүрүн хайысхаларга маннык бөлөхтөр киирдилэр:
- “Үөрэх уонна педагогическай наука” — 75 тыһыынча миэстэ;
- “Информатика уонна ааҕар-суоттуур тиэхиньикэ” – 48,5 тыһыынча миэстэ;
- “Клиническэй мэдиссиинэ” – 30 тыһыынча кэриҥэ миэстэ;
- “Тыа хаһаайыстыбата, ойуур уонна балык хаһаайыстыбата” – 27 тыһыынча миэстэ;
- “Машиностроение” – 21,5 тыһыынча миэстэ.
Бу идэлэри барытын Уһук Илиннээҕи уокурук үрдүк үөрэх кыһаларыгар баһылыахха сөп. 16 федеральнай уокурукка «Приоритет 2030» бырагыраама киирдэ. Ити аата үөрэх кыһалара дойду научнай-технологическай уонна социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын кэскиллээх аныгы кииннэринэн буолаллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: