Идэтин таба тайаммыт учуутал

Share

Саха тылын, литэрэтиирэтин уонна төрүт култуура учууталларын сийиэһин көрсө СӨ үөрэҕириитин туйгуна, “Саха Азия оҕолоро” пуонда стипендиата, Дьокуускай куорат 12-с нүөмэрдээх оскуолатын учуутала Клара Ксенофонтованы кытта интервьюбутун бэчээттиибит.

Баҕалаах маска ыттар дииллэринии…

— Клара Борисовна, эрдэттэн учуутал идэтин талар толкуйдааҕыҥ дуо? Уонна эһиги куурускутуттан бары даҕаны биллэр-көстөр дьон тахсыбыттар. Устудьуоннуур сылларгыттан ахтан ааһарыҥ буоллар.

— Сунтаар улууһун Сиэйэ нэһилиэгиттэн төрүттээхпин, учуутал идэтин Куокуну оскуолатыттан саҕалаабытым. Салгыы Амма улууһун Абаҕатыгар тиийэн учууталлаабытым. 1996 с. Дьокуускай куоракка көһөн кэлэн, тоҕус сыл Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээккэ учууталлаан баран, билигин 12-с нүөмэрдээх оскуола физика-математика хайысхалаах кылаастарыгар үлэлии сылдьабын.

Саха тылын учуутала идэтин талар эбиппин диэн өссө 7-с кылааска үөрэнэ сылдьан быһаарыммытым. Омук, нуучча тылларын олимпиадаларыгар улууска миэстэлэһэр этим. “Саха тылын учууталын идэтэ кэскилэ суох, тоҕо ити идэҕэ туттарсаҕын”, — диэн учууталларым этэн көрбүттэрэ. Буккуллан-тэккиллэн докумуоммун омук тылыгар биэрбитим, бастакы эксээмэммин “биэс” сыанаҕа туттарбытым эрээри, улаханнык үөрбэтэҕим. Син биир саха тылын идэтигэр хас оҕо докумуонун биэрбитин, хас сыанаҕа туттарбыттарын кэтээн тахсарым. Таҥара барытын көрө сылдьар быһыылаах, суһал көмөнөн балыыһаҕа киирэн хааллым. Ол сылы быһа эмтэнэн, кыайан үөрэххэ туттарсыбатым. Балтараа сыл устата эмтэнэн, бэйэм күүскэ бэлэмнэнэн баран баҕалаах сахам тылыгар киирбитим. Учууталларым, дьонум этиилэрин ылынан омук тылыгар киирэн хаалбытым буоллар, киһи сөбүлээбэт таҥаһын кэппэтин кэриэтэ, хайдах учуутал тахсыам биллибэт.

— Сэттис кылааска быһаарынаргар, баҕар, ким эрэ сабыдыала баара буолуо.

— Сиэйэҕэ саха тылыгар миигин үөрэппит фронтовик-учуутал Афанасий Кононович Макаров өҥөтө улахан дии саныыбын. Бэрт ураты учуутал этэ, маҥнай сарыы этэрбэһэ, онтон сурунаала көстөр, салгыы бэйэтэ киирэн кэлэр. Миэхэ “биир”, “икки” сыананы элбэхтик туруорара. Ол аайы кыһалла-кыһалла ааҕабын, үөрэтэбин, ол быыһыгар ытыыбын. Арай, биирдэ алҕаска кылааска хаалларан кэбиспит бэйэтэ сурунар тэтэрээтин көрбүтүм, ол “биир” сыаналарым — “түөртэр”, “икки” сыаналарым “биэстэр” эбит. Бэйэтигэр оннук көннөрөн кэбиһэр эбит. Тэтэрээт бэрэбиэркэлииригэр миэхэ эрэ хайҕаан эбэтэр сэмэлээн түөртүү устуруокалаах хоһооннору суруйара. Кэлин, учууталым барахсан миигин саха тылыгар тыыппалаах диэн эрдэттэн өтө көрбүт эбит дии саныыбын. Хомойуох иһин, сэриигэ ылбыт бааһырыытыттан олохтон эрдэ туораабыта.

Оччолорго саха тылын үөрэтии уустук кэмнэрэ этэ. Афанасий Кононовичка үөрэниэм иннинэ: “Нууччалар, французстар, англичааннар бааллар, биһиги ханнык омукпут эбитэ буолла” – диэн толкуйдуурум. Кини кэлэн миигин саха суруйааччыларын айымньыларыгар сирдээбитэ, интэриэһи үөскэппитэ.

Оччотооҕу оҕолор сайдыыбыт – кинигэ. Ким эрэ саҥа кинигэни булан аахта даҕаны ол туһунан куоталаһа-куоталаһа кэпсиир, ким да булбатах кинигэтин була сатыыр. Уонна миигин төрөппүттэрим бу идэҕэ сирдээбиттэрэ. Эбэлээх эһэм киэһэ аайы кинигэ аахтараллара. Оонньуу ыстанаары үрдүнэн-аннынан сүүрдэн аахтахпына, хаттаан аахтараллара. Уобарастаан, уустаан-ураннаан ааҕарбын ирдииллэр эбит. “Хотугу сулус” сурунаалы сурутарбыт, биир даҕаны сирэйи хаалларбакка олоччу ааҕар, кэпсиир этибит.

— Устудьуоннуур сылларгар биллэр-көстөр дьону кытта үөрэммиккин.

— Биһиги бөлөхпүт бакылтыакка “ЯО-82” диэнинэн киэҥник биллэрэ. Бакылтыат иһинээҕи социалистическай куоталаһыыга бастаан, наҕараадабытыгар оптуобуһунан Таатта түмэлин көрөн кэлбиппит. Валентина Семенованы, Галина Третьякованы, Наталья Бурцеваны, Раиса Сибирякованы, Бурхалей Макаровы, Иван Тарабукины, о.д.а. кытта бииргэ үөрэммит дьоллоохпун.  Ким эрэ билиминэн дьарыктанар, ким эрэ суруйааччы, ким эрэ суруналыыс…

Эдэр учуутал

— Оскуола тиэмэтигэр төннүөххэ. Аан маҥнай учуутал буолан тиийбит күҥҥүн, кэмҥин өйдүүгүн дуу?

— Үөрэҕим кэнниттэн Куокунуга үлэлии тиийбитим кэннэ дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы Егор Ильич Федоров уруокпар элбэхтик киирэрэ. Маҥнай аан кэтэҕэр туран иһиллиир идэлээҕэ: “Ити мэник баҕайы кылаастар этэ ээ, уруокка бэрт чуумпутук олорор буолбуттар. Эн хайдах тутаҕын? Аныгыскы сырыыга уруоккар киириэм этэ”, — диэтэ. Уруокпар элбэхтик киирэрэ. Маҥнай улаханнык долгуйар этим, кэлин киирбэтэҕинэ соһуйар курдугум. Онтон биир үтүө күн бэрт соһуччу: “Клара Борисовна, сайабылыанньаҕын суруй”, — диэбитигэр, “сүрэҕим хайда” сыста. Онтум бастакы категорияҕа суруй диэн этэр эбит, ити үлэлээбитим иккис сыла да туола илигинэ. Үөрэнээччилэрим улуустааҕы олимпиадаларга ситиһиилээхтик кытталлара. Иккис сылбар Семен Григорьев өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиадаҕа бастаабыта. Куораттан Социалистическай үлэ дьоруойун курдук оптуобус көрөн, соҕотоҕун олорсон кэлбитэ. Оччолорго үлэнэн дакаастаатахха, “ойуталлара”, билиҥҥи курдук үстэ аттестациялаабаттара. Сүбэтэйим (наставник) Е.К.Иевлев сүбэтэ-амата элбэҕи туһалаабыта. Кини ыытар уруоктарын көрөрүм, былааннарбын көрдөрөрүм. Куокунуга үлэлиир сылларбар кылааспын биллэ тупсарбытым. Кэргэним уһанар буолан кэбиниэппин оҥосторбор көмөлөспүтэ.

Саха тылын кэскилэ

— Куорат усулуобуйатыгар саха тылын үөрэтэр төһө уустугуй?

— Куоракка эрэ буолбакка, тыа сирин да оҕотун сахалыы үөрэтии уустугурда диэн көрөбүн. Билиҥҥи төрөппүт бэйэтэ нууччалыы саҥарыыта, гаджет, интэриниэт дьайыыта быһыылаах. Иһиттэххэ, төрөппүттэр аҥаардастыы уһуйааны, оскуоланы эрэ буруйдууллар. Мин санаабар, оҕо ийэ тылынан саҥарыыта төрөппүттэн тутулуктаах, иитии дьиэ кэргэнтэн тахсар. Син биир тылга тапталы иҥэринии бастакы хардыыта дьиэ кэргэнтэн саҕаланар. Сахалыы оскуола, кылаас буоларын билэ-билэ «ийэ-аҕа» да диэн тылы сахалыы билбэт оҕолорун аҕалаллар. Математикаҕа дьоҕурдаах буоллаҕына үөрэххэ ылан, сыыйа-баайа эйгэҕэ киллэрэн, сахалыы билэн тахсаллар. Ханнык баҕарар учуутал оҕоҕо сахалыы кутун, “мин — сахабын” диэн өйү-санааны уһугуннарыахтаах. Төрөппүт эмиэ оҕото сахалыы билэригэр, толкуйдууругар кыһаныахтаах эрээри, билиҥҥитэ кыалла илик.

— Итинтэн сиэттэрэн, саха тылын билиҥҥи туругун хайдах сыаналыыгын?

— Уустук. Мандар Уус: “Муҥура суох үгүһү түргэнник билии-көрүү, үөрэтии төрдө — соҕотох ийэ тылга сытар”, — диэн аныгы кэмҥэ быһаччы сыһыаннаах, уот харахха эппит бэргэн этиитин өрүү холобурдуубун. Оҕо төрөөбүт тылын эрэ нөҥүө киэҥ билиини-көрүүнү иҥэринэр кыахтаах. Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй итини дьэҥкэтик өйдөөн, үлэтин хайысхатын ити суолунан туһаайар.

Инникини тымтыктанан көрбүт суох. Биир саха тылын учуутала бэйэтин кэнниттэн сүүрбэ саха тылын учууталын иитэн, уһуйан таһаардаҕына, ийэ тылбыт инникилээх соҕус буолуон сөп. Сүүрбэ-отут сылынан саха тыла эстиэ диэни итэҕэйбэппин. Бары күүспүтүн-уохпутун биир санааҕа түмэн үлэлиэх тустаахпыт.

Оҕону ааҕыыга уһуйуу

— Оҕону ааҕыыга уһуйарга бэйэҥ ураты ньымалааххын. Ол туһунан кэпсии түһэриҥ буоллар.

— Бастакы уруокпун Софрон Данилов “Санаам туймуулара” диэн кинигэтигэр баар “Икки саха” кэпсээнин ааҕан саҕалыыбын. 43 сыл Португалияҕа олорбут, төрөөбүт тылын умнубатах уонна туристыы сылдьар аныгы саха көрсүһүүлэрэ. Оҕолор наһаа соһуйаллар. Хара маҥнайгыттан сахалыы тыыннарын уһугуннарарга дьулуһабын.

Айымньылары наардаан, кылаас таһымыттан көрөн тиэкиһинэн үлэни элбэхтик ыытар ирдэнэр. Оччоҕо оҕо сэҥээрэр, уруок сэргэхтик барар.

Уонна төрөппүттэри кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиир ордук көдьүүстээх. Испииһэктээбит кинигэлэрбин төрөппүттэр оҕолорун кытта тэҥҥэ ааҕан, аахтаран, үстүү этиинэн ааҕааччы тэтэрээтигэр суруйаллар. Маны тиһигин быспакка бэрэбиэркэлиибин, хайҕыы-хайҕыы оҕолорго ааҕан иһитиннэрэбин. Билигин бэһис кылаастары “манньалыыбын”. Бары дьиэҕэ үлэлэрин толорон кэлбит буоллахтарына Кыталык Уйбаан “Кустугу ситтэрбиэн” диэн айымньытын ааҕабын, улаханнык сэргииллэр. Толорботох түгэннэригэр кинигэни көрдөрөн баран: “Кинигэ барахсан бүгүн ааҕыллыбата”, — диэн ылан остуолга көрдөрбүтүнэн туора ууран кэбиһэбин. Ити курдук оҕоҕо сыыйа-баайа саастарыгар сөп айымньыга интэриэһи тардабын. Сороҕор төрөппүттэрин кытта салгыы бэйэлэрэ ааҕаллар.

Улахан кылаастарга араас ыйытыктары биэрэбин. “Төлкө” курдук улахан арамаантан үс эрэ ыйытыгы биэрэн, оҕо аахпытын-аахпатаҕын бэрэбиэркэлиибин.

Бырагырааманан хааччахтаммаппыт

— Билиҥҥи үөрэх кинигэтин аныгы оҕо кыайан өйдөөбөт, оччотооҕу кэм “Чүөчээскитин” аныгы оҕо ылыммат, ол иһин саха тылыгар интэриэһэ уостар дииллэр.

— Айымньылаахтык үлэлиир учуутал итинтэн иҥнэн туруо суохтаах. Холобур, Кыталык Уйбаан айымньыта үөрэх бырагырааматыгар киирбэтэҕэ. Уопсай билии син биир бырагыраама быһыытынан барар, онтон атынын быыс ордорон оҕо сааһыттан көрөн хайдах баҕарар умсугутуохха сөп эбээт. Николай Якутскай “Кыыллар доҕордоһуулара” кэпсээнэ 5-с кылаастарга ордук табыгастаах. Учуобунньук куһаҕан, ким эрэ буруйдаах диэн олорон хаалар табыллыбат.

Аныгы оҕо тылын баайын саппааһа тутаҕын быһыытынан, кэлин тылдьыт оҥорторобун. Оҕо сүүрбэлии билбэт тылын суруйан аҕалар. Төһө өйдөөбүтүн бэрэбиэркэлиибин. Уонна сомоҕо домох тыл баайын хаҥатар. Холобур, ыт, ат диэн тыллаах сомоҕо домохтору булан сурунан кэлэллэр.

Кэлин уол оҕону уус-ураннык ааҕыыга умсугутууга ылсан, сайынын хоһоон көрдүүбүн. “Саха суруйааччылара — оҕолорго” сиэрийэҕэ тахсыбыт суруйааччылар олохторунан, кэпсээннэринэн, бэргэн этиилэринэн “Айар” кинигэ кыһатыгар “Биллэрэр-көрдөрөр матырыйаалым” таҕыста. Онон үһүс кинигэм күн сирин көрдө. Бэргэн этиилэринэн устудьуон саҕаттан “ыалдьабын”.

Аныгы олох сиэринэн телеграмынан сахалыы токкоолору (подкаст) үлэбэр хото туһанабын. Ааҕыан сүрэҕэлдьиир оҕоҕо интэриэһи тардарга бэрт табыгастаах көрүҥ. Бэйэм даҕаны истэбин. Олоҥхоҕо тиийэ ааҕаллар.

— Үөрэнээччилэргин олимпиадаҕа төһө кытыннараҕын?

— Төрдүс барыйаанынан үөрэннэрбит даҕаны, сыл аайы миэстэлэһэллэр. Литэрэтиирэҕэ нэдиэлэҕэ биир, саха тылыгар икки эрэ чаас көрүллэр. 10-11-с кылаастарга саха тылын биридимиэтэ букатын да суох. Ону ол диэбэккэ өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ миэстэлэһэллэр. Биир эмэ миэстэҕэ тиксибэтэх сыллара суох быһыылаах.

“Саха тылын кыайбакка Клара Борисовнаттан куоппут”, — диэн эмиэ иһиллээччи. “Гуманитарнай кылаас курдук үөрэтэҕин” — эҥин диэччилэр кытта бааллара.

— Ол да буоллар, саха тыла уонна математика аргыстаһар доҕордуулар диэни элбэхтэ истэбин.

— Оннук. Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйгэ үлэлиир эрдэхпинэ математика уонна физика хайысхалаах кылаастар үөрэнээччилэрин тылга билиилэрэ, гуманитарнай кылаастартан итэҕэһэ суоҕа. Онон туох эрэ сибээс баар быһыылаах. Аны саха тылыгар дьоҕурдаах оҕолор омук тылыгар эмиэ күүстээхтэр. Дьиҥэр, билиминэн дьарыктанар киһи итини дириҥник чинчийиэн сөп эбитэ буолуо.

Саха тылын учууталларын сийиэһэ

— Сотору саха тылын, литэрэтиирэтин, төрүт култуура учууталларын сийиэһэ ыытыллаары турар. Онно хайдах бэлэмнэнэн эрэҕит?

— Учууталлар бэйэбит икки ардыбытыгар элбэхтик кэпсэтэбит, ырытыһабыт. Үөрэх кинигэтин тула санаа атастаһыы, төрөөбүт тыл чааһын элбэтиини, 10-11-с кылаастарга саха тылын биридимиэтин туруорсабыт, нуучча оскуолаларыгар төрүт култуура уруога букатын даҕаны суох буолла.

Сийиэс бырагыраамата киэҥ хайысхалаах: уһуйаан саастаах оҕолору тылга сыһыарыы үлэтэ, олимпиадаҕа саҥалыы тыыны киллэрии, орто уонна үрдүк үөрэхтэргэ саха тылын үөрэтии, уопут атастаһыыта, маастар-кылаастар, “төгүрүк остуоллар”, о.д.а. тэрээһиннэр былааннаналлар.

Дьиэ кэргэн

— Клара Борисовна, кыыһыҥ Айыына суруналыыһын, эһигини суруйар эйгэлээх дьон быһыытынан билэбит. Оттон “Туймаада” уолаттар ансаамбылларын ырыаһыта Серафим эн төрөппүт оҕоҥ буоларын истэн, улаханнык соһуйбуттаахпын.

— Серафим кыратыгар олус ытанньах этэ. Эбэтэ: “Бу уол улааттаҕына ырыаһыт буолуо”, — диирэ. Түөрт саастааҕар тэлэбиисэртэн Юрий Шатунов ырыаларын үүт-маас түһэрэн ылааччы. Төрдүс кылааска Сунтаарга улуустааҕы “Дьүкээбил уота” куонкуруска кыттыбыта, улахан сыанаҕа маҥнай тахсыыта ити этэ. Амма айылҕата көмөлөспүтэ дуу, айар суолга үктэниитэ Амматтан саҕаламмыта. Араас куонкурустарга кыттара, Ольга Иванова-Сидоркевичка киирэ сылдьара, Афанасий Кузьминныын доҕордоһоро.

Билигин идэтинэн үлэлээбэт, эр дьоҥҥо сыһыаннаах тэрилтэҕэ көспүтэ. Ол эрээри, ырыатын бырахпакка хобби быһыытынан илдьэ сылдьар. Түөрт кыыс оҕолоохтор.

Кыыһым Айыына мин туолбатах ыра санаабын ситэрэн, суруналыыстыыр. Аммаҕа олорон дойдубун олус күүскэ ахтарым, иэйиибин тиһэн хаһыакка таһаартарарым, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн быһыытынан суруйарым. Айыына хаһыакка оскуолаҕа үөрэнэр эрдэҕиттэн бичийэр, кыратыттан бэйэтин-бэйэтэ дьаһана улааппыта. Кыыс оҕо ийэтэ. Саха сиэринэн, дьиэ кэргэним туһунан аһаҕастык кэпсээбэт идэлээхпин.

— Клара Борисовна, кэпсээниҥ иһин махтал.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

4 часа ago