Сүүрбэттэн тахса сыл ыстаастаах Ис Дьыала министиэристибэтин үлэһиттэрэ бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыахтарын уонна судаарыстыбаттан социальнай төлөбүрдэри аахсыахтарын сөп.
Манна бэлиэтиир наадалаах, Ис дьыала уорганнарын биэнсийэлээхтэригэр уонна ИДьМ бэтэрээннэригэр социальнай өйөбүллэр уратылардаахтар. Бүгүн, муус устар 17 күнүгэр, Ис Дьыала уорганнарын бэтэрээннэрин күнэ.
Сокуон ирдэбилинэн «Ис Дьыала министиэристибэтин бэтэрээнэ» ыстаатыс ананар:
— үлэ ыстааһын докумуонунан бигэргэтиигэ: эр дьоҥҥо 25 сыл, оттон дьахталларга 20 сыл;
— дойду Бэрэсидьиэнин Бочуотунай грамотата, үтүө суобастаах сулууспаҕа кылаатын иһин мэтээллэр уонна уордьаннар баар буоллахтарына.
ИДьМ биэнсийэлээхтэрэ маннык социальнай өйөбүллэри ылар бырааптаахтар:
Оттон ИДьМ бэтэрээннэригэр эбии маннык социальнай өйөбүллэр көрүллэллэр:
Маны таһынан ИДьМ бэтэрээнэ хомунаалынай өҥөлөрүн аҥарын эрэ төлүүр бырааптаах.
Санаттахха, быйыл алтынньы 1 күнүттэн Ис Дьыала уорганнарын үлэһиттэригэр уонна байыаннайдарга биэнсийэлэрэ 4,5 бырыһыан үрдүөҕэ.
«Ис Дьыала министиэристибэтин бэтэрээнэ» ыстаатыһы анатарга Элбэх өҥөнү оҥорор Кииҥҥэ эбэтэр Социальнай пуонда отделениетыгар сайабылыанньа суруллуохтаах. Онно үлэлээбит ыстааһы уонна наҕараадалары бигэргэтэр наадалаах. Ирдэнэр докумуоннар: ИДьМ биэнсийэлээҕин дастабырыанньата, байыаннай билиэт, үлэ киниискэтин куоппуйата, СНИЛС, 3х4 хаартыскалар, наҕараадалар, уордьаннар уонна мэтээллэр докумуоннара.
Кутурук иилиммит, сирэйигэр куоска мааскалаах эрдэҕэс саастаах кыыс оҕо оонньуур былаһааккатыгар түөрт атах буолан сылдьарын…
Бэҕэһээ, ыам 17 күнүгэр, Амма улууһугар быйыл ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэт көһө сылдьар сүбэ-мунньаҕа…
Дьылбыт быйыл эрдэлээн иһэр буолан, сайылыктаахтар көһүүлэриттэн саҕалаан, тыа сиригэр үлэ тэтимэ биир кэм оргуйан…
Саас харалдьык саҕана тымныыны, хаары-ардаҕы билиммэккэ нуоҕайа үүнэр кэрэчээн ньургуһун сибэккини хоту сир дьоно олоххо…
Бүгүн Аан дойдуга Түмэл күнэ. Бу бэлиэ күнүнэн Емельян Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар устуоруйаларын уонна…
Ыам ыйын 18 күнүнээҕи туругунан, Өлүөнэ өрүскэ муус барыыта Нам улууһун сиринэн-уотунан бэлиэтэнэр. Дьону Аллараа…