РФ Ис Дьыалаҕа миниистирэ Владимир Колокольцев полиция патрульнай-постовой сулууспатын туспа батальонун бочуоттаах үлэһитэ, полиция старшай сержана Прокопий Кириллины «Быыһабылга хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадалаата.
Өрөбүл күн Прокопий Кириллин доҕорун кытта Кангалассы бөһүөлэк аттыгар балыктыы тахсыбыт.
Ол сылдьан ууга түспүт кырдьаҕас киһини көрбүт. Полиция старшай сержана тутатына көмөлөһө сүүрбүт. Кини ууга түспүт киһиэхэ сэрэнэн сыыллаан тиийбит уонна ууттан таһаарбыт. Ол кэннэ быыһаммыт эр киһини массыынатыгар олордубут. Мэдиссиинэ көмөтүттэн эр киһи аккаастаммыт. Эмсэҕэлээччи кэргэнэ уонна уола полиция старшай сержаныгар хорсун быһыытын иһин истиҥник махтаналлар.
«Прокопий Кириллин кэргэннээх, үс оҕолоох. РФ Сэбилэниилээх күүстэригэр суһал сулууспа кэмигэр Тихоокеанскай флотка матростаабыт», — диэн РФ ИДьМ официальнай бэрэстэбиитэлэ Ирина Волк иһитиннэрдэ.
Бүгүн Фашизмы утары өрөспүүбүлүкэтээҕи II пуорум чэрчитинэн Бырабыыталыстыба дьиэтигэр «төгүрүк остуол» буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ байыаннай…
Саха сиригэр, атын эрэгийиэннэргэ курдук, алтынньы 15 күнүттэн сэтинньи 15 күнүгэр диэри “Я-россиянин” Бүтүн Арассыыйатааҕы…
Олорор сирдэрин уларытыахтарын баҕарар дьоҥҥо Госөҥөлөргө “Жизненная ситуация” диэн сервис аһылынна диэн РФ бырабыыталыстыбатын аппараатын…
Ньурбаҕа "Эбээ Маайа" ханаал тэриллибитэ биэс сылын бэлиэтээтилэр. 2019 с. дойдуга Тыйаатыр сылыгар СӨ үтүөлээх…
Кэбээйи улууһугар биллэриллибит “Бары бииргэ” Аахсыйаҕа Чагдатааҕы “Тускул” сынньалаҥ киинэ кыттыста. [gallery ids="165402,165403"] Ньидьили нэһилиэгэр…
Алтынньы ый 28 күнэ. Ил Дархан Дьокуускай баһылыга Евгений Григорьевы кытта дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин…