ИДьМ үлэһиттэрэ күрэхтэстилэр
Бүгүн, сэтинньи 11 күнүгэр, ИДьМ үлэһиттэрин күнүнэн күрэхтэһии ыытылынна. Бу туһунан ИДьМ пресс-сулууспата ТГ-ханаалыгар таһаарда.
Бэлиэтээн суруйдахха, бу эстафета-күрэхтэһии номнуо үтүө үгэскэ кубулуйан сыл ахсын ыытыллар. Күрэхтэһии сүрүн соруга — үлэҕэ төһө бэлэми бэрэбиэркэлээһин уонна кэллэктиип иһигэр түмсүүлээх буолууга туһуланар. Быйыл ИДьМ өрөспүүбүлүкэтээҕи подразделениеларыттан, Дьокууускай куорат полициятын салааларыттан уонна Нам оройуонун салаатыттан 16 хамаанда кыттыыны ылла.
Күрэхтэһии түмүгүнэн уопсай хамаанда зачетугар иккис сылын Дьокуускай куорат патрульнай-постовой сулууспатын Туспа (Отдельнай) батальонун хамаандата бастаата. Иккис миэстэни СӨ ИДьМ судаарыстыбаны көмүскэлинэн хааччыйар суһал-көрдүүр чаас хамаандата ылла. Үһүс миэстэни СӨ ИДьМ тус састаабынан үлэлиир Управление хамаандата ылла. Бастыыр иһин бэстилиэтинэн ытыыга тус кыттыыга полиция майора Александр Корзенников кыайыылааҕынан таҕыста. Биир баалынан киниэхэ хотторон, полиция майора Айсен Степанов уонна үһүс миэстэҕэ полиция лейтенана Николай Федоров таҕыстылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: