ИДьМ үлэһиттэрэ күрэхтэстилэр

Share

Бүгүн, сэтинньи 11 күнүгэр, ИДьМ үлэһиттэрин күнүнэн күрэхтэһии ыытылынна. Бу туһунан ИДьМ пресс-сулууспата ТГ-ханаалыгар таһаарда.

Бэлиэтээн суруйдахха, бу эстафета-күрэхтэһии номнуо үтүө үгэскэ кубулуйан сыл ахсын ыытыллар. Күрэхтэһии сүрүн соруга — үлэҕэ төһө бэлэми бэрэбиэркэлээһин уонна кэллэктиип иһигэр түмсүүлээх буолууга туһуланар. Быйыл ИДьМ өрөспүүбүлүкэтээҕи подразделениеларыттан, Дьокууускай куорат полициятын салааларыттан уонна Нам оройуонун салаатыттан  16 хамаанда кыттыыны ылла.

Күрэхтэһии түмүгүнэн уопсай хамаанда зачетугар иккис сылын Дьокуускай куорат патрульнай-постовой сулууспатын Туспа (Отдельнай) батальонун хамаандата бастаата. Иккис миэстэни СӨ ИДьМ судаарыстыбаны көмүскэлинэн хааччыйар суһал-көрдүүр чаас хамаандата ылла. Үһүс миэстэни СӨ ИДьМ тус састаабынан үлэлиир Управление хамаандата ылла. Бастыыр иһин бэстилиэтинэн ытыыга тус кыттыыга полиция майора Александр Корзенников кыайыылааҕынан таҕыста. Биир баалынан киниэхэ хотторон, полиция майора Айсен Степанов уонна үһүс миэстэҕэ полиция лейтенана Николай Федоров таҕыстылар.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Интервью
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Идэһэ-2024» дьаарбаҥкаҕа олохтоох бородууксуйа хамаҕатык атыыланна

Сэтинньи 15 күнүгэр Майа сэлиэнньэтигэр сылын аайы ыытыллар, дьон-сэргэ кыһыҥҥы аһын хаһаанар үгэскэ кубулуйбут «Идэһэ-2024»…

24 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев: «Күүтүүлээх идэһэ кэмэ кэллэ»

Бу күннэргэ Саха сирин олохтоохторо кыстыкка бэлэмнэнэллэр, эт арааһын хаһааналлар. Идэһэни туттууга Ил Дархан Айсен…

50 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Хотугулуу-арҕаа -40-45° тымныйыа

Саха сирин синоптиктара өрөспүүбүлүкэ үгүс өттүгэр хаар түһэрин билгэлииллэр. Арҕаа, киин улулуустарга, соҕуруу, хотугулуу-илин кыралаан…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Суоттулар БАМ тутуутугар

Сэбиэскэй Сойуус саҕана үйэ тутуутунан ааттаммыт Байкал-Амур тимир суол магистралын тутуу саҕаламмыта быйыл 50 сылын…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саамай көхтөөх кыттааччы — Вова Степанов

Бүлүүгэ ыытылла турар "Бүлүүлүү оһуохай дуорайдын" күрэскэ Бүлүү, Ньурба улууһуттан оскуола үөрэнээччилэрэ кытта сылдьаллар. Кинилэр…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олоҕу ылынабын махталынан

Бу күннэргэ Ньурба улууһун киин бибилэтиэкэтэ "Үрүҥ торуоска" ыйын чэрчитинэн Ньурбатааҕы көрбөттөр уопсастыбаларыгар "Олоҕу ылынабын…

14 часов ago